Олунньу 23

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 54-с күнэ. Сыл бүтүө 311 күн (ордук хонуктаах сылга 312 күн) баар.

Бэлиэ күннэр


Түбэлтэлэр

  • Никомедияҕа баар христианнар таҥараларын дьиэтин урусхаллыырга бирикээстээбит, 8 сыллаах Диоклетиан сойуолаһыыта саҕаламмыт.
  • 532Византия импэрээтэрэ Юстиниан I Константинопольга саҥа православнай базиликаны — Айя-София собуорун — тутарга дьаһайбыт. Тутуу 5 сылтан ордук барбыт. Бу собуор билигин да Истанбулга баар, мэчиэт буолан турар.
  • 628Ираан Сасанидтартан сылдьар бүтэһик шааҕа Хосров II бөрүстүөлтэн түҥнэһиллибит.
  • У Цзэтянь импэрээтэр дьахтар бөрүстүөлтэн батыммыт, онон Тан династия сөргүтүллүбүт.
  • Гутенберг Библията бэчээттэммит күнүнэн ааҕыллар. Бу арҕаа дойдуларга таҥыллар бичигинэн бэчээттэммит бастакы кинигэ этэ.
  • Эмиль Золя Франция салалтатын антисемитизмҥа буруйдаан аатырбыт J'Accuse…! («Буруйдуубун...!») суругун суруйбутун иһин хаайыыга быраҕыллыбыт.
  • 1905Чикаго куоракка (АХШ) юрист Поль Перси Харрис бастакы Ротари кулуубун олохтообут.
  • 1925Кыыс сулуута көннөрү быраап (обычное право) института буоларын быһыытынан Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) "Саха АССР-га кыыс сулуутун (кийиит төлөбүрүн) бобор туһунан" уураах таһаарбыт.
  • 1926Дьокуускайга Саха национальнай байыаннай оскуолата (ЯНВШ) аһыллыбыт. Бу Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибит оскуола алын сүһүөх хамандыырдары 1927 сылтан 1941 сыллаахха диэри бэлэмнээн таһаартаабыта.
  • 1941 — Гленн Т. Сиборг аан бастаан Плутоний элэмиэни ылбыт.
  • 1943Новгород уобалаһыгар баар Ильмень күөлүн мууһунан кимэн киирэн испит 19-с хайыһар биригээдэтэ ньиэмэс авиациятын күүстээх саба түһүүтүгэр түбэспит. Биир күн иһигэр биригээдэ киһитин 30%-ын сүтэрбит. Манна элбэх саха буойуна фроҥҥа саҥа кэлэн бастакы кыргыһыыларыгар охтубуттара. Ол да буоллар, икки күнүнэн, олунньу 25 күнүгэр, 19-с бригада атын хайысханнан кимэн киириигэ бастакытын ситиһиилэммитэ биллэр.
  • 1944Сэбиэскэй Сойуус 500 тыһыынча чэчиэн уонна ингуш дьонун дойдуларыттан Хотугу Кавказтан Орто Азияҕа депортациялаан саҕалаабыт. Чечен-Ингуш АССР эһиллибит.
  • 1945Аан дойду иккис сэриитэ:
    • Филипиин киин куоратын Маниланы холбоһуктаах Филипиин уонна АХШ сэриилэрэ босхолообуттар.
    • Сэбиэскэй уонна Польша сэриилэрэ Познань куораты босхолообуттар. Ньиэмэс гарнизона бэриммит.
    • Пфорцхайм диэн ньиэмэс куоратын Британия 379 бомбардировщига урусхаллаабыт.
  • 1947Стандартизацияҕа дойдулар ардыларынааҕы тэрилтэ (ISO) төрүттэммит.
  • Роза Отунбаевалыын кэпсэтэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха ССР ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай кэмитиэтэ тэриллибит: тэрийэр сиэссийэ ыытыллыбыт, Михаил Николаев бэрэстээтэлинэн талыллыбыт. Ыам ыйыгар Андрей Борисов салайааччылаах өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтэ Парижка ЮЕНСКО штаб-квартиратыгар сылдьыбыта, баһылыгын Федерико Майордуун көрсүбүтэ. Мантан ыла өрөспүүбүлүкэ култуураҕа бөдөҥ тэрээһиннэрэ ЮНЕСКО эгидатынан ыытыллар буолбуттара.
  • 1999Туурсуйаҕа куурд өрө турааччыларын баһылыга Абдулла Оджалан таҥнарыахсытынан биллэриллибит.
  • 2018Берлиннээҕи киинэ бэстибээлигэр "Ага" диэн сахалыы киинэ премьерата буолбут. Режиссер — Милко Лазаров (Болгария).

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр