Олунньу 8

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 39-с күнэ. Сыл бүтүө 326 күн (ордук хонуктаах сылга 327 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Арассыыйа билимин күнэ
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Байыаннай топограф күнэ
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Ойох тахсарга тыл көтөҕүү күнэ. Тапталга билинэллэр, сибэкки бэлэхтииллэр
  • Хотугу КэриэйэFlag of North Korea.svg Хотугу Кэриэйэ — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • СловенияФранс Прешерн 1849 сыллаахха өлбүт күнүгэр судаарыстыба бэлиэтиир күнэ. 1991 сыллаахтан өрөбүл
  • Илин Азия — Паринирвана, эбэтэр Нирвана күнэ, буддистар бэлиэтииллэр. Сорохтор бүгүн, сорохтор олунньу 15 күнүгэр бэлиэтииллэр. Бу күн үһүйээн быһыытынан Будда паринирванаҕа киирбит, ол эбэтэр этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ толору нирванаҕа

Түбэлтэлэр

  • Констанций III Арҕаа Рим импиэрийэтин хос ыраахтааҕыта буолбут.
  • 1238 — Монгуоллар нуучча куоратын Владимиры уоттаабыттар.
  • Сэттис кириэстээх бохуот: крестоносецтар Айюбидтар сэриилэрин кытта Аль-Мансур аттыгар кыргыспыттар.
  • Византия 1341–1347 сс. кырасдааныскай сэриитэ түмүктэнэн, Иоанн VI Кантакузен уонна Иоанн V Палеолог былааһы үллэстэргэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • 1807 — икки күннээх кыргыһыы кэнниттэн Беннигсен баһылыктаах нууччалар уонна Л'Эсток баһылыктаах пруссактар Наполеон баһылыктаах боронтуустарга Эйлау аттыгар хотторбуттар.
  • 1837 — Санкт-Петербург кытыытыгар нуучча улуу бэйиэтин Александр Пушкин уонна Жорж де Геккерн (Дантес) ыккардыларыгар дуэль буолбут. Дуэляннар бистэлиэтинэн ытыспыттар, түмүгэр Пушкин улаханнык бааһырбыт уонна икки хонон баран өлбүт.
  • 1904 — Араҕас байҕал кытылыгар баар Порт-Артур (билигин Далянь куоратын сирэ) тас эриэйдигэр турар Арассыыйа эскээдэрэтигэр дьоппуоннар соһуччу саба түспүттэр. Арассыыйа-Дьоппуон сэриитэ саҕаламмыт.
  • Петр Столыпиҥҥа хоту олохтоохторун туһунан улахан оччуот суруйбута.
  • 1918
    • Владимир Ленин Совнарком ылыммыт халандаары уларытар туһунан дэкириэтигэр илии баттаабыт.
    • Тибилиситээҕи үнүбүрсүөт олохтоммут — Грузия саамай кырдьаҕас үрдүк үөрэҕин кыһата.
  • Совнаркомун «Кэми аан дойду систиэмэтинэн ааҕыы туһунан» дэкириэтэ тахсыбыт.
  • РСФСР норуодунастарын Коллегиятыгар Саха салаата аһыллыбыт.
  • 1931 — Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ииндийэ саҥа киин куората Саҥа Дели аһыллыбыт.
  • 1942Аан дойду иккис сэриитэ: Япония Сингапурга саба түспүт.
  • 1945
    • Аан дойду иккис сэриитэ: Британия уонна Канаада Рейн арҕаа кытылын ылар эпэрээһийэ саҕалаабыттар.
    • Михаил Девятаев тоҕус сэбиэскэй билиэннэйдэри кытта Пенемюнде лааҕыртан "Хейнкель He 111" сөмүлүөтүнэн күрээбит.
  • 1960 — Голливудка «Айхал аллеятыгар» бастакы 8 сулус олордуллубут.
  • 1971 — Америкаҕа NASDAQ биирсэтигар атыы-эргиэн саҕаламмыт. Билигин бу биирсэҕэ үрдүкү технологиялаах хампаанньалар аахсыйалара атыыланаллар.
  • 1977 — Бүтүн Сойуустааҕы эстэрээдэ артыыстарын күрэһигэр Бүөтүр Пестряков лауреат буолбут.
  • 1984 — Эбэлээххэ Анаабыр сиригэр бастакы алмаас хостоммут.
  • Туймаада Даймонд" аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба тэриллэрин туһунан Саха ССР миниистирдэрин сэбиэтин 68№ уурааҕа тахсыбыт. Салайааччынан Георгий Яковлев анаммыт.
  • Солт-Лейк-Ситигэ XIX кыһыҥҥы алымпыйаада аһыллыбыт. Джордж Буш арыйбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр