Ыам ыйын 13
Ыам ыйын 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 133-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 134-c күнэ). Сыл бүтүө 232 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Бразилия — Претос Велхос бэстибээл — 1888 сыллаахха дойдуга кулуттааһыны суох гыммыт Көмүс сокуон ылыллыбыт күнэ
- Колумбия — Сибэтиэй Мария күнэ
- Конго Өрөспүүбүлүкэтэ, Нигерия — Гарланд күнэ
- Ротума, Фиджи — Ротума арыы күнэ. Бу Фиджи судаарыстыбатыгар киирэр кырачаан арыыга 2 тыһыынча туспа тыллаах ротума омуга олорор, Фиджи атын сирдэригэр эбии 10 тыһыынча Ротуматтан төрүттээх дьон олороро биллэр.
Түбэлтэлэр
- 1598 — Нуучча сыаркаба Борис Годунову Москуба улуу судаарыстыбатын ыраахтааҕытынан билиммит.
- Джунгария баһылыгын Галдан Бошогту 5 тыһыынча киһилээх аармыйатын Тэрэлж үрэх (Керулен өрүс салаата, билигин хотугу Монголия) аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Кыргыһыы кэмигэр ойрааттар хааннарын өлүүттэн ойоҕо Ану Хатын өстөөхтөрү утары кимэн киириини тэрийэн быыһаабыт, ол эрээри бэйэтэ кыргыһыыга өлбүт. Бу кыргыһыы кэнниттэн ойрааттар өрүттүбэтэхтэрэ, Халха сирин бүтүннүүтүн (Гоби кумах куйаарыттан соҕуруу сытар сирдэр, билиҥҥи Монголия) манчжуурдар баһылаабыттара.
- 1846 — АХШ Техас штааты былдьаһан Миэксикэҕэ сэриини биллэрбит. Бу сэрии түмүгэр билиҥҥи Калифорния, Нью-Мексико, Аризона, Невада уонна Юта штааттар сирдэрэ уонна Техас АХШ састаабыгар киирбиттэр.
- 1888 — Бразилияҕа Lei Áurea («Көмүс сокуон») ыланнар кулуттааһыны суох оҥорбуттар.
- 1918 — Арассыыйаҕа оробуочайдары, аармыйаны, дьадаҥылары аһынан хааччыйар соруктаах Аска-үөлгэ диктатура саҕаланар. Ону аныыр ВЦИК уонна совнарком дэкириэттэрэ тахсыбыт.
- 1925 — ССРС Сэбиэттэрин III сийиэһэ аһыллыбыт.
- 1934 — ССРС суруйааччыларын сойууһун бастакы мунньаҕар Максим Горькайга бастакы нүөмэрдээх билиэт туттарыллыбыт.
- 1945 — штурмовик сөмүлүөккэ сулууспалаабыт таба ытарынан биллибит стрелок-радист Иннокентий Колесов эдьиийигэр Суоттуга сурук суруйбут, Кыһыл Сулус, Албан Аат III степеннээх уордьаннарынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын кэпсээбит. Аҕыйах хонон баран кыргыһыыга өлбүт.
- 1980 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ икки киһиэхэ туттарыллыбыт: "Былыргы Бүлүү уоттара" оратория ааптарыгар композитор Николай Берестовка уонна опера ырыаһытыгар Иван Степановка.
- 1986 — ССРС киинэ устааччыларын V сийиэһэ аһыллыбыт, бастакы сэкиритээринэн режиссёр Элем Климов талыллыбыт. Урут бобуулаах киинэлэр көстөр буолбуттар.
- 1989 – Пекиҥҥэ устудьуоннар бөдөҥ бөлөхтөрө Тяньаньмэнь болуоссакка мустан утарсыы аччыктааһынын саҕалыыллар.
- 1992 — Риим Паапата Иоанн Павел II Ыарыһах күнүн бэлиэтииргэ ыҥырбыта. Бу күн онтон ыла сыл ахсын олунньу 11 күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута.
- талҕа буолбутун түмүгэр Бангладешка 600-тэн тахса киһи өлбүт.
- 1998 — Джакартаҕа (Индонезия) бөдөҥ дьалхаан кэмигэр олохтоох кытайдар маҕаһыыннарын халаабыттар, дьахталларын күүһүлээбиттэр.
- 2000 — Арассыыйаҕа федеральнай уокуруктар тэриллибиттэр.
- 2005 — Узбекистан Андижан куоратыгар сэбилэниилээх өрө турууну хам баттааһыҥҥа тыһыынчаҕа тиийэр киһи өлбүт. Өрө туруу төрүөтүнэн куорат 23 урбаанньытын экстремизмҥа буруйдаан хаайыы буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1859 — Кэтт Марсден — араҥ ыарыыны утары охсуспут, XIX үйэ бүтүүтүгэр Саха сиригэр кэлэ сылдьан Бүлүүтээҕи лепрозорийы арыйбыт Англия дьахтара.
- 1922 — Орто Бүлүү улууһун Өргүөтүгэр (билигин Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгэ) Николай Степанов (1992 өлб.) — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. Пулеметчик Украина, Молдова, Румыния, Югославия, Венгрия, Австрия уонна Чехословакия босхолооһуннарыгар кыттыбыт. Соҕуруу Бууг өрүһү туорааһыҥҥа хорсун быһыытын иһин дьоруой аатыгар түһэриллибит, ол эрээри докуомуоннара сүтэн, наҕараадатын ылбакка хаалбыт. 1990 сыллаахха Кириэмилгэ баран бэйэтэ туппута.
- 1925 — Кириэс-Майыар нэһилиэгэр (билигин Абый улууһа) Николай Абыйчанин — суруйааччы
- 1946 — Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр уустук дьылҕалаах бэйиэт Варвара Потапова төрөөбүтэ (1979 өлб.)
Өлбүттэр
- 1930 — аатырбыт айанньыт Фритьоф Нансен. Хотугу Полюска айаннарынан ордук биллэр эрээри, дьиҥэр бөдөҥ учуонай уонна элбэх үтүөнү оҥорбут гуманист диэйэтэл этэ. Норвегия тутулуга суох буолуутун туруорсубута, Сэбиэскэй Арассыыйаны атын дойдулар билинэллэригэр элбэх сыратын уурбута, Волгаҕа хоргуйуу буолбутугар Европаттан көмө тэрийбитэ. Аан дойду бастакы сэриитин кэнниттэн тыһыынчанан дьону дойдутугар төннөрбүтүн, күрээбит дойдуларыгар олохсуйарга көмөлөспүтүн, дьылҕатын тупсарбытын иһин 1922 с. Нобель Эйэҕэ бириэмиэйтин ылбыта.
|