Ыам ыйын 6

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйын 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 126-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 127-c күнэ). Сыл бүтүө 239 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Сүөһү иитэр сорох түүрдэргэ бүгүн Хыдыр күнэ (Хедерлез, Хыдырэллэс, Хыдырез) — кыһыҥҥы дьыл түмүктэнэн, сайыҥҥы дьыл саҕаланар. Бу күн хой оҕотун сииллэр, кутаа үрдүнэн ойуоккалыы оонньууллар, сүөһү маныыһыттарын кытта сөбүлэҥ түһэрсэллэр.
  • Бу күн Саха сирин киин улуустарыгар эрдэлээбит кус кэлэр.
  • Антигуа уонна БарбудаFlag of Antigua and Barbuda.svg Антигуа уонна Барбуда — Үлэ күнэ
  • БолгарияГеоргий Победоносец күнэ (Аармыйа күнэ)
  • ГабонFlag of Gabon.svg Габон, ЛиванFlag of Lebanon.svg Ливан, СирияFlag of Syria.svg Сирия — Толук буолбут дьон күнэ
  • ГрузияFlag of Georgia.svg Грузия — Георгий Победоносец күнэ, Полиция күнэ
  • ПортугалияFlag of Portugal.svg Португалия — Азулежу
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Сиэстэрэ күнэ
  • ПилипиинFlag of the Philippines.svg Пилипиин — Албан аат күнэ
  • ЯмайкаFlag of Jamaica.svg Ямайка — Учуутал күнэ
  • Аан дойдуга диетата суох күн

Түбэлтэлэр

  • 1527Испания уонна Германия сэриилэрэ Риими халаабыттар, үгүс учуонайдар бу күнү Барҕарыы кэмэ түмүктэниитинэн ааҕаллар.
  • инкалар төгүрүктээбиттэр, төттөрү ыла сатаабыттар.
  • 1626 — Голландия колониһа Питер Минуит индеецтэртэн Манхэттен арыыны атыыласпыт. 1664 сыллаахха арыыны англичаннар баһылаабыттара, манна тутуллубут дьиэлэртэн саҕалаан Нью-Йорк куорат төрүттэммитэ.
  • Речь Посполита ыккардыгар эйэ түһэрсиллибит.
  • 1782
    • Таиланд хоруолларын резиденцията Улахан Уораҕай тутуллуута саҕаламмыт.
    • Арассыыйаттан Грузияҕа барар бастакы суол аһыллыбыт.
  • 1877 — Иирбит Сылгы диэн оглала-лакота биис-уустар баһылыктара Небраскаҕа АХШ сэриилэригэр бэриммит.
  • 1881 — Арассыыйа импиэрийэтэ Ахал-Текин сирин бэйэтигэр холбообут (аныгы Туркменистаан сорҕото).
  • Аан дойдутааҕы быыстапка аһыллыбыт. Манна анаан Эйфель башня туппута, быыстапка кэнниттэн суох гынар былааннаахтара.
  • туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • 1906 — Арассыыйа 1906 сыллааҕы конституцията ылыныллыбыт (юлиан халандаарынан муус устар 23 күнэ этэ).
  • Реюньон арыыга көскө ыытыллыбыта.
  • Автономная Якутия» хаһыакка Өксөкүлээх Өлөксөй «Грядущая гидра (О предстоящей засухе)» диэн ыстатыйтата тахсыбыт.
  • 1937Нью-Йорк аттыгар «Гинденбург» дирижабль (Германия) умайбыт. Бу саахал кэнниттэн дирижабльлары дьону таһарга туттуу тохтообута.
  • 1941Иосиф Сталин Совнарком бэрэстээтэлэ буолбут. 1930 сыллаахтан Рыков уһуллубутун кэннэ бу дуоһунаска Молотов олорбута, ол эрээри дойду дьиҥ салайааччыта син биир Сталин (баартыйа киин кэмитиэтин сэкирэтээрэ) этэ.
  • 1942Аан дойду иккис сэриитэ: Филиппин арыыларын баһылыырга сүрүн суолтаны ылбыт Коррехидор иһин кыргыһыыга дьоппуоннар АХШ сэриилэрин кыайбыттар, 11 тыһыынча АХШ уонна Филиппин саллаата билиэн түбэспит.
  • 1944 — Саха сиригэр бортпроводниктар сулууспалара төрүттэммит. «Красноярскай — Уэлькаль» салгын траассатын солбуйааччы начаалынньыга К. Ефимов бирикээһинэн стюардессалар дуоһунастарын киллэрбит уонна кинилэргэ аналлаах инструкцияны бигэргэппит.
  • Ла-Манш аннынан Улуу Британияны уонна Францияны холбуур Евротоннель аһыллыыта.
  • 1998Стив Джобс (Apple Inc.) бастакы iMac көрдөрбүт.
  • 2001 — Устуоруйаҕа бастакынан Римскэй папа (Иоанн Павел II) мусульмааннар мэчиэттэригэр сылдьыбыт.
  • 2002Илон Маск SpaceX тэрилтэни төрүттээбит.

Төрөөбүттэр

  • 1758 — Франция өрөбөлүүссүйэтин диэйэтэлэ Робеспьер.
  • 1856 — Психоанаалыһы төрүттээбит быраас Зигмунд Фрейд.
  • Владимир Этуш, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, педагог («Кавказская пленница», «Иван Васильевич меняет профессию»).
  • 1941 — Римма Гаврильева (06.05.1941—15.07.2003) — саха былыргы таҥаһын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • 1985 — Гаврил Андросов — бэйиэт, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, "Чолбон" сурунаал тутаах эрэдээктэрэ.

Өлбүттэр

  • Виктор Драгунскай (1913 төр.), оҕо сэбиэскэй суруйааччыта.
  • 1992Марлен Дитрих (1901 төр.), ньиэмэс уонна АХШ артыыһа уонна ырыаһыта, секс-символ.
  • 2004 — Нам Хатырыгыттан төрүттээх дьоһуннаах худуоһунньук Иннокентий Пестряков (19.07.1962 төр.).
  • А. Балабанов бэйэтин киинэлэригэр сөбүлээн устар артыыһа этэ (Кочегар, Груз 200, Американец).