Атырдьах ыйын 31

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 243-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 244-c күнэ). Сыл бүтүө 122 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Белуджа уонна пуштун омуктар сомоҕо күннэрэ (аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр)
  • Ахтыы суруйуу күнэ. Виктория Твид уонна Алан Паркс диэн мемуарист суруйааччылар "Мемуары сөбүлүүбүт" диэн ааттаан мемуаристиканы сөбүлүүр дьон алтыһар бөлөҕүн 2013 сыллаахха төрүттээбит күннэригэр бэлиэтэнэр.
  • КыргыстаанТутулуга суох буолуу күнэ
  • МалайзияТутулуга суох буолуу күнэ (ааҥл. Hari Merdeka)
  • МолдавияFlag of Moldova.svg Молдавия — Дойду тылын күнэ
  • РумынияFlag of Romania.svg Румыния — Румын тылын күнэ
  • ПольшаFlag of Poland.svg Польша — Сомоҕолоһуу уонна Көҥүл күнэ
  • Тринидад уонна ТобагоТутулуга суох буолуу күнэ
  • УзбекистанFlag of Uzbekistan.svg Узбекистан — Репрессиялар сиэртибэлэрин ахтан ааһар күн
  • АрассыыйаАрассыыйа бэтэринээрин күнэ.

Түбэлтэлэр

  • 1056 — Аҕыйах хонук ыалдьаат Византия ыраахтааҕыта Феодора өлөн хаалар, оҕото суох буолан македон династия кининэн быстар.
  • Москуба княжествота уонна Осмаан импиэрийэтэ бастакы эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр.
  • Австро-Венгрия уонна Италия Үс өрүттээх союзтарын утары холбоспуттара. Сотору кэминэн бу икки бөлөх Аан дойду бастакы сэриитигэр харсыспыта.
  • 1914Германияны утары сэрии саҕаламмытын кэннэ Санкт-Петербург ньиэмэстии аатын Петроград диэҥҥэ уларыппыттар.
  • 1935 — Стаханов рекорд олохтообут — биир симиэнэҕэ (5 чаас 45 мүнүүтэ) 102 туонна таас чоҕу хостообут, нуорманы 14 төгүл куоһарбыт.
  • 1939Сэбиэскэй Сойуус уонна Япония ыккардыгар Монголияҕа Халхин-Гол өрүскэ буолбут сэрии түмүктэммит.
  • 1944 — Сэбиэскэй сэриилэр Румыния киин куоратыгар Бухарестка киирбиттэр.
  • 1947 — Лётчик-испытатель Павел Володин Ан-2 көтөр аал бастакы прототибын халлааҥҥа көтүппүт.
  • 1952Хельсинкигэ Саахымат олимпиадата түмүктэммит. Манна бастакытын кыттыыны ылбыт ССРС хамаандата кыайыыны ситиспит. Аныгыскы 40 сыл тухары ССРС биирдэ эрэ чөмпүйүөн аатын сүкпэтэҕэ. Ону таһынан 2012 сыллаахха диэри өрүүтүн урукку Сэбиэскэй сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ эрэ кыайаллар этэ.
  • Арҕаа Германия Мюнхеныгар Олимпийскай оонньууларга Дмитрий Коркин иитиллээччитэ Роман Дмитриев көҥүл тустууга кыһыл көмүс мэтээли ылбыт.
  • Солидарность» профсоюз олохтоммут. Бу тэрилтэ икки сылынан бобуллубута эрээри кистэлэҥ уопсастыбаҕа кубулуйбута уонна 1989 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. 1989-1990 сылларга дойдуга эйэлээх өрөбөлүүссүйэни оҥорбута.
  • Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.
  • 1991 — Кыргыстаан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1993 — Арассыыйа Литваттан бүтэһик сэриилэрин таһаарбыт.
  • 1994 — Арассыыйа Эстонияттан бүтэһик сэриилэрин таһаарбыт.
  • Уэльс принцессата Диана уонна кини доҕоро, Египет баайа Доди Аль-Файед массыына саахалыгар өлбүттэр.
  • 1999 — Арассыыйаҕа биир ый иһигэр буолбут хас да терактан бастакылара буолбут, Москубаҕа "Охотнай ряд" эргиэн киинигэр эстии түмүгэр биир киһи өлбүт, түөрт уонча киһи дэҥнэммит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1867 — Шарль Бодлер — бэйиэт уонна критик, Франция уонна аан дойду литэрэтиирэтин кылаассыга.
  • 1929 — Михаил Мегежекскай — Саха сиригэр Сэбиэт былааһын олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха АССР судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
  • 1941 — Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ.
  • Вестерн киинэ жанрын биир уhулуччулаах ууhа. Бастыҥ режиссер иhин түөрт Оскар (1935, 1940, 1941, 1952) соҕотох кыайыылааҕа.
  • 1994 — Алексей Михайлов — бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин хандьыдаата.
  • 1995 — Анна Егорова — саха ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера.