Рим империята

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:Map of the Roman Empire at its height.svg
Рим Империята ордук улааппыт бириэмэтигэр, биһиги эрабыт 117 сыла
Рим Империята араас бириэмэтэ

Рим империята (империята буолар, киин куората Рим этэ уонна Средиземнай муора кытыытыгар сытара. Империя ааҕыллар бириэмэтэ Октавиан 27 сыллаахха буолбутуттан ааҕыллар.

Былыргы Рим бириэмэтиттэн империя буоларыттан үһүс кэрдиинэн ааҕыллар. Рим бастаан хоруолларынан, онтон республиканан, онтон императорынан салайыллар этэ.

Рим империятыгар киирэ сылдьбыбыт дойдулар киэҥ сиргэ сыталллар, ол курдук билиҥҥи Британия, Испания, Португалия, Франция, Италия, Греция, Турция, Германия, Египет, уонна Африка хоту кытыыта. Рим империятын тыла - Латыын тыла этэ.

Рим империятын арҕаа өттө 500 сыл курдук турбута, онтон илин өттө тыыһынча сыл курдук турбута. Илин өттүн Византия диэн ааттаах этэ уонна киин куоратынан Константинополь этэ.

Империянан салайыллыы

Маннык улахан дойдунан салайарга сокуон уонна салайыы туһунан элбэх идеяларын киллэрбиттэрэ. Ол бириэмэтээҕи армиялартан ордук сайдыбыт армия этэ, уонна салайыыны күүһүнэн ылалларар. Куораттары, суоллары, биллэр тутуулары, муосталары туппуттара. Империя хас даҕаны провинциаларга арахсара, хас провинция аайы бэйэтин салайааччылаах уонна армиялаах этэ. Римы кытта официальнай уонна чааһынай суругунан билсэллэр этэ.

Атыы эргиэн Римҥа олус улахан суолталаах этэ, Рим аан дойдуга ордук улахан куорат этэ, мөлүйүөнтэн тахса киһи олороро. Египеттан бурдугу, Британияттан хорҕолдьуну, Гаультан винограады ылара, ол гынан баран варвар племяларыттан хаххалыыра уонна үөрэҕириини уонна эдэр дьоҥҥо Рим армиятыгар үлэни биэриэн сөбө.

Императордар былаастара абсолютнай этэ. Кинилэргэ быһаарыыны таһаарарга Рим Сенаата баара. Онно араас тутаах боппуруостары быһаараллара.

Хоруоллар уонна императордар биир улахан проблемалара диэн кинилэр өлбүттэрин кэнниттэн ким былааска кэлэрэ буолара. Хоруолларга сүнньүнэн ордук улахан уолларыгар былааһы биэрэр буоллахтарына, Рим императордара иитийэх оҕоҕо былааһы биэрэллэрэ. Үтүөлэр дьиэ кэргэннэрин быыстарыгар талааннаах эдэр киһини буллаахтарына ол уолу иитиигэ ылара. Өлүөн иннинэ ким былааска кэлиэхтээҕин Рим консула оҥорон биллэрэрэ уонна кэриэс тылыгар ааттааммыт уол император буолуохтаах диэн биллэлэрэ. Сороҕор оннук ньыма үлэлиирэ, сороҕор табыллыбат этэ, Сотору-сотору трону ылыах дьон быыстарыгар гражданскай сэрии саҕаланааччыта.

Иитиийээх уол императорга талыытын элбэтэрэ, тоҕо диэн сорох императордарга оҕолоро суох этилэрэ, сорох уоллаттара кыргыһыыларга эбэтэр ыарыылартан өлбүттэрэ.

Рим империята атын дойдулары кытта элбэх сэриилэри ыыппыта, уонна олус кутталлаах спорт көрүҥнэри көрөллөрө.

Рим империята дьон туттар дьиэлэрин тутара, ол курдук ууну ааһар акведуктар, таас муосталары уонна суоллары, билиҥҥигэ дылы бааллар. Цицерон уонна Вергилий курдук элбэх биллэр Рим суруйааччылара бааллара.

Библия саҥа заветыттан Иисус Христос бириэмэтигэр Римнар тустарынан кэпсиир. Ол биримэҕэ Рим империята язычниктар этэ. Ол кэнниттэн сорох императордар Христианствоны утараллара, охсуһа сатаабыттара. 312 сыллаахха Галерий император Христианствоны итэҕэйэргэ көҥүлүн биэрбитэ, онтон аныгыскы сылга Константин I император буолбута уонна Христианствоны ылыммыта.

Рим куората хаста даҕаны варвардар ыла сылдьыбыттара, ордук биллэр ылыылара - 410 сыллаахха Готтар куораты ылбыттара уонна алдьата сатаабыттара.

Рим империятын харчыта динар диэн аттанара.

Рим историята

Республикаттан Империяҕа көһүү

Республиканы биһиги эрабыт VI үйэтин иннинэ олохтуоҕуттан ылата Рим баһылыыр сирин кэҥэтиитин саҕалаабыт, ол эрээри биһиги эрабыт иннинээҕи III үйэҕэ диэри Италия тумул арыытын таһыгар тахсыбакка сылдьыбыт. Оччотооҕу кэмҥэ императорданыан быдан иннинэ "империянан" (ол эбэтэр улуу судаарыстыбанан) ааҕыллыан сөп. Рим республиката билиҥҥи өйдөбүл курдук национальнай судаарыстыба буолбаккаҕа бэйэлэрин иһигэр бэйэлэрэ дьаһанар куораттар мустубут ситимнэрэ  (Рим сенатыттан араас-араас тутутулуктаах)  уонна сэрии сирдьиттэрэ дьаhайар провинциялара буолаллар. Олору императордар буолбаккаҕа сыллата талыллар магистраттар (бастатан туран Рим консуллара) сенаты кытта бииргэ дьаһайаллар. Биһиги эрабыт иннинээҕи I үйэҕэ элбэх төрүөтүнэн политика уонна сэрии өттүнэн айманыы, бүтэһик уһугар императордар дьаһайыыларыгар тиэрдэр кэмэ буолар. Консуллар диэн сэрии дьоно дьаһайыылара Рим "империум" диэн өйдөбүлүгэр олоҕурбут дьону хааччахтыыр дьаһалга олоҕурбут, ол аата үксүгэр сэрии өттүнэн салайыы. Император, ол аата салайааччы, диэн дьон сүгүрүйэр аатын сороҕор сатабыллаах консулларга  биэрэллэр уонна ити тылтан император, империя  өйдөбүл үөскүүр тоҕо диэтэр ити аатынан элбэх атын ааттары кытта маҥнайгы императордар бүрүстүөлгэ олороллоругар ааттаналлар эбит.

Биһиги эрабыт II үйэтэ бүтүөҕүттэн ылата өр кэмҥэ Рим бэйэ бэйэлэрин кытта атааннаһыыларыттан, иирсээннэриттэн, күөн көрсүүлэриттэн, бэрт былдьаһыыларыттан сылтаан, баһаам элбэх кыргыһыылары, кыдыйсыылары ааһар, ити кэмҥэ Италияттан тахсан бэрт элбэх сирдэри баһылаатар даҕаны. Ити кэм Рим республикатын кризиһа буолар. Ити кэм бүтүөн иннинэ биһиги эрабыт иннинээҕи 44 сыллаахха Юлий Цезарь өлөрүллүөн иннинэ төһө эрэ кэмҥэ уларыйбат муҥутуур тойон буола сылдьар. Кинини өлөрбүт өлөрүөхсүттэр түмсүүлэрин Римтан үүрэллэр уонна биһиги эрабыт иннинээҕи 42 сыллаахха Марк Антоний уонна Цезарь иитиэх уола, Октавиан Август, Филиппы куорат аттыгар буолбут кыдыйсыытыгар кинилэри хотоллор.  Рим эйгэтэ Марк Антоний уонна Октавиан Август икки ардыларыгар үллэриллибитэ уһаабатаҕа, биһиги эрабыт иннинээҕи 31 сыллаахха Акций диэн ааттаах тумул аттыгар буолбут кыргыһыыга Марк Антоний уонна Клеопатра күүстэрин Октавиан күүстэрэ хоппуттара, үрүө-тараа ыспыттара. Биһиги эрабыт иннинээҕи 27 сыллаахха Рим омуга уонна сената Октавианы принцепс ("маҥнайгы гражданин") уонна империя проконсула диэн ааты сүктэрэллэр, сити курдук принципаты саҕалаабытынан киирэн бараллар (Рим империятааҕы историятын маҥнайгы кэрдиис кэмэ үксүгэр  биһиги эрабыт иннинээҕи 27 сылыттан биһиги эрабыт 284 сылыгар диэри диэн ылыналлар), "Август" ("Ытыктыыр киhибит") диэн ааттыыллар.

Pax Romana

Август баһылаан-көһүлээн олоруоҕуттан ылата 200 сылы Pax Romana ("Рим эйгэтэ") диэн өйдүүллэр. Ити кэмҥэ дьону бииргэ түмүүгэ Римҥэ урут хаһан да буолбатах дьон-сэргэ нус-хас, байылыат олоҕо сабыдыаллаабыт. Провинцияларга салайааччыны утары өрө туруулар сэдэхтэр уонна үөскээтэхтэринэ "бэрт түргэнник уонна харса суох" хам баттаналлар. Август бэйэтин удьуордарын салгыы салайааччы быһыытынан хаалларыаҕын кини бэйэтин үйэтэ дьиҥ талааннаах оҕолорунааҕар уһаабыта онно ситиһиитин хааччахтаабыт. Юлийдар-Клавдийдар династиялара түөрт императордар, Тиберий, Калигула, Клавдий, Нерон, саҕана баар буола сылдьыбыт, онтон кэлин, биһиги эрабыт 69 сылыгар, Түөрт император атааннаһыытын сылыгар, иирсээн кыайыылааҕар, Веспасиаҥҥа, туораан биэрбиттэр. Веспасиан кылгас кэмҥэ салайбыт Флавийдар династияларын төрүттээччи буолбут, онтон "биэс амарах" императордары, Нерва, Траян, Адриан, Антонин Пий, бөлөһүөккэ дьоҕурдаах Марк Аврелий, үөскэппит Нерва-Антонин династията баһылаан-көһүлээн олорбут.

Арҕаа сууллааһына уонна Илин салгыы ордон хаалыыта

Оччотооҕу кэми эт хараҕынан көрбүт грек историгын, Дион Кассий, этэринэн, биһиги эрэбыт 180 сылыгар Коммод император салайааччы буолуута "кыһыл көмүстэн оҥоһуллубут дойдуттан тимир уонна дьэбин дойдутугар кубулуйуу кэмэ буолбут" - биллэр этии, ол иһин сорох историктар, ордук Гиббон диэн историк, Коммод салайан олорбут кэмин  Рим империятын кэхтиитэ саҕаланыытын кэмэ диэн өйдүүллэр.

Биһиги эрабыт 212 сылыгар, император Каракалла баһылаан-көһүлээн олорорун саҕана, көҥүл төрөөбүт дьоҥҥо барыларыгар Рим гражданнарын аатын бэлэхтээбиттэр. Төһө да итинник дьону манньытар уураах таһаардаллар, Север династиятын кэмэ ытылҕаннаахтык ааспыт - император салайыыта кинини өлөрүүнэн эбэтэр өлөрүүгэ ыйаахтааһынынан түмүктэнэр, - кинилэр сыдьааннара эстибиттэрин кэннэ Рим империятыгар үһүс үйэ кризиһа, атын омуктар тоҕо ааҥнаан киирээһиннэрин кэмэ, дойду иһигэр атааннаһыы, иирсээн, харчыга быстаран өрө туруулар уонна чума ыарыы бүрүүкээбит.

История кэрдиис кэмнэрин ырытыыга ити кризиһы классическай античнай кэмтэн хойукку античнай кэмҥэ көһүү диэн өйдүүллэр. Аврелиан (салайбыт кэмэ 270-275 сыллар) империяны симэлийэр суолтан төнүннэрбит уонна нус-хас олоҕу олохтообут. Диоклетиан империяны чөлүгэр түһэрии үлэтин ситэрбит, ол эрээри принцепс буоларга баҕарбатах уонна домин, "иччи", "тойон", диэн ааттанар маҥнайгы император буолбут. Диоклетиан баһылаан-көһүлээн олорбут кэмигэр христианнар религияларын кутталлаах, алдьатыылаах буолуо диэн сабаҕалаан биир кэлимсэтик өрө туран утарыласпыт кэмнэрэ, "Улуу сойуолаһыы" кэмэ.

Диоклетиан империяны түөрт тус туһунан император, тетрарх, салайар дойдуларыгар үллэрбит. Атааннаһыыны отой төрдүттэн суох гынным диэн бигэ эрэнэн, Диоклетиан баһылыыр- көһүлүүр бүрүстүөлтэн бэйэтин баҕатынан туоруур, ол кэнниттэн тетрархия самнар. Кэмниэ кэнэҕэс айманыыта суох нус-хас олоҕу Улуу Константин чөлүгэр түһэрэр, кини маҥнайгы христианнар итэҕэллэрин ылбыт император буолар уонна дойду саҥа киин куоратынан Константинополы талар. Константин уонна Валетиниан династията уонча сыл баһылыктаан олорорун саҕана империя Константинополь уонна Рим диэн икки салайар кииннээх илин-арҕаа хайысханан арахсар. Мардоний диэн сүбэһитин тылынан классическай римнээҕи уонна эллинизм религиятын ылыммыт Юлиан баһылаан-көһүлээн олорбут кэмэ бэрт кылгас эрэ кэмҥэ христианнар итэҕэллэрин ылыммыт императордар удьуорданыыларын тохтотор. Илини, Арҕааны бүтэһигин холбуу салайбыт Феодосий I император, христианнар религияларын официальнай оҥорон баран, 395 сыллаахха өлөр.

Германецтар тоҕо ааҥнаан киирэллэрэ уонна көһөн кэлэн олохсуйуулара Рим кинилэри симэлитэр, суурайар күүһүн баһыйбыттарын кэннэ, V үйэ саҕатыттан, Арҕаа Рим империята үрэллэн киирэн барар. Рим дьоно бары сэриилээн саба түһэр омуктары барыларын кыайталыыра, олортон олус аатырбыттара Аттила буолар, ол гынан баран олус элбэх Римҥэ саарбах соҕус эрэллээх германецтар биистэрин бэйэтигэр суурайа, иҥэринэ сатаабыттарыттан империя үрэллиитэ саҕаламмыта. Хронологиялар үксүлэрэ 476 сылы Арҕааҥы Рим империята эстибит, сүппүт сыла диэн суруйаллар, Ромул Августул бүрүстүөлүн Одоакр диэн германецтар сэрииһиттэрин сирдьиттэригэр туран биэрбититтэн ыла.

Илиҥҥи императорга бэйэтэ бас билэр императорын талан ылыан оннугар бэйэтэ бас бэринэбин диэн Одоакр Арҕааҥы империяны суох оҥорбут. Зенон диэн илиҥҥи мператорга таах тылыгар эрэ бас бэриммитэ буолан, кини оннук гынар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ Италияны аҥардас бэйэтэ эрэ баһылыыр. Хойукку историктар ардыгар Византия империята диэн ааттыыр Илиҥҥи империялара Константин VII Палеолог баһылаан-көһүлээн олорбут кэмигэр диэри үйэтэ салгыы уһаабыт. Бүтэһик Рим императора ыам ыйын 26 күнүгэр 1453 сыллаахха Мехмед II "Сэриилээн ылааччы" уонна кини османнарын сэриитин кытта Константинополы төгүрүйэн тиһэх кимэн киириитигэр буолбут кыргыһыыга өлбүт. Мехмед II бэйэтин Кайсар-и-Рум диэн Рим империятын кытта ситимнээҕин биллэрэ сатаан ааттана сатыыр эбит.

Tас сигэлэр

Commons-logo.svg
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: