Христианство
Исус Христос | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Кыдьыга суох төрөтүү • Кириэскэ тиирии • Тиллии | ||||||||
Олохторо | ||||||||
New Covenant Апостоллар • Хоруоллук • Эвангелиум • Кэм кэрдииhэ | ||||||||
Библия | ||||||||
Кинигэлэр • Канон • Апокриф | ||||||||
Христиан теологията | ||||||||
Аҕа • Ытык Тыын) Теология историята • Аполегетика | ||||||||
Историята уонна үгэстэрэ | ||||||||
Эрдэтээҥҥи • Сүбэлэр • Үөрэх • Сорудахтар Улуу схизма • Кириэс сэриилэрэ • Реформация | ||||||||
Христианизм салаалара | ||||||||
| ||||||||
Христианизм топиктара | ||||||||
Тарҕатыы • Үҥүү • Экуменизм Атын итэҕэллэрдиин сыhыан • Хамсааhыннар Музыка • Литургия • Халандаар Бэлиэлэр • Дьоҕур • Сэмэлээhин |
Христианство эбэтэр Христианизм диэн биир таҥаралаах итэҕэл, Саҥа Кэриэскэ бэриллибит Исус олоҕун уонна үөрэтиилэрин тутуhар.
Сүгүрүйээччилэрин, христианнар, итэҕэйиилэринэн Иисус Таҥара уола уонна Мессия (сууттуу, батыhааччыларыгар мэлдьи бүппэт олоҕу бэлэхтии төннүөхтээх.
Абрам итэҕэлэ буолар. Аан бастаан Ром империятын сүрүн итэҕэлэ буолбута. Христианизм Орто Илиҥҥэ, Улуу география арыйыыларын кэмигэр, миссионердааhын уонна колонизация нөҥүө Америкаларга уо.д.а. аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта.
21 ү. саҥатыгар аан дойдуга 1.5 — 2.1 млрд кэриҥэ христиан баар.
Христианство салаалара
Никея куоракка Бастакы Аан дойдутааҕы Собуор итэҕэл сүрүн догмааттарын бигэргэппитэ. православие, киинэ Константинополь) уонна Арҕаа сыаркап (Риим). гуманизм уонна англиканство (католицизмҥа атыттардааҕар чугас), лютеранство уонна кальвинизм. Протестааннартан эбии хайдыылар сиэктэ хабааннаахтар, билигин 250-тан тахсалар
История
Эрдэтээҥи христианство
Былыргы христианство көрүҥнэрэ
Эрдэтээҥи христианство олус элбэх көрүҥнээҕэ христианнарбыт дэнэр дьон Таҥараларын үөрэҕэр көстөр. Иккис-үһүс үйэлэргэ биир Таҥараны итэҕэйээччилэр дьиҥэр кырдьык бааллара. Ол эрээри икки Таҥара баар диир дьон эмиэ бааллара. Сорохтор кинилэр отуттар дииллэрэ. Атыттар кинилэр ахсааннара 365 диэн этэллэрэ.
Иккис-үһүс үйэлэргэ Таҥара эйгэни айбыта диир христианнар бааллара. Сорохтор алыҥҥы ньүдьү-балай айыы бу эйгэни айбыта дииллэрэ (Тоҕо онтон атын бу сиргэ дьон эрэйи-муҥу көрсөрүй?) Онтон атыттар бу эйгэ айыллыыта Космос куйаарыгар үөскээбит алҕастааҕар куһаҕан абааһы көрөр, хара санаалаах айыы дьон кутун хабан ылан, сордуурга, ыарытыннарарга оҥорбут айата дииллэрэ.
Иккис-үһүс үйэлэргэ Дьэбэриэй Таҥаратын үөрэҕэ (Урукку кэриэс) биир дьиҥнээх Таҥаранан этитиллэн суруллубута диир христианнар бааллара. Сорохтор ити үөрэҕи Дьэбэриэй Таҥарата санаатынан салайтаран суруллубут, ол кинилэр Таҥаралара дьиҥнээх Таҥара буолбатах дииллэрэ. Атыттар итини киҥнээх айыынан этитиллэн суруллубут дииллэрэ. Атыттар этитиллэн суруллубут буолбатах дииллэрэ.
Иккис-үһүс үйэлэргэ Иисус Таҥара да буолар, киһи да буолар диир сорох христианнар бааллара. Атын христианнар Иисуһу аҥардас Таҥара эрэ курдук саныахтаахпыт, киһи курдук буолбатах дииллэрэ. Ону таһынан Иисуһу Таҥара кинини бэйэтин уолун курдук ылыммыт инчэҕэй эттээх киһи курдук эрэ өйдүөхтээхпит диир туспа христианнар бааллара. Ити этиллибиттэртэн туспа өйдөөх-санаалаах христианнар бөлөхтөрө өйдүүллэринэн Иисус Христос икки эттиктээх: Иисус диэн дьиҥнээх инчэҕэй эттээх киһи, Христос диэн үөһээҥи айыылартан төрүттээх, Христос өлүөр диэри үлэлиир-хамныыр аҕыйах кэмигэр кини этигэр-хааныгар холбоспуттар, үөрэтиитигэр уонна дьиктини көрдөрөрүгэр көҕүлээччи курдук сылдьыбыттар уонна ити кэнниттэн эрэйи-сору көрбөккө куотуммуттар.
Иккис-үһүс үйэлэргэ Христос өлөн бу эйгэни быыһаабыта диир христианнар бааллара. Ону таһынан Христос өлөөһүнэ Эйгэни быыһыыры кытта отой сыhыана суох диир христианнар бааллара. Сорох христианнар Христос хаһан даҕаны өлбөтөҕө дииллэрэ.
Сорох өйдөбүллэрин хайдах христианнар үөрэхтэрин курдук ылыныахха сөбүй? Хайдах сурукка тиһиллибит үөрэхтэрин көрбөтөхтөрөй? 365 Таҥара суоҕун билбэтэхтэрэй, дьиҥ Таҥара эйгэни айбыта диэни, эбэтэр Иисус өлбүтэ диэни? Тоҕо Саҥа Кэриэһи аахпатахтарай? Тоҕо диэтэххэ Саҥа Кэриэс суох этэ. Саарбаҕа суох Саҥа Кэриэскэ тиһиллибит кинигэлэр иккис үйэҕэ бааллар этэ. Ол эрээри дьон барыта биһирээбит, ылыммыт Таҥара сурукка баар үөрэҕэ хомулла иликтэрэ. Итилэртэн итэҕэһэ суох төрүттээх атын Евангелиелар, Дьайыылар, Суруктар, Апокалипсистар этэллэринэн Иисус сирдээҕи апостолларынан суруллубуттар.
Сүппүт Суруйуулар
Саҥа Кэриэскэ киирбит Евангелиелар хайа автор суруйбута биллибэт гына суруллубуттара, хойутаан эрэ баран, кэлин биллэр автордар ааттарынан ааттаммыттара, Матфей, Марк, Лука уонна Иоанн. Ол эрээри ити ааттар Евангелиялары кытта сыһыаннаах буолалларын саҕана Аан Дойду устунан тарҕанан эрэр атын-атын христианнар түмсүүлэрэ ааҕар, ытыктыыр атын Евангелие кинигэлэрэ, сибэтиэй суруйуулара дьоҥҥо тиийимтиэ буолбуттара: холобур, Иисус чугас үөрэнээччитэ, Симон Петр, суруйбута диэни туруорсар Евангелие, атын - кини апостолын Филипп аатынан, Мария Магдалина диэн Иисус үөрэнээччитэ кыыс арааһа суруйбут Евангелиета, атын - кини игирэтин аҥара Дидим Иуда Фома аатынан.
Ким эрэ ити ааттаммыт Евангелиелартан түөрт эрэ киириэхтээхтэр, атыттар киириэ суохтаахтар, сибэтиэй Суруйуу кинигэлэрин хомуурунньугар диэн быһаарбыт. Ону кимнээх быһаарбыттарый? Хаһан? Сөпкө быһаарыллыбыттар диэн биһиги тоҕо эрэллээх буолуохтаахпытый? Атын кинигэлэр хайдах-туох буолбуттарый?
Саҥа Кэриэс бииргэ хомуллубутун кэннэ Иисус Христос үөрэнээччилэрэ кини өлбүтүн кэнниттэн үлэлээбит үлэлэрэ Дьайыылар диэҥҥэ киирбиттэрэ. Ол эрээри атын Дьайыылар эмиэ бааллара: Петр уонна Иоанн Дьайыылара, Павел Дьайыылара, Павел аргыһа Фекла Дьайыылара уонна да атыттар. Тоҕо итилэр Суруйууга киирбэтэхтэрэй?
Саҥа Кэриэскэ христианнар баһылыктара атын христианнарга суруйбут элбэх суруктара бааллар, олортон уон үһүн, сабаҕалыылларынан, Павел суруйбут. Чинчийээччилэр итилэри барытын Павел суруйбута буолуо дуо диэнтэн мөккүһэллэр. Итилэргэ Саҥа Кэриэскэ киирбэтэх Павел суруктара бааллар, холобур, Павел Рим бөлөһүөгэ, Сенекаҕа, суруйбут суруга, уонна Лаодикия Таҥаратын дьиэтигэр суруйбут суруга, уонна Коринф олохтоохторугар Үһүс суруга (Саҥа кэриэскэ Коринф олохтоохторугар Маҥнайгы уонна Иккис суруктара бааллар). Оннооҕор буолуох, атын апостоллар суруйбут суруктара эмиэ бааллара, олор истэригэр Иисус быраата, Иаковка, Симон Петр суруйбут суруга буолуохтааҕын курдук, онтон атын - Павел доҕоро Варнава гиэнэ. Тоҕо итилэр хапсыбатахтарый?
Саҥа кэриэс Апокалипсиһынан түмүктэнэр, Аан Дойду тиһэх күнүнэн, Таҥара кэлин катастрофаны үөскэппит үлэтин билгэлээһининэн, ону ханнык эрэ Иоанн диэн киһи суруйбутун христианнар салайааччылара Иисус үөрэнээччитэ Зеведей уола Иоанн диэн өйдөөбүттэрин кэннэ Саҥа Кэриэскэ киллэрэллэр (автор бэйэтин хаһан да ити Иоаммын диэбэтэҕин үрдүнэн). Онтон тоҕо атын апокалипсистар каноҥҥа киирбэтилэрий, холобура, сабаҕалааһынан, Симон Петр суруйбута, онно кинини халлаан уонна үөдүгэн устун хаамтаран, сирдээн, тула өттүн кэтээн көрдөрөллөр, сибэтиэй дьон өрө көтөҕүллүүлэрин, оннооҕор чуолкайдык ойуулаан кыраммыт дьон сорун көрдөрөөрү? Эбэтэр иккис үйэтээҕи христианнар ааҕан, сэргиир Аһаҕас Көрүүлэниигэ маарынныыр Ерма маныыһыт апокалипсиска сыһыаннаах көрүүлэниитин кинигэтин?
Билиҥҥи кэмҥэ биһиги өйдүүрбүтүнэн ханнык эрэ кэмҥэ, ханнык эрэ сиргэ ити ааттаммыт уонна да атын каноҥҥа киирбэтэх кинигэлэр ытыктабыллаах, өрө көтөҕүллүүлээх, библейскай диэн биһирэнэллэр эбит. Итилэртэн сорохторо биһиэхэ бааллар, сорохторун ааттарынан эрэ билэбит. Сүүрбэ сэттэ эрэ эрдэтээҥи христианнар кинигэлэрэ каноҥҥа киирбиттэр үйэлэр тухары суруктан сурукка суруйааччылар бэлиэтииллэр, бүтэһик уһугар английскай тылга тылбаастаммыттара, Америкаҕа хас биирдии дьиэ полкатын аайы бааллар. Атын кинигэлэр ылынныллабатахтар, сэнэниллибиттэр, саба түһүллүбүттэр, уматыллыбыттар, умнууга бара сыспыттар - сүппүттэр.
Христианство Хоту Африкаҕа тарҕаныыта
Аныгы киһи саныырынан латин христианствота Римы уонна рим паапатын кытта сыһыаннаах. Ол эрээри маҥнайгы латин тылынан суруллубут докумуоннар Римҥа уонна Италияҕа үөскээбэтэхтэрэ. Оннооҕор III үйэ саҕаланыытыгар рим епископтарын кафедраларын тылынан грек тыла этэ, онтон IV үйэ иккис аҥарыгар империя христианствоны ылара аҕыйах кэм хаалбытын да кэннэ Римҥа баар христианнар суруктара үксэ грек тылынан суруллубута. Никея иннинээҕи Хоту Африка христианство эйгэтигэр Тертуллиан уонна Киприан Таҥара үөрэҕин трактаттарын, Минуций Феликс уонна Арногий апологияларын бэлэхтээбиттэрэ. Чопчу африкатааҕы куораттар христианнарын түмсүүлэрэ донатизм хамсааһынын үөскэппиттэрэ, IV үйэтээҕи үлүскэннээх хайдыһыылар сибикилэрэ. Африкаҕа христианнар латиннарын тыла үөскээбитэ, арҕааҥы Таҥара дьиэлэрин идэтийбит лексикалара чочуллубута.
Биллэн турар Рим империя олохтоохторун өйдөрүгэр-санааларыгар, ордук арҕаа сирдэригэр, ураты оннулаах этэ. Рим олохтоохторугар баһылыыр сирдэригэр рим институттарын күүстээх уонна кыахтаах дьайыыта саарбахтаммат этэ. Ол эрээри рим христианнарын түмсүүлэрэ сыһыаннарын аҥардас биир өттүнэн киирии курдук кэпсиир сатаммат, онтукаҥ оннооҕор уустук. 189 сыллаахха рим түөлбэтин Африкаттан төрүттээх Виктор диэн киһи салайбыта. Африканец рим епископтарын кафедратыгар кэлиитэ Рим Таҥаратын дьиэтигэр саҥа кэрдиис кэми олохтообута. Виктор кэпсэтэр латинын тыла рим кафедрата латин тылыгар көһүүтүгэр бэрт улаханнык дьайбыта, ол түмүгэр чопчу кини саҕана азиятааҕы епископтар Рим Таҥаратын дьиэтин талбыттарынан дьаһайаллара тохтообута.
Рим түөлбэтэ африкатааҕы Таҥара дьиэлэригэр биир эрэ өттүнэн киириилээх буолбатаҕа уонна мантан көстөр: III үйэ ортотугар рим кафедрата бастыахтаах диэн дьаныардаахтык туруорсар киһинэн Африкаттан төрүттээх Карфаген епискоба Киприан буолар, Рим Таҥаратын дьиэтин баһылыыр киһи уһулуччу ыйааһыннаах буолуохтаах диэни бигэргэтэр. Ону кытта чинчийээччилэр Рим уонна Африка литургиятын практикатыгар элбэх хайдыһыыны булаллар. Онон христианство Африкаҕа Римтан кэлбитэ диэһин саарбахтардаах.
Христианство тарҕаммытын баҕар буолбут альтернативатынан эллинизм культуратын ылыммыт иудейдар диаспоралара буолуон сөп курдук. Ити гипотеза утарсааччылардаах эрээри историогафияҕа баһыйар. Кини диэки буолааччылар элбэх аргумены этэллэр. Бастатан турар, Гамарта некрополын чинчийбиттэригэр онно христианнар уонна иудейдар бииргэ көмүллүбүттэр. Иккис аргумент тыл өттүгэр баар. Тертуллиан суруйууларыгар хаста даҕаны гебраизмнар көстөллөр, онон кини иудейдар тылтан тылга бэриллэр традицияларын кытта билсибитэ бигэргэтиллэр.
Эрдэтээҥи христианнар Илиҥҥи дойдулара
Христианнар Ытык сирдэрэ Рим империятын (Илиҥҥи Рим империятын) илин өттүгэр баара. Ити сиргэ Иисус уонна апостоллар, ону кытта Кэлтэгэй Ый бары үүнүүлээх сирдэригэр төрүттэринэн уонна культуралынан чугас, уруулуу омуктар төрөөбүт тылларынан - арамей (сирийскай) тылынан кэпсэтэллэрэ. Сирия тылынан кэпсэтэр ареал сорох провинциялара римляннартан перстар бас билээһиннэригэр бараллара уонна төттөрү кэлэллэрэ, атыттар буфер буолар судаарыстыбаларга киирсэллэрэ. 614-614 сыллардаахха перс сэриилэрэ Сирияны, Каппадокияны, Палестинаны былдьаабыттара, 616-618 сыллардаахха Египеты сэриилээн ылбыттара. Ити түөрт провинция 628 сыллаахха диэри Сасанидтар бас билиилэригэр сылдьыбыттара, онтон хас да сыл төттөрү византиецтар бас билээһиннэрэ буолбуттара, ол кэнниттэн 634-642 сыллардаахха араабтар сэриилээн ылбыттара.
Палестинаны кытта Сирия уонна Месопотамия (Сирия-Месопотамия региона, эбэтэр Үүнүүлээх Кэлтэгэй Ый), ону таһынан Египет Христианнар Илиннэрин бас, тутаах өттө буолбуттара. Христос төрүөн иннинээҕи I тыһыынча сылларын маҥнайгы аҥардарыгар Сирия-Месопотамия регионугар тыа сирин олохтоохторо арамей тыллаах, киин куораттарын дьонноро киниэхэ чугас уруулуу аккад тыллаах омук быһыытынан уонна тыл өттүнэн биир кэлимсэ буолбуттара Ассирия, кэлин Саҥа Вавилон дойдуларын иһигэр. Египет буоллаҕына иэнэ уларыйбакка хас да тыһыынча сыл сылдьыбыта; Александрия уонна атын куораттарын дьонуттан уратылаах, кини тыатын дьоно египет, эбэтэр копт, тылынан кэпсэтэрэ. II-VII үйэлэргэ Сирия, Палестина уонна Египет икки өрүттээх туруктаахтара. Итилэр муора кытыытынааҕы куораттара уонна кырдьаҕас колониялара-полистара грек тылынан кэпсэтэллэрэ уонна роман-византиятааҕы цивилизацияҕа киирсэллэрэ, оннооҕор эрдэ эллинистическай цивилизацияҕа киирсэллэрэ. Ол иһин Христианнар Илиннэрэ үөскээһинин (тропиктааҕы куру хаппакка эрэ арыый кылгаттахха) "эллинизм культурата уларыйыыта, саҥа көрүҥҥэ кубулуйуута" курдук көрүөххэ сөп. Ол эрээри христианство тарҕаннаҕын аайы номнуо христианскай буолбут былыргы, олохтоох культуралар саҥаттаан чөллөрүгэр түспүттэрэ. Барыларыттан эрдэ уонна христианствоттан тутулуга суох Сасанидтар империяларыгар уонна онтон илиҥҥи дойдуларга ити процесс саҕаламмыта. Копт Таҥаратын дьиэтэ копт омугу түмпүтэ, олор истэригэр хас да мөлүйүөн ахсааннаах египет бааһынайдарын кылааһын. Сирия норуотун туһунан этэр буоллахха хас даҕаны субэтностарга үллэриллибитэ сир-сир аайы тус-туһунан Таҥара дьиэтэ (несторианскай, православнай, монофиситскай, кэлин, ону таһынан, - монофелитскай) эбэтэр секта (субаайдар уо. д. а.) баарыттан сылтаан. Ону таһынан Сирия-Палестина регионугар уонна Евфрат алын өттүгэр араабтар олороллоро. Араабтар ити региону уонна Египеты сэриилээн ылбыттарын кэнниттэн сириятааҕы уонна копт цивилизациялара ислам цивилизациятын кытта ситимнээх сайдан испиттэрэ. Халифат бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр иҥэриммит Иран эйгэтин культураларыгар ити этии эмиэ сыһыаннаах.
Рим империятын кыраныыссатытан илин уонна соҕуруу баар Сасанидтар империяларыгар, Киин Азияҕа, Соҕуруу Аравияҕа, Соҕуруу Индияҕа уонна Хотугулуу-Илин Африкаҕа (Мероэ уонна Аксум дойдуларыгар), Хоту Сахаара оазистарыгар, Сокотра уонна Шри Ланка арыыларыгар - тас, рим эйгэтигэр киирсибэт дойдулар бааллара. Апостоллар уонна кинилэр үөрэнээччилэрэ үлэлээбиттэрин түмүгэр I-IV үйэлэргэ бэйэлэрэ туспа быһыылаах ити ааттаммыт дойдулар христианство итэҕэлин ылынан киирэн барбыттара. Ол кэмҥэ хоту өттүгэр Боспор дойдутуттан соҕуруу өттүгэр Химьяр дойдутугар диэри сирдэргэ синагогалаах иудей омук түмсүүлэрэ бааллара, сорох сирдэргэ биллэр-көстөр дьон иудаизмы аһаҕастык тутуһаллара. I үйэ саҕаланыытыгар Месопотамия хотугулуу-илин өттүгэр баар Адиабенаҕа олохтоох ыраахтааҕы династията иудаизмы ылыммыта. Иудей религиятын уонна культуратын сүрүн киининэн онно Нисибин куорат этэ, ити куорат сабыдыала Аравия тумул арыы соҕуруу өттүгэр уонна Киин Азияҕа кытта биллэрэ.
Христос үөрэҕин бастакы тарҕатааччылар синагогаларга тахсан иһитэннэрэллэрэ. Адиабенаҕа уонна Нисибиҥҥа христианнар I үйэ бүтүүтүгэр - II үйэ саҕаланыытыгар баар буолбуттара. Несторианнар номохторо кэпсииринэн, Парфиятааҕы Месопотамияҕа ити үөрэтиини I үйэ ортотун диэки апостол Фома тарҕаппыта, онтон - Фома анаан ыыппыт үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ (мар Аддай, эбэтэр Фаддей). Индия христианнарын номохторунан, Фома апостол 52 сыллаахха муора устун Индия арҕаа кытылыгар тиийэр, итэҕэли тарҕатар уонна 68 сыллаахха эрэйдэнэн-муҥнанан өлөрүллэр. Биир бэлиэ түгэнинэн апостол онно иудейдар бөлөхтөрүн көрсүүтэ буолар, олортон биир кыыс ыраахтааҕыҕа флейтаҕа оонньооччунан сылдьар. Ити сиртэн хоту, кушааннар дойдуларыгар, христианнар номнуо I үйэ бүтүүтүгэр - II үйэ саҕаланыытыгар тиийэллэр.
Онтон сотору инники күөҥҥэ сириятааҕы христианнар миссионердара күөрэйэн тахсаллар. Кинилэр сүрүн культурнай кииннэринэн Эдесса куорат буолар. Итиннэ христианство II үйэҕэ, эбэтэр оннооҕор эрдэ I үйэ бүтүүтүгэр тарҕанар. 201 сыллаахха олохтоох Таҥара дьиэтин халаан уута алдьатар. Эдесса холобурун курдук быһыылар Илиҥҥэ үгүстүк көрсөллөр.
Илиҥҥи дойдуларга христианство тарҕаныыта бэйэ-бэйэлэрин кытта барыларыгар биир көстүүлээх. I үйэҕэ апостолларынан иудейдар эбиттэр, I-II үйэ бүтүүтүгэр кинилэргэ үөрэнээччилэрэ эбиллэллэр, олортон сорохторо иудей христианнара, сорохторо элбэх таҥаралаах төрүкү итэҕэллэриттэн тэйбит, саҥа итэҕэли ылыммыт сириецтар буолаллар. Онтон хойут сириятааҕы (сирия уонна грек тыллаах) миссионердарга итэҕэли тарҕатааччыларынан атын омуктартан кэлбит кинилэр үөрэнээччилэрэ уонна үөрэнээччилэрин үөрэнээччилэрэ дьарыктаналлар.
Иудей христианнарын уонна сириецтар кэннилэриттэн христианствоны тарҕатыынан дьарыктаммыттара кинилэр үөрэнээччилэрэ - эрмээннэр, грузиннар, кавказтааҕы албааннар, араабтар, аксумиттар. Христианствоны ылыналларыгар кинилэр биир тиһиккэ эрдэтээҥи Христианнар Илиннэригэр түмсүбүттэрэ, оннооҕор ити сирдэр VI-VII үйэ бастакы үс гыммыттан биирин уонна хойутаан сириятааҕы миссионердар үлэлэрэ муҥутаан күүһүрбүт кэмин кытта тэҥнээтэххэ эрдэтээҥи буолаллар. Чопчу сириятааҕы миссионердар уонна кинилэр үөрэнээччилэрэ христианство итэҕэлин тарҕаппыттара мероиттааҕы, аксумнааҕы, индиятааҕы, кытайдааҕы былыргы цивилизациялар балаһаларыгар, ону кытта Аравияҕа, Ираҥҥа уонна Киин Азияҕа. Ону таһынан, мероиттар уонна аксумиттар Египет күүстээх уонна биир кэм дьайыытыгар ылларбыттара.
Христианство итэҕэлэ Тан Кытайга
Христианство Тан Кытайга VII үйэттэн эрдэ кэлбэтэҕэ уонна апостоллартан төрүттээх буолбатаҕа. Кытайдары Фома апостол сырдаппыта диэн орто үйэлэрдээҕи сириятааҕы традиция текстарыгар көстөрө хойукку мифология оҥоһуута буолар. Ол гынан баран арҕааҥы уонна нуучча миссионердара кытай христианствота отой былыргы төрүттээх диэн ити этиллибиккэ олоҕуран биллэрэ сатаабыттара история өттүнэн ис хоһооно суох. Нисибиннааҕы Авдишо Кытайга Таҥара дьиэтин иерархиятын Илин Таҥара дьиэтин католикостара Ахай (V үйэ саҕаланыыта) уонна Шиле (VI үйэ саҕаланыыта) тэрийбиттэрэ диэн номоҕун тиэрпитэ, ол эрээри ити кэпсээн эмиэ тугунан да бигэргитиллибэтэҕэ. Христианство Кытайга Улуу солко суолунан Христос төрөөбүтүн кэннэ маҥнайгы үйэлэргэ тарҕаныан сөп эрээри, ити сурахтары көннөрү үһүйээн эрэ курдук ааҕыллыахтаах. Чахчы историяҕа баар буола сылдьыбыт христианствоны Кытайга тарҕатааччыларынан Илин Таҥара дьиэтин сириятааҕы дьонноро буолаллар, кинилэр Тан династия саҕана (619-907) онно Трансоксанияттан (ити дойдулары кытайдар Да-Цинь дииллэр эбит) тиийбиттэрэ. Ити экономика уонна культура өттүнэн чэчирии сайдыбыт кэрдиис кэмигэр Кытай арҕааттан зороастризм, манихейство уонна христианство (кытайдыы "сань ицзяо" үс ваарвардар үөрэхтэрэ), ону таһынан ислам, итэҕэллээх, иран уонна түүр төрүттээх баһаам элбэх омугу бэйэтигэр тардара. Көһөн кэлбит илиҥҥи христианнар кииннэрэ VII үйэҕэ Кытайга цзинцзяо (тылыттан тылыгар - чаҕылхай итэҕэл; баҕар атыннык быһаардахха: Евангелие үөрэҕэ эбэтэр Улуу Сырдык үөрэҕэ) диэн ааттаах үөскээбитэ. Сирия дьоно Персияттан Хорасан нөҥүө кэлбиттэрэ.
Эрдэтээҥи кэмҥэ Кытайга христианство итэҕэлэ тарҕаныытын билиибит туоһутунан католик миссионердара Чанъань (билигин Сиань) аттыгар 1623 сыллаахха булбут стелалара буолар. Кытай уонна сирия колофоннарын быһаарыытынан, өйдөбүнньүк 781 сыллаахха Язад-бозид (кытайдыы Йиси) диэн ааттаах Чанъань хорепискобын ыйааҕынан оҥоһуллубут. Текст "Христианство Дациньтан Кытайга тарҕаныытын туһунан" диэн бастаах, ис хоһооно догматикаттан уонна историяттан турар. Бүтэһик ис хоһоонунан, Тан киин куоратыгар Чанъаҥҥа 635 сыллаахха дьоннор кэлэллэр епископ баhылыктаах. Епископтарын аата былыргы кытай тылыттан тылбаастаатахха Алобэнь, арааһа ити аат сирия малькпана (үөрэтээччи; атын гипотеза Авраам) эбэтэр Ардабан диэн перс тылыттан үөскээбит. Кини кытай императора Тайцзуну (Ли Шимины) кытта көрсүбүт, кини ыйааҕынан сириятааҕы итэҕэлгэ үөрэтэр суруктары кытай тылыгар тылбаастыыллар (олор истэригэр арааһа Алобэнь суруйуулара диэн ааттаах суруктар киирсэллэр). Суруктары кытта билсэн баран император 638 сыллаахха Кытайга христианство тарҕанарын көҥүллүүр; ити кэмҥэ Чанъань куоракка манастыыр туталлар. Салгыы стела суругар салгыы балтараа сүүс сылга Кытайга христианство тарҕаныыта кэпсэнэр, ол эрээри сороҕо, холобура, сир-сир аайы манастыырдар тутуллубуттара диэнэ, омуннаах.
Быһаарыылар
Билэ:Logo wikipédia puzzle.svg | Бу туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |