Атырдьах ыйын 5

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 217-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 218-c күнэ). Сыл бүтүө 148 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Буркина ФасоFlag of Burkina Faso.svg Буркина Фасо — Тутулуга суох буолуу күнэ (1960, Францияттан)
  • ИраанИслаамҥа киһи быраабын күнэ. Бу күн 1990 сыллаахха Киһи быраабын ислаамҥа декларацията ылыныллыбыт
  • ХорватияКыайыы уонна аҕа дойдуга махтал күнэ

Түбэлтэлэр

  • Литва улуу княжествотын сэриитэ Кырыым ханствотын сэриитин Клецкэй аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт. Бу кэнниттэн Литва улуу кинээһэ Сигизмунд I Новгород, Псков уонна Рязань сирдэригэр дьаралык ылбыта.
  • 1583Англия айанньыта Хемфри Гилберт билиҥҥи Канадаҕа баар Ньюфаундленд арыытын Англия королеватын сиринэн биллэрбит уонна онно сэлиэнньэ олохтообут. Бу Хотугу Америкаҕа Англия бастакы колонията буолбут.
  • Речь Посполита сирдэрин аан бастаан түҥэттибиттэр.
  • Джеймс Бьюкенены кытта эҕэрдэлэспиттэр.
  • 1924Туурсуйаҕа элбэх ойохтонууну боппуттар.
  • 1925 — Плайд Камри (Уэльс партията) үөскээбит. Бастаан олохтоноругар Уэльс төрүт олохтоохторун тыллара сүппэтин өйүүр тэрилтэ этэ, кэлин Уэльс бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын турууласпыта. 1966 сыллаахха Британия түмэнигэр бастакы дьокутааттарын талары ситиспитэ.
  • 1932Афанасий Богатырев хапытааннаах икки бааржа соһуулаах «Лена» борокуот Тиксии хомоҕо киирбит. Ол саҕана манна ким да олорбот этэ. Борокуот хомо кытылыгар метеостанция тутуохтаах эспэдииссийэни уонна манан ааһыахтаах «Сибиряков» диэн мууһу хайытар борокуокка анаан чох аҕалбыт. Бу тэрээһин барыта Хотугу байҕал суолун арыйыыга, хоту сирдэр хааччыйыыларын тупсарыыга аналлаах этэ.
  • 1935Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Абалаах күөлүгэр бадараанынан эмтиир 12 койкалаах курорт аһыллыбыт. Бу курорт биэлсэр Тит Сосин көҕүлээһининэн тэриллибитэ.
  • 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус Латвияны бэйэтигэр холбообутун туһунан биллэрбит.
  • 1941 — 73 хонук устата барбыт Одессаны көмүскээһин саҕаламмыт, атырдьах ыйын 5 күнүттэн алтынньы 16 күнүгэр диэри.
  • 1943 — ССРС-ка сэрии кэмигэр бастакы кыайыы салюта буолбут — 124 тэргэнинэн 12-тэ ыппыттар.
  • 1948 — Сылгыһыттар Роман Константинов (Чурапчы оройуонун) Фрунзе аатынан холкуос сылгыһыта уонна Афанасий Степанов (Мэҥэ-Хаҥалас) Социалистыы Үлэ дьоруойдара буолбуттар.
  • 1956Москубаҕа I ССРС норуоттарын спартакиадата саҕаламмыт. Маннык спартакиадалар 4 сыл арыттаан олимпиада буолуон иннинээҕи сылга буолаллар этэ.
  • ядернай сэрии сэбин атмосфераҕа, космоска уонна уу анныгар эһэри бобор сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 1966Мао Цзэдун Кытайга култуура өрөбөлүүссүйэтин саҕалыыр «Штабтары бомбалыырга!» диэн лозунг биллэрбит. Бу лозуҥу хунвейбин-устудьуоннар ("кыһыл гвардеецтэр") уонна цзаофань-оробуочайдар ("бууннааччылар") толорбуттар. Кинилэр маҥнай сөбүлээбэтэх салайааччыларын истиэнэ хаһыатыгар сэмэлииллэр эбит, онтон кэлин парткомнары, дьаһалталары штурмалаан ылар буолбуттар.
  • 1973 — ССРС «Марс-6» хараабылы көтүппүт.
  • Фламандия, Валлония уонна Брюссель киин региона.
  • 1995 — Югославия сэриилэрэ: Хорватия сэриилэрэ Сербия сэриилэрин кыайан Книн куораты төнүннэрбиттэр. Хорватияҕа Кыайыы күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
  • XXXI сайыҥҥы Олимпиада аһыллыбыт.

Төрөөбүттэр

  • Илья Репин, нуучча худуоһунньуга уонна скульптора (1930 өлб.).
  • Ги де Мопассан, Франция суруйааччыта (1893 өлб.).
  • 1909Ефрем Андреев, РСФСР уонна ЯАССР үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата (1964 өлб.).
  • 1916Александра Велижанина — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера.
  • 1917Степан Макаров (12.06.1969 өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууhун бастакы Ытык киһитэ (бочуоттаах гражданина), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Олоххо ураты дьулуурун иhин Саха Маресьевынан ааттаммыта.
  • 1930 — Нил АрмстронгЫй ньууругар бастакынан үктэммит астронавт.
  • 1942 — Анатолий Новиков — саха бөдөҥ учуонайа, бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара.
  • 1996Анжелика Протодьяконова, Саха сиригэр хойуу хаас уруһуйданан 2016 сыллаахха киэҥник биллибит кыыс, инстаблогер, фрик.

Өлбүттэр