Балаҕан ыйын 17

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 260-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 261-c күнэ). Сыл бүтүө 105 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АвстралияFlag of Australia.svg Австралия — Дойду гражданствотын күнэ
  • АнголаFlag of Angola.svg Ангола — Дьоруойдар күннэрэ
  • БолгарияFlag of Bulgaria.svg Болгария — София күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Конституция күнэ (субуотаҕа түбэстэҕинэ иннинээҕи бээтинсэҕэ, өрөбүлгэ түбэстэҕинэ бэнидиэнньиккэ көһөрүллэр)
  • БеларусьFlag of Belarus.svg Беларусь — Норуот сомоҕолоһуутун күнэ[1]
  • ГондурасFlag of Honduras (1949–2022).svg Гондурас — Учуутал күнэ
  • НидерландFlag of the Netherlands.svg Нидерланд — 1944 сыллаахха ыытыллыбыт Market Garden байыаннай эпэрээһийэни ахтан-санаан ааһар күн, бу күн парашютунунан ыстаналлар
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ, Махараштра — Маратвада босхолонуутун күнэ
  • УкраинаFlag of Ukraine.svg Украина — Украина өрүһүйээччитин (спасатель) күнэ
  • ЧиилиFlag of Chile.svg Чиили — Хуасо күнэ[2]

Түбэлтэлэр

  • 1665 — Лондон куоракка Чума улуу хамсыга (эпидемията) саҕаламмыт. 100 000 кэриҥэ киһи, ол эбэтэр куорат олохтоохторун 20 % биир сыл иһигэр өлбүт. Бу ыарыы чума палочкатыттан сылтаан буолар, кырыыса былахылара тарҕаталлар.
  • Антони ван Левенгук Британия Хоруолун уопсастыбатыгар (билим акадьыамыйатыгар) киһи хараҕар көстүбэт "кырачаан кыыллары" бэйэтэ оҥорбут микроскобунан кэтээн көрбүтүн туһунан бастакы суругун суруйбут. Бастаан көннөрү урбаанньыппын диэн кэтэмэҕэйдээн үлэ суруйумаары гыммытын Голландия оччолорго уһулуччу биллиилээх бырааһа Рейньер де Грааф өйөөн, киниэхэ эрэл кыыма сахпыт. Хоруол уопсастыбатыгар барыта 190 суругу суруйбута биллэр. Бу суруктары оччотооҕу билим тылыгар латыынныыга Генри Ольденбург диэн билим сурунаалын эрэдээктэрэ тылбаастаабыта, дьиктитэ диэн, ол тылбаастыырыгар анаан голландия тылын үөрэппитэ.
  • 1788 — "Карансебеш кыргыһыыта" буолбут. Австрия саллааттара түүн хараҥаҕа бэйэ-бэйэлэрин туроктар дии санаан охсуспуттар уонна "кыайтаран" чугуйбуттар. Кыргыһыы хонуутугар туроктар икки күнүнэн биирдэ кэлэн туох буолбутун өйдөөбөтөхтөр.
  • 1809Швеция-Арассыыйа сэриитэ түмүктэммит. Фредриксхамн дуогабарынан Арассыыйа Финляндияны бэйэтигэр сыһыарбыт. Мантан ыла Финляндия сүүстэн тахса сыл Арассыыйа састаабыгар автономнай княжество буолан олорбута.
  • Илин Хаҥалас улууһугар Кудома диэн сиргэ конфедералистар баартыйаларын устаабын уонна бырагырааматын ылыммыттар.
  • 1935Тыл, култуура билим-чинчийэр институтун тэрийэргэ диэн Саха АССР Совнаркомун уурааҕа тахсыбыт. Бу институт Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибитэ, билигин — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута.
  • 1930 – Арараакка куурд омуктар өрө турууларын Туурсуйа хам баттаабыт.
  • 1939 — Сэбиэскэй сэриилэр Польшаҕа кимэн киирбиттэр.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Германия Улуу Британия авиациятын кыайбакка саба түһэр былааныттан батыммыт.
  • 1941ССРС-ка гражданнары барыларын байыаннай дьыалаҕа булгуччулаахтык үөрэтии саҕаламмыт.
  • 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй сэриилэр Тегеран куоракка киирбиттэр (Британия уонна Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ холбоһон Ирааны ылбыттара).
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй сэриилэр Германия уонна Эстония сэриилэрин утары Таллиннааҕы кимэн киириини саҕалаабыттар.
  • 1954Саҥа Сир диэн икки бөдөҥ арыыттан турар архипелаагка сэбиэскэй ядернай полигон тэриллибит. Бастакы ядернай дэлби тэптэрии 1955 сыллаахха уу анныгар буолбута. 1957 сыллаахха олохтоох дьураактары күүстэринэн Архангельскай уобаласка көһөрбүттэрэ. Арыыга барыта 132 дэлби тэптэриини оҥорбуттара биллэр.
  • 1980Польшаҕа Гданьскай куоракка Ленин аатынан байҕал хараабылын оҥорор собуокка хас да забастовка кэнниттэн тутулуга суох «Солидарность» диэн идэлээх сойуус үөскээбит.
  • Стамбуулга буолбут аан дойду көҥүл тустууга чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөһө Виктор Лебедев иккистээн көмүс мэтээли ылбыт.
  • 2018Сардаана Авксентьева Дьокуускай куоратын мээрин солотугар олорбут.

Төрөөбүттэр

  • 1911 — Сергей Мигалкин — РСФСР, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
  • 1938 — Михаил Тырылгин — мэдиссиинэ дуоктара, профессор, СӨ билим үтүөлээх диэйэтэлэ. Чинчийбит тиэмэлэринэн буолаллар сэллиги утары охсуһуу, социальнай гигиена уонна доруобуйа харыстабылын тэрээһинэ.
  • 1939 — Николай Герасимов - Айталын — бэйиэт, суруйааччы. «Эдэр коммунист», «Кыым», «Чуораанчык» («Колокольчик») хаһыаттарга редакторынан үлэлээбитэ.
  • Александр Овечкин — хоккеист, аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Стэнли кубогын хаһаайына (2018).

Өлбүттэр

  • Яныш Ялкайн (1906 төр.) ытыллыбыт, мари омук суруйааччыта, тылбаасчыт, фольклорист.
  • Юрий Визбор (1934 төр.), сэбиэскэй киинэ артыыһа, суруналыыс, ааптар ырыатын жанрын саҕалааччылартан биирдэстэрэ
  1. БелТА (7 июня 2021 </noinclude>). Тургутулунна 7 Бэс ыйын 2021.
  2. Wayback Machine Архыыптаммыт 2012, Бэс ыйын 7 күнүгэр.