Атырдьах ыйын 11
Атырдьах ыйын 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 223-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 224-c күнэ). Сыл бүтүө 142 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Омук быһыытынан билинии күнэ[1]
- Омук дьоруойдарын күнэ[2]
- Латвия көҥүлүн иһин охсуспуттары ахтар күн[3]
- Пакистаан — Былаах күнэ
- Чад — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Дьоппуон — Хайа күнэ
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 3114 сыл — Мезоамерика Уһун ааҕыылаах халандаарын бастакы күнэ. Бу халандаары былыргы Киин Америка култууралара туһаналлар этэ, онтон ордук биллэлэллэрэ — маайа омук култуурата. Элбэх таас мэҥэҕэ суруллан хаалбыт күн.
- Дакия соҕуруулуу-арҕаа өттө (билиҥҥи Румыния) Рим провинцията буолбут — Рим Дакията.
- кыайбыт. Бу 140 сыл иһигэр нууччалар монгуоллар утары бастакы бөдөҥ өрө туруулара этэ. Нууччалары Москуба кинээһэ Дмитрий Иванович (икки сыл буолан баран Куликовотааҕы кыргыһыы кэнниттэн Донской диэн аатынан биллибитэ) салайбыта. Ол эрээри Нуучча улууһа бу да кыайыылар кэннилэриттэн Монгуол судаарыстыбатыттан тахсыбатаҕа, өссө биир үйэ түһээн төлүү олорбута.
- 1597 — Германия Англияҕа дьону атыылыырын тохтоппут.
- Емельян Пугачев крепостной бааһынайдары босхолуур туһунан манифеһа Пензаҕа ааҕыллыбыт.
- 1803 — Арассыыйа дьаһалталарынан араарыы реформатын чэрчитинэн Саха сиригэр (ол саҕана Иркутскай күбүөрүнэтин Саха уйуоһа) сэттэ комиссарство тэриллибит: Амма, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Зашиверскай, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Үт.
- 1918 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Амьен кыргыһыыта түмүктэммит.
- Совнарком Экэниэмикэҕэ саҥа бэлиитикэ (НЭП) туһунан докуомуону бэчээккэ таһаарбыт. Саҥа экэниэмикэҕэ көһүү туһунан быһаарыныы саас кулун тутарга буолбут РКП(б) сийиэһигэр ылыныллыбыт, бу иннинэ барбыт дойдуну дириҥ кириисискэ киллэрбит байыаннай коммунизм бэлиитикэтин солбуйбута.
- 1922 — Саха сирин баартыйатын уобаластааҕы пленумун бюротугар "повстанчествоҕа" кыттыбыттарга, ону тэҥэ "кыһыл бандьыыттааһыҥҥа" буруйдаммыт дьоҥҥо миэрэ ылар туһунан боппуруос көрүллүбүт. Бу саҥа былаас олохтоохтору бэйэтигэр тардар тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ этэ.
- Аршаруни́ (дьиҥнээх араспаанньата Чинарьян) "Омугумсуйуу идеологиятын утары охсуһууга" (В борьбе с националистической идеологией) диэн ааттаах ыстатыйата Саха сирин салайааччыларын уонна суруйааччыларын омугумсуйууга буруйдааһын репрессиялыыр механизма саҕаламмыта.
- 1942 — Саха сирин обкуома "Чурапчы холкуостарыгар ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан" (“О мероприятиях по колхозам Чурапчинского района”) диэн холкуостары хоту көһөрөр уураах таһаарбыт.
- 1946 — Дьокуускайга доруобуйа үлэһиттэрин 6-с сийиэһэ саҕаламмыт. Миниистир Любимов ыыппыт.
- 1949 — Бүлүү партиятын геологтара бастакы алмааһы булбуттарын туһунан сонун тарҕаммыт. Ыйааһына 0,5 г эбит.
- 1958 — Дьокуускайга Саха АССР производительнай күүстэрин сайыннарыы туһунан мунньах аһыллыбыт.
- 1959 — Москубаҕа Шереметьево аэропорт аһыллыбыт — билиҥҥи туругунан Арассыыйа саамай элбэх пассажирдаах аэропорда.
- Андриан Николаев кириэһилэтиттэн тэйэн микрогравитацияҕа дайа көппүт бастакы киһи буолбут.
- 1966 — Ньурбаттан төрүттээх Михаил Алексеевка (15.02.1928—2001) Саха АССР «Якутстрой» трест 3 №-дээх СМУ комплекснай биригээдэтин биригэдьииригэр Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- 1972 — Вьетнам сэриитэ бүтүүтүн саҕана АХШ аармыйатын бүтэһик чаастара Соҕуруу Вьетнамтан барбыттар.
- 1994 — Фидель Кастро Куубаттан тас дойдуларга тахсыыга хааччахтааһыны көтүрбүт. Онтон сылтаан атырдьах ыйын бүтүүтүн диэки 20 тыһыынча киһи Куубаттан көһөн барбыт.
- 2003 — Афганистааҥҥа аан дойду эйэни олохтуур сэриилэрин НАТО салайар буолбут.
- Тебриз куоратын аттыгар буолбут икки сир хамсааһыныны түмүгэр кырата 306 киһи өлбүт, 3000 киһи бааһырбыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- 1974 — Семен Егоров — Хачыкааттан төрүттээх саха скульптора.
- 1984 — Алексей Филатов — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сириттэн Александр Невскай уордьанын бастакы кавалера.
- 1998 — Николай Дьячковскай — саха тылын дорҕоонун тутулун дириҥник чинчийбит тыл үөрэҕин дуоктара, профессор, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх үлэһитэ.
- Луанда куоракка Николай Оконешников, саха урбаанньыта.
|
- ↑ День национальной идентичности в Армении — 11 августа. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
- ↑ День национальных героев в Зимбабве — 11 августа. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
- ↑ День памяти бойцов за свободу Латвии — 11 августа. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010