Вьетнам сэриитэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хоту уонна Соҕуруу Вьетнам ыккардыларыгар 1955 сыллаахтан 1975 сыллаахха дылы буолбут сэрии. Бу сэриигэ Хоту Вьетнаамы ССРС, Кытай уонна Хоту Кэриэйэ өйүүрэ, онтон Соҕуруу Вьетнаамы АХШ, Таиланд, Австралия, Саҥа Зеландия уонна Филлипиналар өйөөбүттэрэ. Хомуньуустуу уонна каписталиистыы дойдулар икки ардыларыгар буолбут Тымныы сэрии сорҕотун быһыытынан сыаналыыллар.

Сэрии буолуон иннинэ

1859-1862 сыллардаахха Франция Вьетнамы колония оҥостон барбыта, уонна 1864 сыллаахха Сайгону уонна Кохинчинаны, Вьетнам соҕуруу өттүн ылбыта. 1874 сылга Аннамы, Вьетнам ортотун уонна да атын сирдэри ылаттаабыта. Мантан салгыы Кытай-Франция сэриитин (1884–1885) кэнниттэн Вьетнам хотугу оройуоннарын ылбыта уонна 1887 сыллаахха дойдуну тэрийиитин саҕалаабыта.

Аан дойду II сэриитин кэмигэр, Германия 1940 сыллаахха Францияны ылбытын кэннэ Виши салайыылаах Нацисткай Германия салайыылаах дойдуга кубулуйбута. 1945 сыл кулун тутарыгар Дьоппуон Иккис Франциятааҕы Индокитай хампаанньатыгар Индокытайы ылбыта уонна 1945 сыл атырдьах ыйыгар дылы тутан олорбута.

Фашистыы Германия хотторбутун кэнниттэн Виши салайыыта Франция уонна кини дойдуларга былааһын сүтэрбитэ. Саҥалыы оҥоһуллубут Франция Республикатын правительствота былааһы наада буоллаҕына сэриинэн төнүннэриэн баҕарбыта. Ол төнүннэриини Вьетнамҥа оҥоһуллубут Вьет Мин диэн ааттаах армия утарсыбыта.

Вьет Мин 1941 сыллахха хоммунньуус партия тэрийбитэ уонна Хо Ши Мин салайааччы этэ. Бастакы Индокытай уонна Франция сэриитигэр тиэрдибитэ. 1946 сыллаахха Хайфонг хочотун бомбалааһынтан саҕаламмыта уонна Диен Биен Фуга Франция хотторбутун биллэрбитэ.

1954 сыл от ыйыгар Франция уонна Вьет Мин Женеваҕа эйэ дуогабарын илии баттаабыттара. Онно 17-ис парраллелынан Вьетнаамы икки аҥы араарбыттар - хоту өттө Хо Ши Мин салайыылаах хоммуньуус дойдуга, онтон соҕуруу өттө хомууньууһу утарар Нго Динь Дием салайыылаах дойдуларга арахсыбыттара. Оннук 1956 сыллаахха дылы буолар диэн быһаарыыллыбыта, ол гынан баран Нго Динь Дием хоммунньуус активиистары хаайыыга угарын саҕалаабыта, уонна быыбары тохтоппута. 1957 сыллаахха Вьетнам дьоно партизаан сэриитин саҕалаабыта.

АХШ хомунньууһу утарар Соҕуруу Вьетнаамы өйүүр этэ уонна Вьетнам армиятыгар байыаннай көмөлөһөөччүлэри ыытарын саҕалаабыта. Соҕуруу Вьетнам Хотуну кытта сыһыаннаах Вьет Коҥу - хоммунньуус партиятын кытары охсуһар этэ, Вьет Конг охсуһуутун 1957 сыллаахха саҕалаабыта, онтон 1959 сыллаахха Хоту Вьетнам Вьет Коҥҥа киэҥник көмөлөһүүтүн саҕалаабыта уонна сотору буолан баран Соҕуруу Вьетнам этэрээттэригэр саба түһүүлэрин саҕалаабыта. Америка "домино теориятыттан" куттаналлара

Тонкиннааҕы резолюция

Билэ:USS Maddox (DD-731) underway at sea, circa the early 1960s (NH 97900).jpg
Мэддокс эсминец. Үс Хоту Вьетнаам торпедота Мэддокс эсминеһыгар саба түспүтүн туһунан уонна икки күн буолан баран атын Төрнер Джойга ыппыттар диэн иһитиннэриллибит.

Онон сибээстээн АХШ Конгреһа Тонкин резолюциятын ылыммыт, онно АХШ президена сэриини саҕалыыр бырааптаммыт. Ол кэнниттэн Вьетнаамҥа түргэн баҕайытык сэрии саҕаламмыт.

On 2 August 1964 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр Тонкин хочотугар Мэддокс АХШ эсминеһыгар Хоту Вьетнамҥа сытар кытылыттан кэлбит торпеда ыппыт диэн иһитиннэриллибит. Икки күнүнэн Төрнер Джой уонна Мэддокс биллибэт сиртэн кэлэн ытыллыбыттар диэн иһитиннэриллибит.

Иккис саба түһүү кэнниттэн АХШ салгынтан Хоту Вьетнам сирин буомбалааһыны саҕалаабыт. Ол бириэмэҕэ АХШ Конгреһыгар Тонкин резолюцията түргэнник ылыллыбыт, онон АХШ Президеныгар сэриини саҕалаабакка эрэ улахан байыаннай операциялары ыытар быраабы биэрбит. Дьон саба түһүү баарын улахан боппуруоһун туруорбуттар, ол кэнниттэн 2005 сыллаахха секрет түспүтүн кэннэ саба түһүү суоҕа биллибит.

Хотгу Вьетнам уонна Вьет Конг киэҥ суол ситимнээхтэр эбит, ону Хо Ши Мин суоллара диэн аттыллара.[1]Саллааттар уонна сэрии сэптэрэ Хотугу Вьетнамтан Соҕуруу Вьетнамҥа Лаос нөҥүө ыытыллаллара, ол иһин АХШ армията ол суолу күүстээхтик буомбалаабыттара, уонна үс мөлүйүөн кэриҥэ буомба Лаоска быраҕыллыбыта.

1968 сыллахха Тэт кимэн кииритигэр хоммунньуустар элбэх сүтэриилэрин кэниттэн АХШ армията Вьетнамизацияна саҕалаабыта, ол аата Соҕуруу Вьетнам армиятыгар Вьетнам дьоно сулууспалыыр курдук былааннаммыта. 1973 сыл саҕаланыытыгар АХШ сэрии дьонноруттан 95% номнуо Америкаҕа барбыттар, онтон хаалбыт армия дьонноро Вьетнам дьоннорун үөрэтиигэ хаалбыттар.

1973 сыл тохсунньутугар Париж куоракка эйэ дуогабара илии баттаммыта, ол гынан баран сэрии 1975 сылга эрэ тохтообута.

Партизааннар сэриилэрэ

Билэ:173d Airborne Brigade- Vietnam War-Hill 823.jpg
Дак То сэриитигэр АХШ салгын саллааттара (1967).

Улахан сэрии охсуһуута баарын да иһин үксэ партизаан сэриитинэн ааспыта. Улахан сэрииттэн атын буолара биллибитэ

Партизааннар кыра группанан сэрии чаастарын кэлэн саба түһэллэр, араас засаадалары олохтообуттар, уонна эйэлээх дьон быыһыгар сүтэн хааллаллар эбит. Хоту уонна хоммунньуус сэрииһииттэр партизаан сэриитин киэҥник тутталлар эбит.[2]

Сайгон охтуута

Вьетнаамтан куотуулаахтар

Сайгон диэн Соҕуруу Вьетнам киин куората. Ону Хоту Вьетнам сэрииһиттэрэ 1975 сыл муус устар 30 күнүгэр ылбыттар уонна онон Вьетнаам сэриитэ түмүктэммит уонна Вьетнаамы биир хоммунньуус дойду курдук холбонуута саҕаламмыт.

Охтуон иннинэ Америкаттан сылдьар дьон уонна сорох биэс тыыһынча Вьетнаам олохтоохторун кытары куоппуттар.


Сайгону 1976 сыллаахха Хошимин диэн ааттабыттара.

Сыһыаннаах сигэлэр

Быһаарыылар

  1. Ho Chi Minh Trail. Spartacus Education (Unknown [last update]). Тургутулунна 1 Бэс ыйын 2012.
  2. Battlefield:Vietnam | Guerrilla Tactics. pbs.org (2011 [last update]). Тургутулунна 13 Кулун тутар 2011.

Тас сигэлэр

Commons-logo.svg
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: