Бэс ыйын 22

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 173-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 174-c күнэ). Сыл бүтүө 192 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АрассыыйаКутурҕан күнэ, 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт
  • Улуу БританияFlag of the United Kingdom.svg Улуу Британия — Виндраш күнэ. 1948 сыллаахха Кариб арыыларыттан Британияҕа "Виндраш" диэн хараабылынан хара тириилээх үлэһиттэри аҕалбыт күннэрэ. Бу дьон сэрии кэмигэр айгыраабыт дойду экэниэмикэтин өрө көтөҕөргө көмөлөспүттэрэ, ол эрээри олохтоохтортон атаҕастабылы көрсүбүттэрэ. Официальнай бэлиэ күн буолбатах эрээри, бырабыыталыстыба бу күнү бэлиэтииргэ 2018 сылтан харчы көрөр
  • ГаитиFlag of Haiti.svg Гаити — Бэрэсидьиэн күнэ
  • ГернсиГернси — Аҕа күнэ
  • Конго ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of the Republic of the Congo.svg Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Аармыйа күнэ
  • Эл СалвадорFlag of El Salvador.svg Эл Салвадор — Учуутал күнэ
  • ХорватияFlag of Croatia.svg Хорватия — Фашизмы утары охсуһуу күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1633Римҥэ инквизиция суутугар буруйдаммыт Галилео Галилей Сир Күн тула эргийэр диэн бэйэтин тылларыттан батыммыт.
  • 1812Француз императора Наполеон Бонапарт Арассыыйаҕа сэрии биллэрбит.
  • 1839АХШ бырабыыталыстыбатын кытта черокилары арҕаа көһөрөр Саҥа Эхота сөбүлэҥэр илии баттаабыттарын иһин Майор Ридж, Джон Ридж уонна Элиас Будино диэн биис уустарын баһылыктарын черокилар бэйэлэрэ өлөрбүттэр. Бу көһөрүү кэлин Харах уулаах суол диэн ааттаммыта. "Харах уулаах суол" билиҥҥи тоҕус штаат сирдэринэн ааһар, устата 2200 миилэ (3500 км). Черокилары күүһүнэн көһөрүүгэ буруйу АХШ Кэнгириэһэ 1987 сыллаахха билиммитэ, АХШ Сената 2008 сыллаахха индеецтэртэн "АХШ салалтатын толкуйдамматах бэлиитикэтин" иһин бырастыы гыналларыгар көрдөспүтэ.
  • 1929 — Нагаево буухтатын кытылыгар Илиҥҥи Эбээн культбазатын олорор дьиэлэрин, оскуолатын, бэтэринээр пуунун, балыыһатын уонна интэринээтин тутуу саҕаламмыта. Кэлин бу культбаза Магадаан куорат буолбута.
  • 1941 — Фашистыы Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түспүт.
  • 1941Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской түбэспитэ. 1945 сыллаахха Рейхстаг эркинигэр хаалларбыт суруга хаартыскаҕа баар. Кэлин социолог учуонай буолбута.
  • 1942 — бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит уонна ол дьонун кытта бэс ыйын 22 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
  • 1942 — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой (08.05.1897—1975) 44 сааһыгар сэриигэ барбыт. Хаста да бааһыран тыыннаах төннүбүтэ.
  • 1943Николай Илларионов фронтан дьонугар суруйбут суругар сулууспалаабытым 1 сыл буолла диэбит. Бу Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх киһи өссө 6 бииргэ төрөөбүтэ сэриигэ сылдьыбыта. Бэйэтэ төннүбэтэҕэ. Төрөппүттэрэ (уонна 11 бииргэ төрөөбүт оҕоттон кыралара буолуо) Чурапчы холкуостарын күүһүнэн хоту көһөрүллүүтүгэр түбэспиттэрэ.
  • 1960ССРС уонна Кытай официальнайдык сыһыаннарын быспыттар. Бу иннинэ ССРС хомуньуус баартыйатын баһылыга Никита Хрущёв Кытай хомуньуус баартыйатын баһылыган Мао Цзэдуну сталинист диэн ааттаабыта, ынарааҥҥыта Хрущебу ревизионист диэбитэ.
  • 1973ГДР уонна ФРГ Холбоуктаах наассыйалар тэрилтэлэрин чилиэннэрэ буолбуттар.
  • 2008 — "Улак—Элгэ" тимир суол тутуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыттар. Бу суол уһуна 315 км. Аһыллыы сиэригэр-туомугар СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров уонна Амыр уоблаһын күбүрүнээтэрин э.т. Виктор Марценко сылдьыбыттар.
  • Юнус-бек Евкуров бааһырбыт.

Төрөөбүттэр

  • Панкратий Шадрин. (1986 өлб.)
  • 1933 — Прокопий Ефремов (20.01.1992 өлб.) — саха уос номоҕун чинчийээччитэ, дулгаан уос номохторун хомуйбут тарбахха баттанар дьонтон биирдэстэрэ.
  • 1941 — Павел Харитонов — Ойуку — бэйиэт, прозаик, литератураны ырытааччы.
  • 1952 — Саргылана Баишева — дьоҕус урбаан, бэйэни аһынан хааччыныы кыһалҕаларын, аҕыйах ахсааннаах омуктар экэниэмикэлэрин чинчийбит экономика билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
  • 1977 — Иван Белолюбскай — мадьыны, Дыгын оонньууларын 7 төгүллээх кыайыылааҕа, мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара.
  • 1987Ирина Платонова, дьахталларга 100 харахтаах дуобакка Россия (Уфа) уонна Европа студенкаларын (Польша) ортотугар чемпионка, дьахталларга Европа үрүҥ көмүс призера (Стокгольм), Голландияҕа ыытыллыбыт икки НИАТ кыайыылааҕа. 2003 сыллаахха дьахталларга Арассыыйа чемпиона.

Өлбүттэр

  • Никколо Макиавелли (1469 төр.), Италия судаарыстыбатын дьайыксыта, куолуһут.
  • 1931Алтан Сарын — Гавриил Баишев — саха суруйааччыта, саха тылыгар уларытыылары киллэрэргэ элбэхтик үлэлээбит XX үйэ саҕаланыытыгар биллибит киһи. 1930 сыл муус устарыгар тройка суутунан 3 сылга болдьохтоон күлүүс хаайыытыгар, ол кэнниттэн Саха Сириттэн төһө кыалларынан ыраах, үлэнэн көннөрүллэр лааҕырга барарга уураахтаммыта.