Олунньу 20

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 51-с күнэ. Сыл бүтүө 314 күн (ордук хонуктаах сылга 315 күн) баар.

Бэлиэ күннэр

  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТУопсастыбаҕа сиэрдээх сыһыан аан дойдутааҕы күнэ
  • ВенесуэлаFlag of Venezuela (state).svg Венесуэла — Федерация күнэ
  • УкраинаFlag of Ukraine.svg Украина — Халлаан сотнятын Дьоруойдарын күнэ
  • Киинэ операторын күнэ
  • Куоска аан дойдутааҕы күнэ. Сорох дойдуларга бэлиэтэнэр (холобур Японияҕа, Испанияҕа). Куоска күнүн аан дойдуга атын күннэргэ эмиэ бэлиитиллэр.
  • Азия — Ый халандаарынан сороҕор бу күҥҥэ Азия саҥа дьыла сөп түбэһэр (сылыттан көрөн тохсунньу 20 уонна олунньу 20 күннэрин ыккардыгар буолар, быйыл, 2023 сыллаахха тохсунньу 22 күнүгэр буолбута).

Түбэлтэлэр

  • 1521 — Хуан Понсе де Леон Испанияттан Флоридаҕа 200 колонистары илдьэ барбыт.
  • Эдуард VI Англия хоруола буолбут.
  • 1705 — Арассыыйаҕа Бүөтүр I рекруттары хомуйар туһунан ыйааҕа тахсыбыт. Бу реформа түмүгэр 1708 сыллаахха урукку 40-ча тыһыынча саллаат оннугар Арассыыйа аармыйата 113 тыһыынча рекруттаммыта.
  • 1818Москубаҕа Кыһыл болуоссакка үөрүүлээх быһыыга-майгыга Минин уонна Пожарскай мэҥэлэрэ аһыллыбыт.
  • Краковка өрө турбуттар, соруктара — дойду тутулуга суох буолуутун иһин охсуһууну күөдьүтүү.
  • 1905 — АХШ Үрдүкү суута хара уоспаны утары булгуччу быһыы биэриини АХШ Конституциятын утарбатын быһаарбыт (Джейкобсон Массачусетсы утары дьыалата).
  • 1887Дьокуускайга Уобаластааҕы статистика кэмитиэтигэр харайыыга биэриллибит бизон төбөтүн туһунан мунньах буолбут. Муоһу ханна да ыыппакка Дьокуускайга бэйэтигэр тэриллэр түмэлгэ анаан хаалларарга быһаарыы ылыллыбыт. Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей устуоруйатын мантан саҕалыахха сөп.
  • 1927 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкуомун бэһис ыҥыырытын бастакы пленума буолбут. Исидор Барахов обкуом бастакы сэкиритээринэн талыллыбыт.
  • 1933Адольф Гитлер Германия бөдөҥ промышленниктарын кытта кистэлэҥ көрсүһүүтэ буолбут. Сотору буолуохтаах быыбарга нацист баартыйатын үбүлүүргэ сөбүлэспиттэрэ.
  • 1962Америка бастакы астронава Джон Гленн орбитаҕа тахсыбыт уонна 4 чаас 55 мүнүүтэ иһигэр Сири үстэ эргийбит.
  • 1968 — Пекиҥҥэ Кытай космос технологияларыгар акадьыамыйата олохтоммут, спутниктары оҥорор Кытай сүрүн тэрилтэтэ.
  • 1986ССРС орбитальнай станцията «Мир» бастакы сүрүн блога орбитаҕа таһаарыллыбыт.1986 — Советский Союз запускает космический корабль «Мир» . Оставаясь на орбите 15 лет, он занят десять из них.
  • 1988 — Нагорнай Карабаах автономиялаах уобалаһын (НКАО) дьокутааттарын сэбиэтэ уочарата суох сиэссийэҕэ мустан Азербайджанскай ССР уонна Армянскай ССР Үрдүкү Сэбиэттэрин иннигэр уобалаһы Азербайджаантан Арменияҕа биэрэри көрдөһөргө быһаарбыт (Карабаах араллаана саҕаламмыт).
  • Энвер Ходжа баараҕай мэҥэтин суулларбыттар.
  • 2005Испания бастакынан референдум ыытан Европа Сойууһун конституциятын бигэргэппит.
  • 2014Киевкэ Евромайдаҥҥа бастакы хаан тохтубут, уонунан ахсааннаах демонстрааннары ытан өлөрбүттэр (сорохторун сарайтан снайпердар).

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • Сухэ-Батор (1893 төр.), Монголия өрөбөлүүссүйэтин салайааччыта.