1968 сыл
Сыллар |
---|
1964 1965 1966 1967 — 1968 — 1969 1970 1971 1972 |
Уоннуу сыллар |
1930-с 1940-с 1950-с — 1960-с — 1970-с 1980-с 1990-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1968 сыл.
Түбэлтэлэр
Күнэ-ыйа чопчуланыахтаах эбэтэр биллибэт түбэлтэлэр
- Тува өрөспүүбүлүкэтигэр, Кызыл куоракка Саха АССР култууратын, ускуустубатын күннэрэ уонча хонук устата буолбуттар[1].
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Сэбиэскэй Сойууска эфиргэ бастакытын «Время» информационнай биэрии тахсыбыт.
- Тохсунньу 28 — ССРС билимин Академиятын ыҥырыытынан Сорбонна профессора Жан Масари Саха Cиригэр кэлэ сылдьыбыт.
- Тохсунньу 30 — Саха култууратын үлэһиттэрин III сийиэһэ саҕаламмыт.
- Тохсунньу 30 — Вьетнам сэриитин саҕана Вьетконг уонна Хотугу Вьетнам аармыйата Тет кимэн киириитин саҕалаабыттар. Бу сэриигэ хомуньуустар бастакы улахан кимэн киириилэрэ этэ. Мантан сылтаан Америка дьоно-сэргэтэ кыайыыны ситиһэргэ эрэллэрин сүтэрбиттэрэ.
- Тохсунньу 31 — Вьетнам сэриитэ: сарсыарда эрдэ бартыһааннар Сайгоҥҥа АХШ посольствотыгар уонна атын эбийиэктэргэ саба түспүттэр.
- Тохсунньу 31 — Науру Австралияттан тутулуга суох буолбут.
Олунньу
- Олунньу 1 — Вьетнам сэриитэ: Вьетконг эппиһиэрин Нгуен Ван Лемы Соҕуруу Вьетнам полициятын начаалынньыга Нгуен Нгок Лоан ытан өлөрөрүн киинэҕэ устубуттар уонна Эдди Адамс аатырбыт хаартыскатын оҥорбут.
- Олунньу 20 — Пекиҥҥэ Кытай космос технологияларыгар акадьыамыйата олохтоммут, спутниктары оҥорор Кытай сүрүн тэрилтэтэ.
Кулун тутар
- Кулун тутар 5 — Саха сирин суруйааччыларын VII сийиэһэ аһыллыбыт. Кулун тутар 5-6 күннэригэр үлэлээбит.
- Кулун тутар 12 — Маврикий Британияттан тутулуга суох буолбут.
Алтынньы
- Амматааҕы норуот тыйаатыра аһыллыбыт.
- Алтынньы 31 — Майа бөһүөлэгин тутуутун сүрүн былаана ылыныллыбыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 14 — Европаҕа бастакы тыҥа трансплантацията оҥоһуллубут.
Ахсынньы
- Ахсынньы 9 — Сан-Францискоҕа Дуглас Энгелбарт аан бастаан киэҥ араҥаҕа көмпүүтэр мышкатын уонна гипертиэкиһи көрдөрбүт.
- Ахсынньы 22 — Кытайга культурнай өрөбөлүүссүйэ кэмигэр "Жэньминь жибао" хаһыакка Мао Цзэдун биир улахан суолталаах ыстатыйата тахсыбыт. Ыстатыйаҕа «өйдөөх эдэр ыччат тыа сиригэр барыахтаах, уонна тыа сирин дьадаҥы олоҕун билэн үөрэниэхтээх» диэн этиллибит. Инньэ гынан оскуоланы бүтэрбит эдэр ыччат тыа сиригэр "үөрэххэ" ыытыллыбыта.
- Ахсынньы 28 — Израиль спецнааһа Бейрут куорат аэропордугар 14 пассажирскай сөмүлүөтү урусхаллаабыт.
Төрөөбүттэр
- Балаҕан ыйын 25 — Абрамова Оксана Ивановна, РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа.
- Алтынньы 29 — Владимир Федоров — Саха сирин бэлиитигэ, Ил Түмэн III уонна IV ыҥырыыларын дьокутаата.
- Сэтинньи 6 — Раиса Кузьмина — эбээн тылын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
- Ыам ыйын 28 — Охлопков Фёдор Матвеевич (төр. 1908), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1965).
- Бэс ыйын 9 — Эргис — Гермогенов Георгий Устинович (төр. 1908), тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата.
- От ыйын 14 — нуучча суруйааччыта Константин Георгиевич Паустовскай.
- Балаҕан ыйын 9 — Эргис Георгий Иустинович, саха фольклорун үөрэтээччи, этнограф, бөлүһүөк; тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.
- Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, бастаан Арҕаа фроҥҥа, онтон Дьоппуону утары сэриигэ кыттыбыта.
- ↑ Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997