Балаҕан ыйын 9

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 252-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 253-c күнэ). Сыл бүтүө 113 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Калифорния киириитин күнэ. 1850 сыллаахха 31-с штаат быһыытынан киирбит
  • Хотугу КэриэйэТутулуга суох буолуу күнэ (1948)
  • Коста РикаFlag of Costa Rica (state).svg Коста Рика — Оҕо күнэ (ааҥл. Children's Day)
  • СловакияFlag of Slovakia.svg Словакия — Холокост уонна раасанан күүһүлээһин сиэртибэлэрин күнэ (Deň obetí holokaustu a rasového násilia)
  • Таджикистаан былааҕа Таджикистан — Тутулуга суох буолуу күнэ (1991, ССРС-тан)
  • ДьоппуонХризантема күнэ эбэтэр Кику-но-Секку
  • УкраинаFlag of Ukraine.svg Украина — Бронетанковай сэриилэр күннэрэ
  • Улуу БританияFlag of the United Kingdom.svg Улуу Британия — Суһал көмө сулууспаларын күнэ

Түбэлтэлэр

  • Б.э.и. 479 сыл — Платея кыргыһыытыгар гректэр хомуур сэриилэрэ Грецияны сэриилээн ыла кэлбит уонна кыстыы хаалбыт перс сэриитин кэйгэллээбиттэр.
  • Хара кытайдар баһылыктара Елюй Даши мусульмаан сельджуктар уонна кара-ханидтар сэриилэрин Катван аттыгар (Самарканд куораттан үс көс кэриҥнээх сир) үлтүрүппүт, бу кыайыы кэнниттэн Орто Азияны барытын баһылаабыт.
  • 1493 — Крбав хонуутугар кыргыһыыга Осмаан импиэрийэтин сэриилэрэ хорвааттары үлтү сыспыттар.
  • 1493Христофор Колумб 17 хараабылынан 1200 киһилээх Кадистан араҕан иккис устуутун саҕалаабыт.
  • 1759 — тохсунньуттан Саха сирин бойобуодатынан ананан сулууспалаабыт коллежскай асессор Андрей Павлуцкай тоҕус ый буолан баран уурайбыт. Кини кэнниттэн бойобуоданан коллежскай асессор Михаил Лебедев анаммыт.
  • 1776 — Америка Холбоһуктаах Колониялара саҥа ааттаммыт — Америка Холбоһуктаах Штааттара.
  • 1944ССРС уонна Польша лемка (русин, руснак) омуктары Илин Польшаттан Украинаҕа көһөрөр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • 1944 — Болгарияҕа өрө туруу буолбут, ол кэмигэр ыраахтааҕыны суулларбыттар.
  • Ким Ир Сен Кэриэйэ Норуотун Демократическэй Өрөспүүбүлүкэтэ (Хоту Кэриэйэ) тэриллиитин туһунан биллэрбит. Бу иннинэ аҕай атырдьах ыйын 15 күнүгэр Соҕуруу Кэриэйэ эмиэ бэйэтэ туспа өрөспүүбүлүкэ буолбута.
  • Правдаҕа" экэниэмикэ мөккүөрүн саҕалаабыт. Бу мөккүөр түмүгүнэн Сэбиэскэй Сойуус экэниэмикэтин реформатын торума оҥоһуллубута, Хрущев былаастан туоратыллыбытын кэннэ 1965 сыллаахха олоххо киирэн барбыта.
  • 1969Канаадаҕа Тыл Аакта олоххо киирбит, ааҥыл уонна француз тыллара дойду үрдүнэн официальнай буолбуттар.
  • 1970 — ВАЗ-2101 «Жигули» оҥоһуута саҕаламмыт. «Жигулилар» 2014 сылга диэри 44 сыл тухары оҥоһуллубуттара.
  • 1976Кытай муҥур салайааччыта Мао Цзэдун өлбүт. Былааска реформатор Дэн Сяопин кэлбит. Онон Кытайга реформатордар былааска ССРС-тааҕар 6 сылынан эрдэ кэлбиттэрэ (Андропов реформалары саҕалаан испитин аахтаахха). Дэн Сяопин дойду экэниэмикэтин экспортка олоҕурар курдук салайбыта (Тайвань, Сингапур, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ холобурдарын батыһан).
  • 1999 — Москубаҕа балаҕан ыйын 9 күнэ буолар түүнүгэр Гурьянов уулуссатыгар элбэх квартиралаах дьиэни дэлби тэптэрии түмүгэр 106 киһи өлбүт.
  • Ахмад Шах Масуду Аль-Каида дьоно арааб суруналыыстара буолан кубулунан тиийэн өлөрбүттэр.
  • 2018 — быыбардааччы 71,40 % куолаһын ылан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана буолбут.

Төрөөбүттэр

  • 1828Лев Толстой — нуучча аатырбыт суруйааччыта, публицист уонна итэҕэл диэйэтэлэ.
  • 1935 — Спартак Слепцов — СӨ үтүөлээх артыыһа, Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын сүрүн режиссера.
  • дьүкээгир суруйааччыта, аан дойдуга аатырбыт «Ханидоо уонна Халерхаа» арамаан ааптара.
  • 1960 — Семен Ермолаев - Сиэн Өкөр — драматуур, киносценарист, суруйааччы, суруналыыс.

Өлбүттэр