Америка Холбоһуктаах Штааттара
Америка Холбоһуктаах Штаттара United States of America |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Ыҥырыыта: In God We Trust (official) E Pluribus Unum (From Many, One; Latin, traditional) |
||||||
The Star-Spangled Banner" |
||||||
Киин куората | Уашиҥтон | |||||
Largest city | Нью Йорк | |||||
Ил тыла | Федерал таhымҥа суох | |||||
Дойду тыла | Ааҥл тыла | |||||
Олохтоохтор ааттара | Американнар | |||||
Дьаhалтата | Конституция Федеральнай Президент Өрөспүүбүлүкэтэ | |||||
- | Президент | Joe Biden (Д) | ||||
- | Вице-президент | Kamala Harris (Д) | ||||
- | Speaker of the House | Нэнси Пелози (Д) | ||||
- | Бас сууттааччы | Дьон Робертс | ||||
Тутулуга суох буолуу Холбоhуктаах Хоруоллуктан | ||||||
- | Декларация | От ыйын 4, 1776 | ||||
- | Ылыныы | Балаҕан ыйын 3, 1783 | ||||
- | Конституция | Бэс ыйын 21, 1788 | ||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 9 826 630 km² (3rd/4th3) 3 794 066 sq mi |
||||
- | %) | 6.76 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2000 census | 281,421,906 | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 31/km² (180th) 80/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $13.543 trillion (1st) | ||||
- | Per capita | $43,444 (4th) | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $13.794 trillion (1st) | ||||
- | Per capita | $43,594 (11th) | ||||
Дьини (2006) | 47.0 | |||||
КСИ (2016) | 0.920 (high) (10th) | |||||
Валюта | АХШ доллара ($) (USD "$" ) |
|||||
Кэм зоната | (UTC-5 to -10) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | (UTC-4 to -10) | ||||
Ил домен | .us .gov .mil .edu | |||||
Телефон кода | +1 |
Америка Холбоһуктаах Штаттара (федерал штаттан (илтэн) уонна биир федерал эргинтэн турар. Бериҥ силбэhиитин нөҥүө. Хауайи штата Чуумпу океан ортотугар баар архипелаг. Онтон ураты дойду Чуумпу океаҥҥа уонна Кариб байҕалыгар хас да бас билэр сирдэрдээх уонна арыылардаах.
Иэнэ 9.83 млн км² (аан дойдуга улаханынан үһүс) уонна олохтоохторун ахсаана 306 млн (аан дойдуга улаханынан үһүс). Холбоhуктаах Штаттар аан дойду биир ордук элбэх араас омуктардаах уонна култууралардаах дойдута буолар, бу өр кэмнээх улахан, билигин да бара турар, иммиграция түмүгэ. АХШ экономиката аан дойдуга бастыҥ, ол курдук 2008 сыллааҕы БИО $14.3 триллион буолбут (аан дойдутааҕы БИО 23% уонна АКП 21%).
Устуоруйата
Дойду устуоруйата уон үс колонияны тэрийиититтэн саҕаланар. тутулуга суох буолуу декларациятын таhаарбыттара, бу декларациянан кинилэр Улуу Британияттан тутулуга суох буолууларын уонна Холбоhуктаах Уния тэрийиилэрин туhунан эппиттэрэ. Ол кэнниттэн буолбут Тутулуга суох буолуу Америка сэриитигэр өрө турбут штаттар Улуу Британияны кыайбыттара. Филадельфия конвенциятынан Bill of Rights диэн конституцияҕа уон көннөрүүлэр киллэриллибиттэрэ.
Тексас уонна Хауайи республикаларын аннексиялаабыта. кулуттааhын институтун туhунан мөккүөрдэриттэн сылтаан Америка олохтоох сэриитэ буолбута. Бу сэриигэ Хоту кыайыыта дойду эстиитин тохтоппута уонна кулуттааhыны суох оҥорбута. Оннук АХШ Кэнгириэһэ кулуттааһыны 1862 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр боппута.
Испания-Америка сэриитин уонна Холбоhуктаах Нациялар Көмүскэл Сүбэтин олохтоох кыттааччыта уонна Сүбэ Унията эстиитин кэнниттэн АХШ соҕотох суперкүүс буолбута. Дойду глобал сэрии хоромньулааhынын 50% оҥорор уонна аан дойду бастыҥ экономика, политика уонна култуура күүһэ буолар.
Салайыы
Америка Холбоһуктаах Штааттара федеральнай республика. Федерал былаас АХШ Конституциятыгар олоҕурар. Салалта үс салаалаах: ситэриилээх былаас, сокуону таһаарар былаас уонна сууттуур былаас. Штаттар былаастара эмиэ итинник арахсар.
Ситэриилээх былаас
Ситэриилээх былаас диэн сокуону үлэҕэ киллэрэр салалта чааһа буолар. АХШ быыбар бэрэстэбиитэллэрэ АХШ президенын талаллар, кини ситэриилээх былаас ону тэҥэ сэриилээх күүстэр басхана буолар. Конгресс ылыммыт сокуонугар ветоны ууруон сөп, оччоҕуна ол сокуон олоххо киллэриллибэт. Ону тэҥэ дьон номнуо ылыммыт сокуону тутталларыгар араас укаастары таһаарыан сөп.
Президент дьон уонна бизнес олоҕун хонтуруоллуур департаменнар иһин эппиэтинэһи сүгэр. Ол курдук, Урбаан департамена урбаан уонна бизнес туһунан быраабылалары оҥорор уонна таһаарар. Ол иһин Президент ол департамент тойонун бэйэтэ талар, уонна федерал сууттааччылары номинациялыыр. Ол гынан баран Сенат ону кытта сөбүлэһиэхтээх. Президент түөрт сыллаах болдьоххо талыллар.
Сокуону таһаарар былаас
Сокуону таһаарар былаас сокуоннары толкуйдуур. АХШга ол былаас АХШ Конгреһыгар сүктэнэр. Конгресс икки палаталаах.
Биир палаататын аата Бэрэстэбиитэллэр палааталара диэн ааттанар. Бэрэстэбиитэллэр ханнык эмит штаттан эбэтэр территорияттан талыллаллар. Бэрэстэбиитэллэрин ахсаана хас киһи ол штатка эбэтэр сиргэ олороллоруттан тутулуктаах. Бэрэстэбиитэл икки сылга талыллар. Бэрэстэбиитэллэр ахсаана билигин 435 киһи буолар. Бэрэстэбиитэллэр палаталара спикердаах. Президены уонна вице-президены кытта туох эмит буоллаҕына кини эбээһинэстэрин спикер толорор.
Иккис палааталарын аата Сенат диэн ааттанар. Сенатка хас биирдии штаттан икки сенатор үлэлиир. Ол иһин билигин 50 штаттан 100 сенатор үлэлиир. Президент дуогабар эбэтэр официал үлэһиттэри туруоруон иннинэ Сенат сөбүлэһиэхтээх. Сенатордар 6 сыллаах болдьоххо үлэлииллэр. АХШ вице президена Сенат спикера буолар.
Бэрэстэбиитэллэр уонна сенатордар араас сокуоннары киллэрлэллэр, ону бырайыак диэн ааттыыллар. Ханнык эмит бырайыак тута куоластаныан сөп, эбэтэр араас хамытыаттарынан тарҕанан дьүүлэнэллэр. Бырайыак сокуон буоларыгар икки палата иккиэн куоластыыллар, уонна президент илии баттыыр эбэтэр вето быраабын туттуон сөп. Президент ветолаатаҕына иккистээн Конгресска киирэр, онно үс гыммыттан икки куоластары хомуйдаҕына Президент вето уурар кыаҕа суох буолар.
Федерал систематыгар Конгресс штаттар сокуоннарын көнөтүк уларытар кыаҕа суох, ол оннугар Конгресс федерал харчыны мэктиэлиир, уонна ол сокуон штакка киирэригэр услуобуйаны үөскэтэр. Ол системата олус уустук тутулуктаах.
Сууттуур былаас
Сууттуур былаас диэн былаас биир салаата уонна сокуон туох диэн этэрин быһаарар. Сууттуур былаас АХШга Үрдүкү суутан уонна элбэх кыра сууттартан турар. Үрдүкү суут ханнык эмит сокуон Конституцияны кэһэр диэн эттэҕинэ ол сокуон "хоторбут" диэн быһаарыллар уонна үлэлээбэт буолар. Үрдүкү суут тоҕус судьуйалартан турар, Президент кинилэри сүбэлиир уонна Сенат бигэргэтэр. Ол кэнниттэн үлэттэн тахсыаҕар эбэтэр өлүөҕэр дылы судьуйанан үлэлиир. Ол буоллаҕына Президент атын киһини сүбэлиир. Сенат сөбүлэспэтэҕинэ Президент атын киһини булуохтаах.
Араас дьыалалартан (ол курдук Марбури Мэдисон утары дьыалатыгар) Үрдүкү суут Конституцияны хайдах ааҕарга соҕотох тылбаасчыт буолар уонна ханнык баҕар сокуону хотуон сөп.
Нэhилиэнньэтэ
АХШ урут уруккаттан янкилар дойду үрдүнэн 95% ылаллара 1920 сыллаахха. Ол эрэн АХШ экономика сайдарын уонна дьон олоҕо тупсарынан сибээстээн атын дьадаҥы дойдулартан үчүгэйдик олороору элбэх мигрант кэлэр. Онон сибээстээн янкилар бырыhыаннара кыччыыр. 1950 сылга номнуо 95%-тан намтаан 85% буолар. Ол эбэтэр 15% АХШ олохтооҕо мигрант буолар. Миграннар кэлиилэрэ өссө күөдьүйэр 1970-1990 сыллардаахха, уопсайа 60 миллион киһи 30 сыл иһигэр АХШ олохсуйа киирэр (ол эбэтэр 1 сылга 2 миллион дьон), онон сибээстээн янкилар 85%-тан долялара өссө кыччаан 59% буолар. Мигрант дьон уопсай бырыһыана 41% буолар. Онон сибээстээн билиҥҥи туругунан мусульмаан омуктар, кытайдар уонна индиялар АХШ балай да элбииллэр уонна АХШ улахан мегаполистарыгар (холобура, Нью Йорк уонна Лос Анджелес) 80% ылаллар. Билигин миграннар кэлиилэрэ тохтообот, АХШ олотчутун кардинально этническай састааба номнуо 2030 сыллаахха мусульмаан уонна кытай, индия дьонун диэки улаатыа. ООН прогноз. сахалар кыра да буоллар миграция онороллор эбит, кэнники дааннайынан саха ахсаана 5 тыhыынчаттан аhарбыт, нуучча ахсаана 4 миллионтан элбэх.
Туризм
АХШ Аан Дойду иммиграцияҕын киинэ буоларын таһынан, биир Аан Дойдуга улахан визата суох бэйэтин территориятыгар киллэрэр, олор ахсааннарыгар Япония, Евросоюз (28 дойду), Корея, ОАЭ, Канада, Австралия. Америкаҕа барар туристар үксүн Нью-Йорк куоратка, Уашингтон, Калифорния регионнарын көрөллөр, ону таhынан Флорида штатын.
Быһаарыылар
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
|