Арассыыйа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин
Российская Федерация
Flag of Арассыыйа Coat of arms of Арассыыйа
Өрөгөй ырыатаАрассыыйа Бэдэрээссийэтин өрөгөйүн ырыата



Location of Арассыыйа
(уонна саамай улахан куорат) Москва
075 400) 55°45′N, 37°37′E
Ил тыла Нуучча тыла уонна өссө 22 регионнооҕу тыллар, холобура Саха тыла
Олохтоохтор ааттара Нууччалар, Сахалар у.д.а
Дьаhалтата Федерал Өрөспүүбүлүкэтэ диктатура астында
 -  Президент Владимир Путин
 -  Премьер миниистир Михаил Мишустин
 -  Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сүбэтин салайааччыта Валентина Матвиенко (Единая Россия)
 -  ГосДума салайааччыта Вячеслав Володин (Единая Россия)
Остуоруйата (862)1 Новгород тэриллиитэ 
Иэнэ
 -  Бүтүн 17 075 400 km² (1-я)
6 592 800 sq mi 
 -  %) 13
Олохтоохторо
 -  2008 estimate 142 008 838 (9-е)
 -  2002 census 145,166,731 
 -  Олохтоох чиҥэ 8,3/km² (209-й)
21,5/sq mi
БИО (АКП) 2007 estimate
 -  Total $2 089 trillion (7-й)
 -  Per capita $14 704 (52nd)
БИО (номинал) 2007 estimate
 -  Total $1 289 trillion (11-й)
 -  Per capita $9 074 (54th)
Дьини (2005) 40.5 
КСИ (2005) 0.802 (high) (67th)
Валюта Солкуобай (RUB)
Кэм зоната (UTC+2 to +12)
 -  Сайыҥҥы кэм  (UTC+3 to +13)
Ил домен .рф2 2009 с.)
Телефон кода +7
1 Варягтары ыҥырыы күнэ-дьыла Арассыыйа судаарыстыбаннаһын саҕаланыытынан ааҕыллар; Арассыыйа билиҥҥи көрүҥэр бэдэрээссийэтин (РСФСР) быһыытынан 1917 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр олохтоммута. 1991 сыл ахсынньы 25 күнүттэн билиҥҥи аатын сүгэр.
2 Кириллический, ожидается со второго квартала 2009 года.[1]

Арассыыйа Бэдэрээссийэтин эбэтэр Арассыыйа Федерацията (нууч. Российская Федерация) диэн Эуропа илин өттүгэр уонна Азия хоту өттүгэр сытар ил. Арассыыйа иэнинэн аан дойдуга ордук улахан ил (17 мөл 75 тыһ. 400 км² эбэтэр сир иэниттэн 11,46 % (1/9) ылар, иккис миэстэни ылар (Канада барыллаан икки төгүл кыра сири ылар).

Арассыыйа олохтоохторун ахсаана — 142 026,3 тыһ. киһи (2007 атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи Росстат дааннайынан [2] туох баар Сир нэһилиэнньэтиттэн 2,15 %), нэһилэнньэтин 4/5 Эуропа өттүгэр олорор. Киһи ахсаанынан аан дойдуга 8-с миэстэни ылар. Дьонун улахан аҥаара куораттарга олорор — 73,0 %. Арассыыйаҕа элбэх омук олорор: нууччалартан ураты (79,83 %) дойдуга 180-тан тахса атын омуктар олороллор. Арассыыйа ил тылануучча тыла.

Арассыыйа 16 или кытта киирбиhэр, сиринэн: Норвегия, Финляндия, Эстония, Латвия, Литва, Польша, Беларусь, Украина, Грузия, Азербайдьан, Казахстан, Кытай, Монголия, Хоту Кэриэйэ, байҕалынан: Дьоппуон уонна АХШ.

Географията

Арассыйа Бэдэрээссийэтин - 17.1 мөл. кв. км-тан ордук.

Арассыйа Бэдэрээссийэтэ Балтика тэҥис кытылларатан Чуумпу далай кытылларыгар диэри уонна Хотугу Муустаах далай кытылларытан Казахстан, Монголия уонна Кытай кыранныыссаҕа тиийэ тайыыр. Өрөспүүбүлүкэ хотулуу-арҕаа Норвегияны, Финляндияны кытта, арҕаа Латвияны, Эстонияны, Беларусьны кытта быысаһар. Литваны уонна Польшаны киирэр Калининградскай уоблас кыраныыссалаһар. Арассыйа Бэдэрээссийэтэ соҕуруулуу-арҕаа Украинаны кытта быысаһар; Кавказка Грузияны, Азербайджанны кытта кыраныыссалаһар. Сибииргэ кыраныысса бастаан Казахстанны, онтон илин Монголияны уонна Кытайны судаарстыбанай кураныысса устун ааһар. Кураанах сиринэн барар кыраныысса тиһэх учаастага илин КНДР-ын ыпсыытынан барар.

Сирин үгүс өттө туундра уонна тайҕа зоналарыгар баар, балачча киэҥ сирэ тыа быыстаах степь уона степь зоналарыгар киирэр. Кумах куйаар аҥардаах сирдэр, субтропик бэрт кыра сири ылаллар, оттон кумах куйаардар Арассыйаҕа букатын да суохтар.

Арассыйа сүрүн киэҥ сирэ, биллэн турар, араас айылҕалаах; өрөспүүбүлүкэ тус-туспа чаастарыгар хаһаайыстаба атын атыннык сайдар. Онуохха сөп түбэһинэрэн, Арассыйаны Европатааҕы чаас Хотугу Кавказ, Урал, Арҕаа Сибиир, Илин Сибиир, Уһук Илин диэн оройуоннарга араараллар.

Арассыйа территориятын Хотугу Муустаах уонна Чумпуу далайдар тэҥистэрэ тулалыыллар; ону тэҥэ Атлантик далай Балктика, Хара, Азовскай тэҥистэрэ. Арассыыйа материктаабы саамай хотугу туочката — Челюскин тумуha; саамай соҕурууҥу туочката — Дагестан уонна Азербайджан кыраныыссаҕа; Арассыыйа саамай арҕааҥы туочката Балтика тэҥиһэ кытылыгар Калининград чугаһыгар сытар, оттон саамай илиҥҥи туочката Чукотка тумул-арыытынааҕы Дежнев тумуһа буолар.

Рельеф

Арассыйа арҕаа өттүгэр намталлар үгүстэр, оттон илин өттүгэр хаптал хайалар уонна хайалар баһыйаллар. Балтика тэҥис кытыллытан уонна арҕаа кыраныыссаттан Урал хайаларыгар диэри намыһах үрдэллэрдээх киэҥ Илин Европа дэхси сир (эбэтэр Нуучча дэхси сирэ) сытар. Урал хайаларыттан Енисей өрүскэ диэри көнө ньуурдаах Арҕаа Сибиир намтала сытар. Енисейтэн Чуумпу далайгар диэри тайыыр сүүнэ киэҥ сир быдан уустук рельефтээх. Онно намталлар да, хаптал хайалар да, араас үрдүктээх хайалар да бааллар. Киэҥ сири Орто Сибиир хаптал хайата ылар.

Биһиги дойдубут уһук соҕуруу итиэннэ илин өттүлэрин үрдүк хаттык уонна сис хайалар тиһигин быспакка кэриэтэ иилииллэр. Илин Европа дэхси сириттэн соҕуруу Кавказ хайалара сыталлар. Арҕаа Сибиир намталыттан соҕуруулуу-илин Алтай, оттон Орто Сибиир хаптал хайатыттан соҕуруу диэки Саян-Тыва хаттык хайата (нагорьета) уонна Байкал эргинин хайалара бааллар. Арассыйа илин өттүнэн Чуумпу далай кытылын устун кэтит балаһанан Уһук Илин хайалара субуһаллар. Илмн Европа дэхси сирин уонна Арҕаа Сибиир нвмталын икки аржыларынан хотуттан соҕуруу 2500 км кэриҥэ сиргэ Урал хайалара субуһаллар.

Арассыйа Азиятааҕы чааһыгар территория бүтүннүүтэ Хотугу Муустаах далай кытылын диэки уопсайынан намтаан барар. Ити иҥнэл устун соҕурууттан самай бөдөҥ өрүстэр: Обь, Енисей, Өлүөнэ — усталлар.

Ис уулара

Өрүстэр

Арассыыйа ис уутунан бэрт баай: өрүстэрэ уонна күөллэрэ үгүс. Өлүөнэ, Обь, Енисей, Амур, Волга өрүстэр уһуннарынан итиэннэ тардыларын (бассейннарын) иэнэ киэҥинэн аат дойду үрдүнэн бөдөҥтөн бөдөҥ өрүстэр ахсааннарыгар киирэллэр.

Арассыыйа сирин иэнин өрүстэр бөдөҥ чааһа Хотугу Муустаах далай сыһыаннас тырдытыгар. Өрүстэр аччыгыйдык чааһа Атлантика, Каспий уонна Чуумпу далай сыһыаннас тардытыгар. Хотугу Муустаах далай тардыытын сүрүн өрүстэрэ — Обь, Енисей, Өлүөнэ. Чуумпу далай тардыытын сүрүн өрүһэ — Амур. Атлантика далай тардыытын Арассыыйа территориятыгар баар сүрүн өрүстэрэ — Дон, Арҕаа Двина — уонна Каспий тэҥис тардыытын өрүһэ - Волга.

Арассыыйа бөдөҥ өрүстэрэ
Аат Уһун, км Бассейн иэнэ, км2
Өлүөнэ 4 400 2 490 000
Иртыш 4 248 1 643 000
Обь 3 650 2 990 000
Волга 3 530 1 360 000
Енисей 3 487 2 580 000
Аллараа Тунгуска 2 989 473 000
Амур 2 824 1 855 000
Бүлүү 2 650 454 000
Ишим 2 450 177 000
Урал 2 428 231 000

Күөллэр

Арассыыйа территориятыгар сүүһүнэн тыһынча күөл баар. Европатааҕы чааһын хотулуу-арҕаа уонна соҕуруулуу-илин өттүлэригэр, Арҕаа Сибииргэ, хотугу намталарга (Хатанга, Халыма намталлыгар) күөллэр ордук элбэхтэр. Хотулуу-арҕааҥы күөллэр үгүстэрэ мууһуруу үйэтигэр үөскээбиттэрэ уонна оччо дириҥнэрэ суох, уһун сининньигэс быһыылаахтар, быһыттаҕас кытыллаахтар.

Европатааҕы чаас соҕуруулуу-илин күөллэрин оннулара хаар уонна сааскы уу толорбут кэдээллэрэ буолаллар. Күөллэр сүүрүгүрдүбэттэр, сайын уолан хаалаллар.

Арҕаа Сибиир намталыгар күөллэр олус элбэхтэр. Олор оччо дириҥэ суохтар, төгүрүк хотоллору хаар уута толорбутуттан үөскээбиттэр.

Сибиир тууһа суох күөллэриттэн саамай бөдөҥнөрө — Байкал. Бу күөл оҥхойо сир хаҕа суоллуутуттан үөскээбитэ. Байкал — сир шарыгар саамай дириҥ күөл. Муҥутуур дириҥэ 1642 м.

Байкал
Арассыыйа бөдөҥ өрүстэрэ
Аат Иэн, км2 Дириҥ, м Тэҥис
таһымыттан
үрдүгэ
Каспий тэҥиһэ 371 000 1 025 -28
Байкал 31 500 1 642 456
Ладога 17 703 225 4
Онега 9 616 124 32
Таймыыр 4 560 26 6
Ханка 4 190 10 68
Пэйпус
(Чудскай-Псковскай күөл)
3 555 15 30
Чаны 1 990 12 105
Үрүҥ күөл 1 290 20 113

Климат

Дойду климата ханнык географическай кэтирээһиҥҥэ сытарыттан, далайтан төһө ырааҕыттан, сирин рельебэ хайдаҕыттан, сис хайалар хайдах сыталларыттан, онтон да атын үгүс биричиинэлэртэн тутулутаах. Арассыыйагар маннык нөҥүө климат курдааһына бааллар: арктика, субарктика, сымнаһыар уонна субтропика климат курдааһыннара. Арассыыйа бүтүүннүтэ кэриэтэ хотугу, сымнаһыар курдаыһыҥҥа сытар, бэрт өттө эрэ тымныы курдааһыҥҥа киирэр.

Кэтирээһин зоналааһына дэхси сиригэр олус хоһооннох көрдөр. Арассыыйа сирдэригэр муустаах эбэтэр полярнай зона, туундара уонна тыа быыстаах туундара, тыа зоната (тайҕа, булкаастаах уонна кэтит сэрбирдэхтэрдээх тыалар), тыа быыстаах стептэр, стептэр, кумах куйаар аҥардаах стептэр.

Арассыыйа сирин климата улахан өттүгэр континентальнай. Регионтан көрөн тохсунньу орто температурата +6°-тан -50°C диэки; от ыйын орто температурата +1°-тэн +25°C диэки. Арассыыйа территориятыгар сөҥүү адьас тэҥэ суохтук түһэр: сылга 150-тан 2000 диэки мм. Температура амплитудата Арассыыйа климата илин диэки ыраахтах аайы улам континентальнай буолан иһэрин көрдөрөр.

Устуоруйата

Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Сэбиэскэй Социалистическай Республикалар Сойуустарын официальнай утумнааччыта.

Экэниэмикэтэ

Россия экономиката аан дойду экономиката уонна ППС дойдуларын ортотугар 6- с миэстэни ылар, ол 2021 сылга 4,494 трлн долларга (РФ ИДьМ дааннайынан) сыаналанар. Номинальнай ВВП (1,779 трлн доллар 2021 с.) Россия аан дойдуга 11- с уонна Европаҕа 5- с миэстэни баһылаабыт (РФ ИДьМ дааннайынан). Нэһилиэнньэ дууһатыгар (ППС) 2021 сыллаахха Россия аан дойдуга 55- с миэстэҕэ (ИДьМ уонна ВБ дааннайынан) сылдьыбыта. Россия экономиката булкаас уонна көс тииптэргэ сыһыаннаах.[3]

Россия нэһилиэнньэтэ аан дойду экономикатыгар дойду кылаата 1,9% кэриҥэ; аан дойду экономикатыгар 3,12 %- нан 2018 сылга тиийэр. Россия киһи кыаҕын сайыннарыы индексэ олус үрдүк таһымнаах дойдулар бөлөхтөрүгэр сыһыаннаах, ВТО- ЕЭС чилиэнэ буолар. Россия ВВП- гар судаарыстыба уонна судаарыстыбаннай хампаанньалар икки төгүл кэриҥэ дискуссионнай боппуруос буолар; кини сыанабыла федеральнай антимонопольнай сулууспа сыанатынан, анонимнай экспертэргэ сигэнэн, 70%, ИДьМ дааннайынан-33 %. Аан дойду көмүс саппаас резервэлэригэр Россия аан дойдуга 5- с миэстэни ылар, доллар миллиардердарын ахсаанынан Россия эмиэ аан дойдуга 5- с миэстэни ылар.

Арассыыйа киин куората — Екатеринбург, Челябинскэй, Ростов-на-Дону, Уфа, Волгоград.


Арассыыйа киэҥ айылҕалаах дойду, ол эрэн тойотторо уоруйахтарынан сибээстээн уонна милитаризм политикатын тутуһарынан сибээстээн дьоно адьас дьадаҥытык олороллор. Арассыыйа дьоно дьадаҥытык олороллорунан - 147 миэстэ 250 дойдуттан Аан Дойдуга.


2014 сыллаахха 1$ - 33,00 солк. этэ.

2021 сыллаахха 1$ - 74,00 солк.


Ити 2014-2021 сыл иһигэр дьон хамнаһа долларынан аахтахха улааппыта, төттөрүтүн кыччаан биэрдэ. Билигин Арассыыйа 80% нэһилиэнньэтэ 500$ кыра ыйга хамнаска олороллор.

Олохтоохторо

Омуктара

Арассыыйа элбэх омук олорор дойдута.

  • Ахсааннара бүтүн олохтоох ахсааныттан (145 млн) 0,1 бырыһыаныттан элбэҕи ылар омуктар (2002 сыллааҕы бутэһик сурутуу түмүгүнэн. Сурутуу түмүгүнэн бүтүннүүтэ — 145 мөл 166 тыһ. 731 киһи (2007 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр 142,1 мөл. киһи).
  1. нууччалар — 115 мөл 889 тыһ. 107 киһи (бүтүн олохтоох 79,83 %)
  2. татаардар — 5 мөл 554 тыһ. 601 киһи (3,83 %)
  3. украиннар — 2 мөл 942 тыһ. 961 киһи (2,03 %)
  4. башкирдар — 1 мөл 673 тыһ. 389 киһи (1,15 %)
  5. чуваштар — 1 мөл 637 тыһ. 094 киһи (1,13 %)
  6. чеченнар — 1 мөл 360 тыһ. 253 киһи (0,94 %)
  7. эрмээннэр — 1 мөл 130 тыһ. 491 киһи (0,78 %)
  8. мордвалар — 843 тыһ. 350 киһи (0,58 %)
  9. авардар — 814 тыһ. 473 киһи (0,56 %)
  10. белорустар — 807 тыһ. 970 киһи (0,56 %)
  11. казаахтар — 653 тыһ. 962 киһи (0,45 %)
  12. удмуртар — 636 тыһ. 906 киһи (0,44 %)
  13. азербайдьаннар — 621 тыһ. 840 киһи (0,43 %)
  14. марилар — 604 тыһ. 298 киһи (0,42 %)
  15. ниэмэстэр — 597 тыһ. 212 киһи (0,41 %)
  16. кабардалар — 519 тыһ. 958 киһи (0,36 %)
  17. осетиннар — 514 тыһ. 875 киһи (0,35 %)
  18. даргиннар — 510 тыһ. 156 киһи (0,35 %)
  19. бүрээттэр — 461 тыһ. 389 киһи (0,32 %)
  20. сахалар — 478 тыһ. 085 киһи (0.3346 %)
  21. кумыктар — 422 тыһ. 409 киһи (0,29 %)
  22. ингуштар — 413 тыһ. 016 киһи (0,28 %)
  23. лезгиннар — 411 тыһ. 535 киһи (0,28 %)
  24. комилар — 293 тыһ. 406 киһи (0,2 %)
  25. тывалар — 243 тыһ. 442 киһи (0,17 %)
  26. дьэбэриэйдэр — 229 тыһ. 938 киһи (0,16 %)
  27. грузиннар — 197 тыһ. 934 киһи (0,14 %)
  28. карачаайдар — 192 тыһ. 182 киһи (0,13 %)
  29. сыгааннар — 182 тыһ. 766 киһи (0,13 %)
  30. калмыктар — 173 тыһ. 996 киһи (0,12 %)
  31. молдованнар — 172 тыһ. 330 киһи (0,12 %)
  32. лактар — 156 тыһ. 545 киһи (0,11 %)
  33. кэриэйдэр — 148 тыһ. 556 киһи (0,1 %)
  34. атын омуктар — 2 мөл. 414 тыһ. 558 киһи. (1,66 %)
  35. омуктарын эппэтэхтэр — 1 мөл 460 тыһ. 751 киһи (1,01 %)

Быһаарыылар