Дьэбириэйдэр
Дьэбириэйдэр (дьэб. יהודים (Yehudim)) - 12-14 мөл. ахсааннаах, Чугастааҕы илинтэн тахсыбыт, сир араас өттүгэр олорор омук. 1948 сылтан ыла Исраил диэн дьэбириэй государствота баар буолбута. Дьэбириэйдэр 40 % Америкаҕа, уонна 35 % Исраилга олороллор. Дьэбириэйдэр итэҕэллэринэн иудаизм буолар. Былыргыттан ыла "дьэбириэй" уонна "иудей" диэн өйдөбүллэр үгүс тылларга уратылара суохтар. Дьэбэриэйдэр үгүс өттүлэрэ олорор сирдэрин тылларынан саҥараллар. Исраилга государственнай тылынан XIX-c үйэҕэ иккистээн төрүттэммит иврит буолар.
Дьэбириэйдэр Саха сиригэр
| Суруйуу ыытыллыбыт сылларга Саха сиригэр дьэбириэйдэр ахсааннара | ||||||
|---|---|---|---|---|---|---|
| 1926 | 1939 | 1959 | 1970 | 1979 | 1989 | 2002 |
| 1 218 | 1 389 | 1 028 | 1 174 | 1 126 | 352 | |