УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Атырдьах ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 213-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 214-c күнэ). Сыл бүтүө 152 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- АзербайджанАзербайджан алпаабытын уонна тылын күнэ[1]
- Арассыыйа Арассыыйа:
- Бастакы Аан дойду сэриитин сиэртибэлэрин ахтан ааһар күн
- АдыгеяРепатрианнар күннэрэ.[2][3]
- Ангола Ангола — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- БарбадосБермудтар, Гайана Гайана, Тринидад уонна Тобаго Тринидад уонна Тобаго Ямайка Ямайка — Эмансипация күнэ (Emancipation Day). Урукку Европа дойдуларын Кариб байҕаллааҕы холуонньаларыгар кулуттааһыны суох гыныыга сыһыаннаан бэлиэтэнэр күн
- Бенин Бенин — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан 1960 сыллаахха)
- Конго ДӨ Конго ДӨ — Төрөппүттэр күннэрэ
- КытайКытай Народнай босхолуур аармыйата төрүттэммит күнэ
- Колорадо Колорадо — Судаарыстыбаннас күнэ
- Ливан Ливан — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- ПольшаВаршава өрө туруутун сиэртибэлэрин ахтан ааһар күн
- ШвейцарияКонфедерация күнэ. 1291 сыллаахха Швейцарияҕа билигин киирэр кантоннар Швиц, Ури, Унтервальден сойуустаспыттар.
- Саха итэҕэлигэр Уу туҥуй турук күнэ. Уу туҥуй турук муҥутуур улахан таһыма Аан Дьааһын ыйа. Аан Дьааһын ыйыгар кэп (киэп) уларыйар. Сыллааҕы дьиҥ, кырдьык киэбэ буолар.
Түбэлтэлэр
- 1266 — "Диван луҕат ат-Турк" диэн Маһмуд ал-Кашгари учуонай түүр тылын тылдьытын суруллубута 150-ча сыл буолан баран хос суруттарбыттар.
- Василий III Смоленскай куоракка киирбит. Бу иннинэ куорат 110 сыл Литва сорҕото буола сылдьыбыта.
- 1770 — Кагул кыргыһыытыгар П. А. Румянцев салалталаах нуучча аармыйата Халиль-паша баһылыктаах туурактар аармыйаларын кыайбыт.
- 1774 — Англия учуонайа Джозеф Пристли кислороду арыйбыт.
- 1818 — Ньылхаҥҥа бурдук ыскылаата тутуллубут. 1848 сыллаахтан 1867 сыллаахха диэри бу ыскылаат Арассыыйа-Америка хампаанньатын бас билиитигэр сылдьыбыта. Бу суолунан XIX үйэҕэ табаарынан Дьокуускай уонна Иркутскай хааччыллаллара.
- 1914 — Германия Арассыыйаҕа сэриини биллэрбит.
- 1922 — "Автономная Якутия" хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт. Билигин "Якутия" диэн ааттаах.
- 1922 — Литва Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Конституцията олоххо киирбит.
- 1923 — Исидор Барахов Үлэ уонна Оборона Сэбиэтигэр ыыппыт суругар Өлүөнэ өрүс пароходствотын тэрийиини туруорсубута.
- 1924 — Кыһыл Знамя уордьана олохтоммут.
- 1924 — Атырдьах ыйыгар Саха АССР Совнаркомун Президиумун оннугар Оччугуй Совнарком тэриллибит. Бэрэстээтэлинэн Степан Аржаков буолбут, кини бу солоҕо Исидор Бараховы солбуйбут.
- 1936 — Берлиҥҥэ Олимпиада аһыллыбыт.
- 1939 — Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапката аһыллыбыт (1959 с. — Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапката — ВДНХ).
- 1943 — Дьоппуон импиэрийэтэ Мьянматтан англичаннары үүрэн бу дойду тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1964 — Хас чаас аҥаарын аайы эпииргэ «Маяк» радиостанция позывнойдара тыаһыыр буолбуттар.
- 1965 — Пол Маккартни «Yesterday» ырыата аан бастаан киэҥ эйгэҕэ ылламмыт.
- Хельсинкитааҕы сөбүлэҥҥэ 35 дойду (33 Европа дойдута, ол иһигэр социалистыы дойдулар, уонна АХШ Канаадалыын) илии баттаабыттар. Бу сөбүлэҥ дойдулар ыккардыларынааҕы сокуоннарга, кыраныыссаны чопчулааһыҥҥа, байыаннай турукка, киһи быраабыгар уонна экэниэмиэкэҕэ салаалардаах этэ, билигин да аан дойду олоҕор улахан сабыдыаллаах.
- 1980 — Вигдис Финнбогадоттир Исландия бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт уонна аан дойдуга демократтыы талыллыбыт дойду бастакы дьахтар баһылыга буолбут.
- 1981 — АХШ-ка MTV канаал баар буолбут. "Video Killed the Radio Star" диэн бастакы видеоклибын көрдөрбүт.
- Рамблер/почта аһыллыбыт — Рамблер хампаанньа босхо e-mail сервиһэ.
- 2007 — Арассыыйа олохтоохторун ахсаана Росстат дааннайынан 142 026,3 тыһ. киһи буолбут, ол эбэтэр туох баар Сир нэһилиэнньэтиттэн 2,15 %.
Төрөөбүттэр
- 1819 — аатырбыт "Моби Дик" диэн айымньыны суруйбут АХШ суруйааччыта Герман Мелвилл.
- 1911 — Захар Гоголев (24.12.1974 өлб.) — устуоруйа билимин дуоктара.
- Августина Филиппова, модельер.
- Спиридон Шишигин — хомусчут, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна.
- 1970 — Сибель Джан (тур. Sibel Can, төрөөбүтүнэн Сибель Джангюре, Sibel Cangüre) — турок биллэр ырыаһыта, үҥүүһүтэ, киинэ артыыһа.
Өлбүттэр