Кильчичаков Михаил Еремеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Михаил Еремеевич Кильчичаков — бэйиэт, суруйааччы, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, общественнай-политическай диэйэтэл, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа.

Енисейскэй күбүөрүнэҕэ, Аскиз оройуонун Үөһээ Тея аулга сэтинньи 21 күнүгэр 1919 сыллаахха төрөөбүтэ, атырдьах ыйыгар 1990 сыллаахха бу олохтон күрэммитэ. Кини хакас омук аатырбыт бэйээтэ, драматура этэ. Оҕо, эдэр сааһа дьикти кэрэ айылҕаны норуот муусукатын, остуоруйаларын кытта алтыһыыга ааспыта. Михаил Кильчичаков сиргэ-дойдуга хакас норуотун остуоруйаларын, үһүйээннэрин, номохторун, ырыаларын-хоһооннорун ааптарын уонна ырыаһытын-тойуксутун,  толорооччутун быһыытынан биллэр. Кини РСФСР ускуустубатын биллиилээх үлэһитигэр тиийэ үүммүтэ. 1936 сылтан Хакас норуотун драматическай тыйаатырыгар үлэлээбитэ. 1940 сыллаахха финнэри кытта сэриигэ кыттыбыта. 1941 сыллаахтан Германияны утары сэриигэ кыттан Ржев анныгар буолбут уоттаах кыргыһыыга улаханнык бааһыран сэрииттэн босхоломмута. Эйэлээх олоххо айар үлэнэн дьарыктаммыта. Дьоно-сэргэтэ, биир дойдулаахтара М.Е.Кильчичаков аатын үйэтитэр араас, үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри тэрийэллэр, кини сырдык аатыгар сүгүрүйэллэр.


Сэбиэскэй кэмҥэ М.Е.Кильчичаков Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыт эбит. Ити курдук, Саха сириттэн кэмпириэнсийэҕэ кыттааччыларбыт түөрт хонук устата аймахтарбытыгар – хакастарга – ыалдьыттаан, билсэн, алтыһан кэлбиттэр.

"Кильчичаков айар үлэтин утума Арассыыйа омуктарын култуураларыгар" кэмпириэнсийэ

Хакасия киин куоратыгар Абакаҥҥа сэтинньи ый 21-22 күннэригэр 2019 сыллаахха «Наследие  Михаила Кильчичакова в культуре народов России» диэн ааттаах билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ буолан ааспыт. Бу кэмпириэнсийэҕэ  Саха сириттэн ХИФУ доцена Елена Архипова, 5-с куурус устудьуона Прокопий Бубякин, тыл билимин дуоктара ХИФУ дуоктара Валентина Семенова кыттыыны ылбыттар. Бу түөрт хонук устата буолбут тэрээһиҥҥэ:


Бастакы күн Абакан куорат нэһилиэнньэтин, Тыл филологиятын кафедратын, устудьуоннар хайдах, хас тылы үөрэтэллэрин, сылын аайы Горно-Алтайскай, Кызыл куораттарга ыытыллар түүр тыллаах омуктар олимпиадаларыгар кытталларын туһунан кэпсэтии буолбут. Күн иккис аҥаарыгар Л.Р. Кызласов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэли көрбүттэр. Н.Г.Доможаков аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ сылдьыбыттар.


Иккис күн С.Кадышев аатынан култуура уонна норуот айымньытын киинигэр Хакаас суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 70 сылын бэлиэтиир форумтан саҕаламмыт. Манна Тываттан, Алтаайтан элбэх ыалдьыт кэлбит. Манна суруйааччылары наҕараадалааһын буолбут. Эбиэт кэннитэн кэмпириэнсийэ саҕаламмыт.


Үһүс күн. Бу күн Кильчичаков төрөөбүт Аскиз национальнай оройуонугар ыалдьыттаабыттар.


Төрдүс күн. Бу күн Улуу Хуртуйах Таас комплексыгар сылдьан ытык тааска сүгүрүйбүттэр. М.Е.Кильчичаков түмэлигэр сылдьыбыттар.


«Хуртуях тас» түмэл. Түмэл Улуу Куртуйах таас диэн биһиги эрабыт иннинэ 3-2 тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи кэмтэн ыла баар, икки аҥаар туоннаттан тахса ыйааһыннаах, үс миэтэрэттэн ордук үрдүктээх таас пааматынньык аатынан ааттаммыт. Пааматынньык  «Окунев култуурата» үйэтигэр киирсэр эбит. Кинини 1954 сыллаахха ардах-хаар олус суурайаары гынна диэн, Анхаков аал (ыал, кыра дэриэбинэ) сыһыытыттан Абакан түмэлигэр илдьэн туруоран баран, төрүт сиригэр 2003 сыллаахха төттөрү аҕалбыттар. Онон  Анхаковка  түмэл үөскээбит.


Туһаныллыбыт литература:

1.     Валентина Семенова. Хакасияҕа түөрт күн. Кыым. 2019 с.

2.     А.Капрынов. Куртуйах таас уонна ах таас. Кыым. 2013. Атырдьах ыйа.