Аскиз оройуона
Аски́зский райо́н (хак. Асхыс аймағы) — Арассыыйа Федерациятын Хакаас өрөспүүбүлүкэтин састаабыгар киирэр административнай территоряльнай биирдэм, муниципальнай тэриллии (муниципальнай оройуон).
Административнай киинэ — Аскиз сэлиэнньэтэ.
Географията
Хакаас Минусинскай намтал соҕуруулуу илин өттүгэр сытар. Хакасия Бейскам, Усть-Абаканскай, Таштыпскайоройуоннарын уонна Кемерово уобалаһын кытта быысаһар, кыраныыссалаһар.
Оройуон сирин уотун иэнэ 8201,14 км² тэҥнэһэр. Оройуон буор хайалартаах, үрдүк сирдэрдээх сыһыы сиргэ турар. Рельевин, сирин уотун уратытынан айылҕа икки зонатыгар киирсэр: Хакаас Минусинскай намтал уонна Кузнецкайдааҕы Алатау. Истиэптээх өттө Приабаканскай истиэп хочо уонна Приабаканскай намтал истиэр түөлбэтэ диэҥҥэ киирэр.
Оройуон Абакан өрүс быһа охсон ааһар. Кини кыраныыссата онон быһыллар. Абакан өрүс -- улахан өрүс, уута элбэх, сүүрүгэ т;ргэн. Оройуон сирин уотун иһинэн барыта холбоон 39 улахан кыра үрэхтэр үрүйэлэр усталлар. Олор уопсай уһуннара 1124 км тэҥнэһэр. Аскиз үрэх олортон саамай улаханнара. Устата 124 км буолар.
Устуоруйата
Аскиз оройуона 1924 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Аскизтааҕы уонна Усть Есинскайдааҕы буоластар сарбыллыбыттарын, суог гыныллыбыттарын уонна холбоспуттарын түмүгэр тэриллибитэ. Кини састаабыгар 10 сэлиэнньэтээҕи сэбиэт киирбитэ.
Нэһилиэнньэтэ
2019 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Аскиз оройуонугар барыта 36 589 киһи олорор.
Административнай арахсыыта
Аскиз оройуона административнай территориадьнай биирдэм быһыытынан 3 куораттыы тииптээх бөһүөлэктээн уонна 11 сэлиэнньэ сэбиэттээх..
Эми оннук ааттаах муниципальнай оройуон иһигэр 14 мунициапальнай тэриллии киирэр.:
Нэһилиэнньэлээх пууннара
Аскиз оройуонугар барыта холбоон 64 нэүилиэнньэлээх пуун баар.