Тохсунньу 1
Тохсунньу 1 күнэ — Григориан халандаарыгар сыл бастакы күнэ. Сыл бүтүө 364 күн (ордук хонуктаах сылга 365 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- Кууба (дойду) — Босхолонуу күнэ.
- Италия — Конституция күнэ.
- АХШ — Эмансипация күнэ.
- ЕС — Евро күнэ.
- АХШ — Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ.
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) — Олохтонуу күнэ.
- АХШ, Канаада — Үрүҥ эһэлии (тымныы ууга) сөтүө күнэ.
- Литва — Литва былааҕын күнэ.
- Бруней, Камерун, Гаити, Судаан — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Танзания — Национальнай маһы олортуу күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1622 — Рим папата сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар диэн быһаарыыны ылбыт.
- 1700 — Арассыыйаҕа юлианскай халандаар киллэриллибит, Саҥа дьыл тохсунньу 1 күнүгэр көспүт.
- 1759 — Саха сирин бойобуодатынан коллежскай асессор Андрей Павлуцкай анаммыт. Кини бу солоҕо 1759 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
- 1898 — Билиҥҥитэ Горнай улууһугар I Атамай нэһилиэгэр Улуу Сыһыы диэн сиргэ биир кылаастаах приход оскуолата арыллыбыт.
- 1901 — Британия Австралиятааҕы колониялара холбоһон Австралия Сомоҕолоһуута тэриллибит.
- 1901 — Билиҥҥитэ Орто Халыма улууһун II–с Хаҥалас нэһилиэгин Дүөнсэ учаастагар грамота оскуолата аһыллыбыт.
- 1912 — Нанкиҥҥа Цин импиэрийэтин оннугар Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ биллэриллибит.
- 1920 — Верхоянскайга Дьокуускайтан Сибииргэ барытыгар уонна Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтонорун туһунан бирикээс кэлбит. Олохтоох дьон уопсай мунньахтарыгар Үөһээ Дьааҥытааҕы саха уонна хаһаах депутаттарын сэбиэтэ тэриллибит. Сотору бу Сэбиэт былааһы бэйэтигэр ылбытын туһунан илдьиттэри Булуҥҥа, Усуйаанаҕа, Абыйга уонна Орто Халымаҕа ыыппыт.
- 1928 — Тохсунньуга Ньурбаҕа мэлиэһэ уонна электростанция үлэҕэ киирбиттэр.
- 1935 — Турцияҕа араспаанньалар киллэриллибиттэр уонна ытык титуллар ууратыллыбыттар.
- 1944 — Александр Александров музыкатыгар аан бастаан ССРС өрөгөйүн ырыата тыаһаабыт.
- Биология института тэриллибитэ (2001 сылтан Криолитозонаҕа биология проблемаларын института).
- Фидель Кастро күүстэрэ суулларбыттар.
- 1960 — "Мирнинский рабочий" хаһыат тахсан саҕалаабыт. Мирнэй куоратыгар нуучча тылынан нэдиэлэҕэ түөртэ тахсар.
- 1968 — Сэбиэскэй Сойууска эфиргэ бастакытын «Время» информационнай биэрии тахсыбыт.
- 1969 — «Ну, погоди!» ойуулук премьерата буолбут.
- Дьааҥы сардаҥата - Заря Яны" Усуйаана улууһун хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
- 1981 — Греция Дьобуруопа Холбоһугар киирэр.
- 1984 — Бруней Улуу Британияттан тутулуга суох буолбут.
- 1993 — Чехословакия икки аҥы арахсан Чехия уонна Словакия Өрөспүүбүлүкэлэрэ тэриллибиттэр.
- 1993 — Дьокуускайга "Якутск Вечерний" хаһыат тахсан саҕалаабыт.
- 1995 — Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтэ төрүттэммит.
- 1997 — Арассыыйаҕа РЕН-ТВ телеканал үлэтин саҕалаабыт.
- 1998 — Арассыыйаҕа деноминация ыытыллыбыт. Саҥа биир солкуобайга 1000 урукку солкуобай тэҥнэһэр буолбут, туттууга копейка төннүбүт.
- 1999 — Европа Сойууһун 11 дойдутугар валюта быһыытынан евро киллэриллибит.
- Таймыыр (Дулгаан-Ненец) автономиялаах уокуруктара Красноярскай кыраай састаабыгар киирбиттэр.
- 2011 — Эстония официальнайдык евроҕа көһөр.
Төрөөбүттэр
- 1863 — Пьер де Кубертен — Франция учуутала уонна устуоруга. Аныгы Олимпия оонньууларын төрүттээччитэ, Аан Дойду Олимпия кэмитиэтин олохтооччута уонна бэрэсидьиэнэ.
- 1873 — Афанасий Рязанскай — Амма улууһун бастакы кулубата.
- саха омугун хоргуйан өлөртөн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха Сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх Саха Сирин уһулуччулаах салайааччыта.
- 1914 — Мария Николаева — Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо, Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин ытык киһитэ.
- 1920 — Алексей Айкаров — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1928 — Иван Подойницын — 1985-2007 сылларга Нуучча драматическай тыйаатырын дириэктэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2000), Дьокуускай куоратын ытык киһитэ.
- 1929 — Марина Петрова - Тойуктаах Марыына — тойуксут, саха болкулуорун тарҕатааччы, Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1930 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.
- 1950 — Евдокия Поликарпова — саха литэрэтиирэтин орто оскуолаҕа үөрэтиигэ мэтэдиис учуонай, педагогика билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ.
- 1959 — Михаил Старостин — саха худуоһунньуга, график.
Өлбүттэр
- 1975 — Захар Түнгүрээдэп — Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, араас сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна драма тыйаатырын дириэктэринэн уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэ дириэктэринэн үлэлээбитэ.
- 2013 — Салима Каримова — 1968—1988 сылларга Соҕуруу Саха сиринээҕи комплекснай эспэдииссийэ кылаабынай геолога, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
|