Муус устар 17

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 107-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 108-c күнэ). Сыл бүтүө 258 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Гемофилия аан дойдутааҕы күнэ. Хааннара бөлүөхсүбэт буолан, кыра да баастан дьон хааннарын сүтэрэн өлөр ыарыылара. Бу ыарыыга болҕомто тардаары 1989 сыллаахтан бэлиэтиир буолбуттара.
  • Мальбек аан дойдутааҕы күнэ. Мальбек диэн Аргентинаҕа ордук элбэхтик үүннэриллэр виноград суорда, кыһыл арыгы оҥоһуллар. Урут Францияҕа элбии сылдьыбыт, ол эрээри 1956 сыллаахха тымныы кыһын буолан плантациялар 75% өлөн хаалбыт.
  • Америка СамоатаАмерика Самоата — Былаах күнэ[1]
  • ГабонFlag of Gabon.svg Габон — Дьахтар күнэ
  • КазахстаанFlag of Kazakhstan.svg Казахстаан — Уоту умулларар сулууспа күнэ[2]
  • Кууба (дойду)Flag of Cuba.svg Кууба (дойду) — Контрреволюцияны кыайыы күнэ (1961 сыллаахтан)
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — МВД ис дьыалатын бэтэрээннэрин күнэ (2011 сыллаахтан)
  • СирияFlag of Syria.svg Сирия — Тутулуга суох буолуу күнэ (1946 сыллаахтан, Францияттан)
  • ДьоппуонFlag of Japan.svg Дьоппуон — Оҕо көмүскэлин күнэ[3].

Түбэлтэлэр

  • 1080Дания хоруола Харальд III өлбүт, кини кэнниттэн Кнут IV олорбут, бу киһи Данияттан төрүттээх сыаркап бастакы сибэтиэйэ буолбута.
  • 1349 — Табаристаан (аныгы Ираан Мазандараан провинцията) ыраахтааҕытын Хасан II өлөрбүттэр, 488 сыллаахтан баһылаан олорбут Бавандар династиялара быстыбыт.
  • Тевтон уордьана биир ый төгүрүктээһин кэнниттэн Каунас заамагын ылбыт.
  • 1521Мартин Лютер Католиктар сыаркаптарыттан тэйитиллибит.
  • 1722 — Бүөтүр I бытык нолуогун киллэрбит, сылга 50 солкуобай.
  • 1839 — Киин Америка өрөспүүбүлүкэлэрин федерацията суох буолбутун кэннэ Гватемала өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
  • 1824 — Арассыыйа Америкатааҕы бас билэр сирдэрин кыраныыссата быһаарыллыбыт, ол туһунан Арассыыйа уонна АХШ ыккардыларынааҕы конвенцияҕа илии баттаммыт.
  • Сибиир кэмитиэтэ диэн тэрилтэ ыраахтааҕы ыйааҕынан тэриллибит.
  • 1863 — Суутунан таһыйары бобор туһунан Ыйаах тахсыбыт. Ол гынан баран бааһынайдары, штрафной саллааттары, сыылынайдары уонна хаатаргаҕа сылдьар дьон таһыллалларын бу Ыйаах ыларыппатах.
  • 1912 — Өлүөнэ бириискэлэригэр Бодойбоҕо үҥсүү илдьэн испит оробуочайдары ытыалаабыттар. Хамнастара намыһаҕын, астара-үөллэрэ мөлтөҕүн, үлэлиир симиэнэлэрэ уһунун утаран бу иннинэ бириискэлэргэ стачка биллэрбиттэрэ, 17 чыыһыла түүнүгэр стачка кэмитиэтин чилиэннэрин Бодойбоҕо хаайбыттар, ону истэн 3 тыһыынча кэриҥэ киһи борокуратуураҕа үҥсүү суруйан куоракка тиийбиттэр. Кинилэри саллааттар көрсүбүттэр уонна ытыалаабыттар. 372 киһи бааһырбыт, онтон 170 киһитэ өлбүт. Бу алдьархай туһунан дьокутаат Александр Керенскэй Дуума түрүбүүнэтиттэн биллэрбитин кэннэ Арассыыйаҕа улахан айдаан тахсыбыта.
  • 1938 — Сэбиэскэй Сойууска «Хорсунун иһин» мэтээл олохтоммут.
  • 1945 — капитан Николай Чусовской хамаандалыыр батальона, өстөөх күүстээх утарсыытын самнаран, Зелов куорат (Берлинтэн илин) соҕуруу-илин өттүн ылбыт. Сатабылын уонна хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
  • 1961 — ЦРУ нөҥүө үбүлэммит Куубаттан төрүттээх эмиграаннар Тороху хомотунан Куубаҕа саба түспүттэр, соруктара — Фидель Кастрону суулларыы.
  • 1970 сыллаахха Былатыан Ойуунускай 1935-1938 сыллардаахха олорбут дьиэтигэр Саха литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай түмэлэ аһыллыбыта.
  • 1993 сыллаахха Петербург Бэһис каналыгар "Городок" биэрии аан бастаан тахсыбыта.
  • 2005 — Таймыырдааҕы Дулгаан-Ненец уонна Эбэҥки автономиялаах уокуруктара Красноярскай кыраайга холбоһоллорун туһунан референдум ыытыллыбыт. Бу түмүгүнэн уокуруктар федерация таһымыттан муниципальнай оройуон таһымыгар түспүттэрэ.
  • 2014 — НАСА куйаарга баар телескоба "Кеплер" Сир кээмэйин курдук кээмэйдээх чолбону (планетаны) Кеплер-186 диэн Күнтэн атын сулус аттыгар арыйбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1951 — Дьокуускайга саха бастакы идэтийбит композитора, Саха АССР уонна РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ Марк Жирков өлбүт.
  • Габриэль Гарсиа Маркес (1927 төр.), Колумбия суруйааччыта, Нобель бириэмийэтин лауреата (1982).