Атырдьах ыйын 18

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 230-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 231-c күнэ). Сыл бүтүө 135 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АвстралияFlag of Australia.svg Австралия — Вьетнам сэриитин бэтэрээннэрин күнэ. 1966 сыллаахха Соҕуруу Вьетнамҥа Лонг-Тан диэн сиргэ буолбут кыргыһыыга Австралия өттүттэн 18 саллаат өлбүтэ.
  • АзербайджанПограничник күнэ
  • ИндонезияFlag of Indonesia.svg Индонезия — Конституция күнэ
  • КазахстаанПограничник күнэ
  • Хотугу МакедонияFlag of Macedonia.svg Хотугу Македония — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Географ күнэ
  • ПакистаанFlag of Pakistan.svg Пакистаан — Мас олордуутун күнэ
  • ТаиландFlag of Thailand.svg Таиланд — Билим күнэ


Түбэлтэлэр

  • Михаил Гвоздев уонна Кондратий Мошков салайааччылардаах "Св. Гавриил" ботунан "Улахан сири" көрдүү барбыт эспэдииссийэ чилиэннэрэ Хотугу Америка кытылын көрбүттэр.
  • 1845Нуучча географическэй уопсастыбата тэриллибит.
  • 1868Франция астронома Пьер Янссен Күн өлүүтүн кэмигэр Күн тас бүрүөһүнүн чинчийэн саҥа элэмиэни, гелийи, арыйбыт.
  • 1921 — Корнет Михаил Коробейников баһылыктаах кыһылларга сулууспалыы сылдьыбыт эпиһиэрдэр бөлөхтөрө Дьокуускайтан күрээбит. Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр бу этэрээт Ньылхаҥҥа тиийбит. Онно Сэбиэскэй былааһы утары өрө турар туһунан кэпсэтии ыыппыттар.
  • 1940Аан дойду иккис сэриитэ: Германия люфтваффе сөмүлүөттэрэ Британия салгынын флотун урусхаллыыр соруктаах улахан риэйдэ оҥорбуттар. Ол саҕанааҕы саамай улахан салгын кыргыһыыта буолбут. Бу күнү Британияҕа "ордук ыарахан күн" (The Hardest Day) диэн аатынан билэллэр. Икки өттүттэн элбэх сөмүлүөт сууллубут.
  • 1958 — АХШ-ка Владимир Набоков «Лолита» диэн айдааны тардыбыт арамаана тахсыбыт.
  • 1971 — Вьетнам сэриитэ: Австралия уонна Саҥа Зеландия бэйэлэрин сэбилэниилээх күүстэрин Вьетнамтан таһаарарга быһаарыы ылбыттар.
  • Лос-Анжелеска буолбут Олимпиаданы социалистыы дойдулар бойкуоттаабыттара. 9 дойду спортсменнара (ССРС, Болгария, Венгрия, ГДР, КНДР, Кууба, Монголия, Польша, Чехословакия) бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри бэйэлэрэ күрэхтэспиттэрэ.
  • 1991
    • Михаил Горбачёв Фороска (Кырыым) дьиэтигэр хаайыллыбыт.
    • Сойуус саҥа сөбүлэҥин илии баттыырга үлэ салҕанан бара турара (былаан быһыытынан сиэр-туом атырдьах ыйын 20 күнүгэр буолуохтааҕа). Саха ССР дэлэгээссийэтэ Москубаҕа сөбүлэҥҥэ илии баттыырдыы тиийбит.
  • 2017Финляндия устуоруйатыгар бастакы теракт буолбут. Бу быһылаан кэннэ уопсастыбаҕа миграаннары утары аймалҕан тахсыбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1912 — Андрей Захаров (29.12.1997 өлб.) — Саха сирин сэбиэскэй кэминээҕи биллиилээх бэлиитигэ.
  • 1915 — Георгий Бессонов (2005 өлб.) — Тойбохойго үлэлээбит биллиилээх педагог, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
  • 1931 — Надежда Сивцева — саха уонна нуучча тыллара Саха сирин суруйааччыларын айар үлэлэригэр ирээттэрин, тыллар алтыһыыларын үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата.
  • Аркадий Новиков, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьаҥхаады нэһилиэгин Бөдьөлөк сэлиэнньэтигэр (2015 с. өлб.) — көрдөөх артыыс, режиссер, СӨ үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1952 — Артур Софронов (21.06.1991 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр