1991
Сыллар |
---|
1987 1988 1989 1990 — 1991 — 1992 1993 1994 1995 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1991 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 5 — Грузия сэбилэниилээх күүстэрэ Соҕуруу Осетия киинигэр Цхинвалига киирбиттэр, Соҕуруу Осетия 1991–92 сс. сэриитэ саҕаламмыт.
- Тохсунньу 13 — Сэбиэскэй аармыйа Литваҕа Вильнюска демонстрацияны хам баттаабыт, 14 киһи өлбүт, 1000 кэриҥэ киһи бааһырбыт.
- Перс хомотугар сэриини саҕалаабыттар.
- Тохсунньу 17 — Перс хомотугар сэрии: «Кумах куйаар буурҕата» диэн ааттаммыт байыаннай эпэрээһийэ сарсыарда эрдэ саҕаламмыт, Ираак байыаннай эбийиэктэрин АХШ сөмүлүөттэрэ атаакалаабыттар. F-117 сөмүлүөт сэриигэ аан бастаан кыттыыта. Израили сэриигэ кытыннара сатаан Ираак «Скад» диэн 8 ракетаннан Израили ытыалаабыт, Израиль хоруйдаабатах.
- Тохсунньу 18 — Алексей Никифоров — хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, көҥүл тустууга маастарга хандьыдаат, Саха сиригэр бойобуой самбо, ушу саньда уонна грепплиҥ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, бойобуой охсуһууга Уһук Илин федеральнай уокурук күрэхтэһиитин миэстэлээҕэ (ММА). 2015 сыллаахха от ыйын 16 күнүгэр ууга түспүт оҕону быыһаабыта, бэйэтэ өлбүтэ.
Олунньу
- Олунньу 5 — Кыргыстаан киин куоратын аата уларыйан Фрунзе оннугар Бишкек буолбут.
- Туймаада Даймонд" аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба тэриллэрин туһунан Саха ССР миниистирдэрин сэбиэтин 68№ уурааҕа тахсыбыт. Салайааччынан Георгий Яковлев анаммыт.
- Олунньу 9 — Литваҕа тутулуга суох буолуу референдумугар куоластааччы түөрт гыммыт үһэ туспа барар диэки буолбут.
- Энвер Ходжа баараҕай мэҥэтин суулларбыттар.
- Олунньу 21 — Саха сирин норуоттарын муусукаларын уонна фольклордарын музейа тэриллибитэ.
- Роза Отунбаевалыын кэпсэтэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха ССР ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай кэмитиэтэ тэриллибит: тэрийэр сиэссийэ ыытыллыбыт, Михаил Николаев бэрэстээтэлинэн талыллыбыт. Ыам ыйыгар Андрей Борисов садайааччылаах өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтэ Парижка ЮЕНСКО штаб-квартиратыгар сылдьыбыта, баһылыгын Федерико Майордуун көрсүбүтэ. Мантан ыла өрөспүүбүлүкэ култуураҕа тэрээһиннэрэ ЮНЕСКО эгидатынан ыытыллар буолбуттара.
- Варшава Сөбүлэҥин (нууч. Варшавский договор) байыаннай тэрилтэтэ эһиллибит, бөлөххө кыттар 22 дойду бу туһунан Будапешт куоракка сайабылыанньа оҥорбуттар. Бу сыл от ыйын 1 күнүгэр Прагаҕа боротокуолга илии баттаан тэрилтэ букатыннаахтык тохтообут. Санаттахха Варшава Сөбүлэҥэ 1955 сыл ыам ыйын 14 күнүгэр баттаммыта, аан дойдуга икки бөдөҥ күүс баар буолуутун кэрэһилээбитэ (иккис — НАТО), дойдулар ыккардыларыгар сэрии саҕаланар куттала намтаабыта. Бөлөх ыһыллыбытын кэнниттэн аан дойду араас муннуктарыгар сэрии турара элбээбитэ, аан дойду сэриитэ буолар куттала эбии тыҥаабыта.
- Олунньу 26 — "Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалыы туругун туһунан" диэн сокуон ылыныллыбыт. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин территориятыгар баар тэрилтэлэри (ол иһигэр ССРС уонна РСФСР таһымыгар үлэлиир алмаас уонна көмүс хостуур) хаһаайыстабаннай үлэлэрин хонтуруоллуур кыахтааҕа этиллибитэ. Бу кэнниттэн атын автономнай өрөспүүбүлүкэлэр эмиэ маннык ирдэбиллэри Сойуус иннигэр туруоран барбыттара.
- Персия хомотун сэриитэ түмүктэммит.
Кулун тутар
- Кулун тутар 9 — 27 Сойуус уонна Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин кытта бииргэ оҥоһуллубут саҥа Сойуус сөбүлэҥин барыла (нууч. проект Союзного договора) бэчээккэ тахсыбыт. Барылга өрөспүүбүлүкэлэр Сойуус уонна Арассыыйа таһымнаах диэҥҥэ араарыллыбатах этилэр. Ол эрээри маннык балаһыанньаны сөбүлээбэккэ ССРС бэрэсидьиэнэ Горбачев уонна 9 Сойуус өрөспүүбүлүкэтин салайааччыта балтараа ыйынан муус устар 23 күнүгэр Сойуус дуогабарын Сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна ССРС бэрэсидьиэнэ эрэ баттыахтаахтарын туһунан сайабылыанньа оҥорбуттара.
- Кулун тутар 17 — Бүтүн Сойуустааҕы референдум буолбут. Куоластаабыт дьон үс гыммыт биирэ ССРС оннунан хааларыгар этиммитэ. Ону кытта РСФСР олохтоохторун 70 % "РСФСР бэрэсидьиэнэ" диэн дуоһунас баар буоларыгар куоластаабыттара.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 25 — Дьокуускайга Аҕыйах ахсааннаах хоту омуктарын институута тэриллибит (ИПМНС СО РАН).
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 28 — Айхаллааҕы хайа-байытар комбинаатыгар бөдөҥ сэдэх дьэҥкир алмаас булуллубут. Ыйааһына 241,8 караат. СӨ бырабыыталыстыбата бу сыл атырдьах ыйыгар ГКЧП хам баттаммытын кэрэһилээн бу тааһы «Көҥүл Арассыыйа» диэн ааттаабыт уонна Алмаас пуондатыгар Кремльга туттарбыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 9 — 27 Сойуус уонна Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин кытта бииргэ оҥоһуллубут саҥа Сойуус сөбүлэҥин барыла (нууч. проект Союзного договора) бэчээккэ тахсыбыт. Барылга өрөспүүбүлүкэлэр Сойуус уонна Арассыыйа таһымнаах диэҥҥэ араарыллыбатах этилэр.
Муус устар
- Муус устар 23 — Михаил Горбачев уонна тоҕус Сойуус өрөспүүбүлүкэтин салайааччылара сайабылыанньа оҥорбуттар: Сойуус саҥа сөбүлэҥин 9 Сойуус өрөспүүбүлүкэтэ уонна ССРС бэрэсидьиэнэ илии баттыахтаах (аатырбыт формула: 9+1). Ол аата Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрэ (урукку РСФСР автономиялара) бу ылыныллыахтаах сөбүлэҥҥэ кыттыгаһа суох курдук буолбуттара. Михаил Николаев Борис Ельцинныын, Татарстан уонна Башкортостан бэрэсидьиэннэрин кытта кэпсэтэн Москубаҕа көрсөргө болдьоспута, бу көрсүһүү ыам ыйын 7 күнүгэр буолбута.
Ыам ыйа
- Виталий Артамонов, үөрэх миниистирин солбуйааччы Людмила Кулаковская уо.д.а. бааллара. Мантан ыла өрөспүүбүлүкэ култуураҕа бөдөҥ тэрээһиннэрэ ЮНЕСКО эгидатынан ыытыллар буолбуттара. Бу түгэн саха омуга бэйэтин үрдүктүк сананыытыгар уонна өрөспүүбүлүкэ култуурата сайдыытыгар улахан суолталаах буолбута.
- Ыам ыйын 7 — 16 Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин Үрдүкү сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ көрсөн "9+1" формуланы утаран күүстээх сайабылыанньа оҥорбуттара, онтон Борис Ельцинныын көрсүспүттэрэ.
- Ыам ыйын 12 — 16 Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин Үрдүкү сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ уонна Борис Ельцин ССРС бэрэсидьиэнин Михаил Горбачеву кытта көрсүспүттэр уонна Сойуус дуогабарыгар Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрэ тэҥ бырааптаах кыттыахтахтарын туһунан этиммиттэрэ. Михаил Николаев кэлин "ол көрсүһүүгэ күүскэ уонна кимиилээхтик этиммитим, баҕар аһара күүскэ да буолуо" диэн ахтыбыта. Горбачев сөбүлэһэргэ күһэллибитэ.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 12 — Арассыыйа бастакы бэрэсидьиэнин быыбара буолбут, 57,3% ылан Борис Ельцин бэрэсидьиэн буолбут.
От ыйа
- От ыйын ортотугар Сойуус сөбүлэҥин бырыайагын кытта сүнньүнэн туох баар илии баттыахтаах өрүттэр сөбүлэспиттэр (биир эрэ пуун эбии ырытыыны кэтэһэр этэ). Михаил Горбачев илии баттааһыны атырдьах ыйын 20 күнүгэр анаабыт уонна Фороска даачатыгар сынньана баран хаалбыт.
- От ыйыгар Саха сиригэр Михаил Николаев ыҥырыытынан ССРС совминын бэрэстээтэлэ Валентин Павлов кэлэ сылдьыбыт. Өрөспүүбүкэни кэрийбит. Элбэх тирээн турар кыһалҕалары быһаарбыт, ону ааһан Москубаҕа төннөн баран, атырдьах ыйын саҥатыгар 5 туонна көмүһү өрөспүүбүлүкэҕэ иэс биэрэр туһунан дьаһал таһаарбыта.
Атырдьах ыйа
Михаил Николаев Дьокуускайга төннөн кэлэн баттаныахтаах Сойуус сөбүлэҥин балаһыанньаларын олоххо киллэрэн барбыт, инньэ гынан сөбүлэҥи халбаҥнаабакка баттананарын ситиһэ сатаабыт.
- Атырдьах ыйын 13 — Туох баар Саха сиригэр баар тэрилтэлэр баайдарын-дуолларын Саха ССР бас билиитигэр биэрэр туһунан сокуон ылыныллыбыт. Маннык хардыыга биир да атын өрөспүүбүлүкэ быһаарымматаҕа.
- Атырдьах ыйын 18 — Саха ССР дэлэгээссийэтэ Москубаҕа Сойуус сөбүлэҥэр илии баттыырдыы тиийбит.
- Атырдьах ыйын 19 — ГКЧП Москуба уулуссаларыгар тааҥкалары таһаарбыт — путч саҕаламмыт.
Алтынньы
- Алтынньы 14 — «Дьэбириэйдэр Саха сиригэр» диэн ыстатыйа Израиль «Наша страна» хаһыатыгар тахсыбыт.
- Алтынньы 16 — Үрдүкү Сэбиэт "Саха ССР бэрэсидьиэнин туһунан" сокуону ылынан, өрөспүүбүлүкэҕэ бэрэсидьиэн солотун олохтообут. Быыбар ахсынньы 20 күнүгэр анаммыт.
- Алтынньы 18
- Алтынньы 27 — Туркменистан Сэбиэскэй Сойуустан тутулуга суох буолбут. Бэрэсидьиэнинэн өрөспүүбүлүкэни 1985 сылтан ыла салайан олорбут Сапармурат Ниязов буолбут. Кини Туркменистаны 2006 сыллаахха диэри салайбыта.
Сэтинньи
- Сэтинньи 1 — Норуот дьокутааттарын сийиэһэ Арассыыйаҕа быыбарга биир сыллаах мораторий биллэрбит (экэниэмикэ реформатын олоххо киллэрии кэмигэр). Ону таһынан үрүҥ-күөх-кыһыл былааҕы Арассыыйа былааҕынан бигэргэппит.
- Сэтинньи 6 — РСФСР бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан хомуньуус баартыйатын үлэтэ тохтотуллубут. Балтараа сылынан 1993 сыллаахха хомуньуус баартыйата сөргүтүллүбүтэ, аата КПРФ диэн буолбута.
- Сэтинньи 15 — РСФСР Комдрагмета уонна кини иһинэн РСФСР Гохрана тэриллэрин туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт. Бу ыйаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кини территориятыгар хостонор алмаас уонна көмүс атыыламмыт валютатыттан 20% ылыахтааҕа этиллибит. Бу быһаарыы уһун утарыта турсуу түмүгэ этэ: Михаил Николаев балаҕан ыйын 15 күнүттэн көмүһү уонна алмааһы Арассыыйаҕа ыытары тохтото сылдьыбыта. Ол эрээри, бу боппуруос син биир быһаарыллыбатаҕа, Москубаҕа үгүстэр утарбыттара. Онон ахсынньы 11 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Саха ССР-га аналлаах туспа ыйааҕы таһаарбыта. Ол ыйааҕынан Саха сирэ ювелирнай алмаас 20 бырыһыанын уонна көмүс 10 бырыһыанын аналлаах куурсунан атыылаһан ылар бырааптаммыта уонна онтун валютаҕа атыылыыр кыахтаммыта. Онон ахсынньы 11 күнүттэн Саха сирэ көмүһү уонна алмааһы Арассыыйа пуондаларыгар ыытарын сөргүппүтэ.
- Сэтинньи 28 — Соҕуруу Осетия Грузияттан тутулуга суох буолбутун туһунан биллэрбит.
Ахсынньы
- Ахсынньы 1 — Референдумҥа Украина олохтоохторо тутулуга суох туспа дойду буолуу иһин куоластаабыттар.
- Ахсынньы 5 — СӨ Оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа тэриллибит. Кэлин СӨ бэрэсидьиэнин 2014 сыл кулун тутар 6 күнүгэр тахсыбыт №2526 ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо хамсааһынын күнэ бэлиэтэнэр буолбута.
- Ахсынньы 8 — Беловежскай ойуурга ССРС суох буолуутун туһунан сөбүлэҥҥэ үс союзнай өрөспүүбүлүкэ баһылыктара илии баттаабыттар: Арассыыйаттан Борис Ельцин, Беларусьтан Станислав Шушкевич, Украинаттан Леонид Кравчук. Сэбиэскэй Сойуус оннугар Тутулуга суох иллэр сомоҕолоһуулара (СНГ) тэриллибит.
- Ахсынньы 11 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Өрөспүүбүлүкэҕэ хостонор айылҕа баайыгар Саха ССР боломуочуйаларын туһунан» диэн 277№ ыйаахха илии баттаабыт. Бу ыйааҕынан Саха сирин баайын хостуулларын иһин хостуур тэрилтэлэр төлөбүрдэрин уонна куортам төлөбүрүн бэрээдэгин уонна кээмэйин өрөспүүбүлүкэ быһаарар бырааптаммыта. Онон "Саха-Арассыыйа алмаастара" тэрилтэ аренда харчытын өрөспүүбүлүкэҕэ төлүүр буолбута.
- Ахсынньы 20 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн олорбут Михаил Николаев кыайыылаах тахсыбыт. Вице-бэрэсидьиэнинэн соторутааҕыта тутуу миниистиринэн анаммыт Вячеслав Штыров буолбут. Утарылаһааччыларынан совмин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Черов уонна атыы-эргиэн миниистирэ Виктор Шемчук этилэр.
- Ахсынньы 21 — Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбыт 9 өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйалаах Белорусия (кинилэр тахсыбатахтара) салайааччылара Алма-Атаҕа көрсүбүттэр. СНГ соруга уонна тутула суруллубут Алма-Ата декларациятыгар илии баттаабыттар. Онон СНГ сыала-соруга чопчуланан, састаабыгар 11 өрөспүүбүлүкэ киирэн силигин сиппит.
- Ахсынньы 25 — Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачёв ССРС бэрисидьиэниттэн уурайбыт, стратегическай ядернай сэбилэниилээх күүстэри салайыыны Борис Ельциҥҥа туттарбыт. ССРС бүтэһиктээхтик суох буолбут.
- Ахсынньы 26 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ мунньахтаан СНГ баар буолбутунан ССРС суох буолбутун биллэрбит.
- Ахсынньы 27 — Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирбит, сахалыы уонна нууччалыы андаҕар биэрбит.
- Ахсынньы 28 — Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Олунньу 2 — Сыромятников Георгий Саввич (05.05.1926—02.02.1991) — литературовед, литератураны ырытааччы.
- Всеволод Якут (дьиҥнээх араспаанньата Абрамович). Тыйаатырга саамай биллибит оруола Москубатааҕы Ермолова тыйаатырыгар "Пушкин" диэн испэктээкилгэ сүрүн оруол, бу оруолу 20 сыл тухары 840 төгүл сыанаҕа оонньообут.
- Ыам ыйын 3 — Васильев Роман Гаврильевич, 1953 — 1956 сыллардаахха Саха АССР Совминын бэрэсэдээтэлэ.
- Ыам ыйын 4 — Петров Василий Тимофеевич (1939 - 1991), филология доктора, фольклорист, литературовед.
- Бэс ыйын 6 — Эртюков Иннокентий Илларионович (24.11.1916—06.06.1991) — поэт, тылбаасчыт.
- Бэс ыйын 21 — Софронов Артур Карпович (18.08.1952—21.06.1991) — историческай билим кандидата.
- Балаҕан ыйын 4 — Корнилова Матрена Матвеевна (11.04.1915—04.09.1991) — Социалистическай Үлэ Геройа, оҕуруот аһын үүннэрээччи.
- Сэтинньи 9 — Засимов Наум Матвеевич — саха живописеһа.
- Ахсынньы 8 — Габышев Николай Алексеевич (10.4.1922 — 8.12.1991) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт.