Ельцин Борис Николаевич

Ельцин Борис Николаевич (1931 сыл олунньу 1 күнэ, Бутка[d], Буткинский район[d], Урал уобалаһа[d], РСФСР, ССРС2007 сыл муус устар 23 күнэ, Москва, Арассыыйа) — сэбиэскэй хомуньуус баартыйа уонна Арассыыйа бэлиитигэ уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, Арассыыйа Федерациятын бастакы бэрэсидьиэнэ.

Иккитэ бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар талыллыбыта — 1991 бэс ыйын 12 күнүгэр уонна 1996 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр, бу дуоһунаска 1991 сыл от ыйын 10 күнүттэн 1999 ахсынньы 31 күнүгэр дылы[5].

Арассыыйаҕа бастакы норуот талбыт бэрэсидьиэнин, ГКЧП-ны утарыыны тэрийээччи, Арассыыйа экэниэмикэтин тосту уларытааччы быһыытынан Устуоруйаҕа киирбит киһи.

Оҕо уонна эдэр сааһа

1931 сыл олунньу ый 1 күнүгэр Урал уобалаһын Бутка сэлиэнньэтигэр (билигин Свердловскай уобалас Талицкай оройуонугар) бааһынайдар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ, Ельцин бэйэтэ мемуарга суруйар[6][7].

Ийэтэ — Клавдия Васильевна Ельцина (кыыс. Старыгина, 1908—1993[8]), бааһынай, бортунуой дьахтар.

Аҕата — Николай Игнатьевич Ельцин (1906 сыл бэс ыйын 27 күнэ — 1977 сыл ыам ыйын 30 күнэ), тутуу үлэһитэ[9]. 1934 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр быраатын Андрианы уонна түөрт үлэһит дьону кытта хаайыллан, үлэһиттэр ортолоругар антисовет аҕытаассыйатыгар буруйдаммыттара. Ыам ыйын 23 күнүгэр 1934 с. 3 сыл болдьоҕор суутунан буруйдаммыта.

Быһаарыылар

  1. Ельцин, Борис Николаевич // Кто есть кто в России и в ближнем зарубежье: Справочник. — М: Издательский дом «Новое время», «Всё для Вас», 1993, С. 232—233 — ISBN 5-86564-033-X
  2. 1 2 Boris Yeltsin // Encyclopædia Britannica (англ.)
  3. 1 2 Boris Jelzin // Brockhaus Enzyklopädie (нем.) / Hrsg.: Bibliographisches Institut & F. A. Brockhaus, Wissen Media Verlag
  4. Deutsche Nationalbibliothek, Staatsbibliothek zu Berlin, Bayerische Staatsbibliothek, Österreichische Nationalbibliothek Record #118900048 // Gemeinsame Normdatei (нем.) — 2012—2016.
  5. 1993 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтэ Ельцини бэрэсидьиэниттэн устубута. Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын норуотун дьокутааттарын сийиэһэ Ельцини уураппыта. Бэрэсидьиэн эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Александр Руцкой буолбута. Ол эрээри Б. Н. Ельцин ону батыммыта, Арассыыйа бырабыыталыстыбата кини дьаһалларын толоро олорбута
  6. Ельцин, Борис Николаевич. Президент России. Сигэнии күнэ: 19 Муус устар 2024.
  7. Ельцин Борис. История.РФ. Сигэнии күнэ: 19 Муус устар 2024.
  8. Московские могилы. Ельцина К.В. moscow-tombs.ru. Сигэнии күнэ: 8 Ахсынньы 2019. Архивировано 5 Ахсынньы 2019 года.
  9. Ельцин Николай Игнатьевич (рус.). Бессмертный барак. Сигэнии күнэ: 8 Ахсынньы 2019. Архивировано 8 Ахсынньы 2019 года.


Цитата сыыһата: "lower-alpha" бөлөх <ref> тиэгигэр сөп түбэһэр <references group="lower-alpha"/> тиэк көстүбэтэ