Балаҕан ыйын 22

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 265-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 266-c күнэ). Сыл бүтүө 100 күн баар.

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1789 — Рымник кыргыһыыта: 25 000 киһилээх Александр Суворов салайар Австрия уонна Арассыыйа холбоһуктаах аармыйалара 100 000 киһилээх Осмаан импиэрийэтин аармыйатын үлтүрүппүт.
  • 1792Францияҕа Өрөспүүбүлүкэ олохтоммут, бу күнтэн республиканскай халандаар ааҕыллан барбыт.
  • 1862АХШ-га Гражданскай сэрии кэмигэр бэрэсидьиэн Авраам Линкольн дойду иһигэр баар кулуттары барыларын босхолуур прокламация таһаарбыт.
  • 1869Австрияҕа аан дойдуга бастакы почта открыткаларын таһаарбыттар.
  • 1957Гаити бэрэсидьиэнинэн Франсуа Дювалье талыллыбыт. Кини хааннаах диктатураны олохтоон 1971 сыллаахха өлүөр дылы дойдуну баһылаабыта.
  • Саддам Хусейн баһылыктаах Ирак Ираҥҥа саба түспүт. Аҕыс сыллаах сэрии саҕаламмыт.
  • 1989Казахстан судаарыстыбаннай тылынан казах тыла биллэриллибит. Оттон нуучча тыла "норуоттар ардыларыгар бодоруһуу тыла" статустаммыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр