Сэтинньи 22

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэтинньи 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 326-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 327-c күнэ). Сыл бүтүө 39 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТ — Уол оҕо күнэ. Оттон Саха сиригэр Уол оҕо күнэ муус устар иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэрин санатабыт
  • АзербайджанFlag of Azerbaijan.svg Азербайджан — Юстиция күнэ
  • АлбанияFlag of Albania.svg Албания — Алпаабыт күнэ. 1908 сыллаахха Монастир (билигин Битола) куоракка буолбут кэмпириэнсийэҕэ албаан учуонайдара уонна уопсастыбанньыктара биир алпаабыт ылынар туһунан куоластаабыттара
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Психолог(уйлҕаһыт)күнэ. 1994 сыллаахха бу күн Арассыыйа психология уопсастыбатын тэрийэр сийиэһэ буолбута
  • ěБритания Виргин арыылараБритания Виргин арыылара — Мас олордуу күнэ
  • ЛиванFlag of Lebanon.svg Ливан — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1943)
  • Коста РикаFlag of Costa Rica (state).svg Коста Рика — Учуутал күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1317 — Тверь баһылыгын Михаил Ярославич кинээһи Ордууга Москуба кинээһин дьоно өлөрбүттэр. Москуба кинээһэ Юрий Данилович Узбек Хаан күтүөтэ этэ.
  • 1698 (урукку ааҕыынан сэтинньи 12 күнүгэр) — Ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан бастакы Сибиир траага олохтоммут.
  • Петр Столыпин аграрнай реформата саҕаламмыт.
  • 1917Канаадаҕа Национальнай хоккей лиигэтэ (НХЛ) тэриллибит. Маҥнай лиигэҕэ биэс кулууп киирэр эбит — «Монреаль Канадиенс», «Монреаль Марунз», «Торонто Аренас», «Оттава Сенаторз» уонна «Квебек Булдогз».
  • 1956Австралия Мельбурнугар XVI Сайыҥҥы Олимпия оонньуулара аһыллыбыттар.
  • 1963Далласка АХШ бэрэсидьиэнин Джон Кеннедини өлөрбүттэр.
  • Майк Тайсон боксаҕа суперыарахан ыйааһыҥҥа чөмпүйүөн титулун ылбыт, инньэ гынан бокса устуоруйатыгар саамай эдэр аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут.
  • 2007Алдан улууһун оройуоннааҕы Сэбиэтин быһаарыытынан Бөллөөт нэһилиэгэ (Хатыыстыыр) «эбэҥки национальнай» диэн ыстаатыһы ылбыт.
  • Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын II сийиэһэ аһыллар.

Төрөөбүттэр

  • 1801Владимир Даль — быраас, нуучча суруйааччыта, фольклор хомуйаччыта, аатырбыт лексикограф, «Тыыннаах нуучча тылын быһаарыылаах тылдьытын» ааптара. Аҕата нууччатыйбыт датчанин элбэх тылы билэрэ, ыраахтааҕы бибилэтиэкэтигэр үлэлии сылдьыбыта. Ийэтэ сорох сибидиэнньэннэн француз гугеноттарыттан төрүттээх этэ, эмиэ 5 омук тылын билэрэ. Даль А. Пушкин чугас доҕоро этэ, өлөөрү сытар бэйиэти эмтии сатаабыта.
  • 1890Шарль де ГолльФранция аатырбыт генерала, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, бэрэсидьиэнэ (19591969).
  • 1898Чжу Цзыцин — аатырбыт Кытай бэйиэтэ уонна кэпсээнньитэ.
  • 1908 — Николай Якутскай — Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ.
  • 1936 — Спартак Борисов — Саха сирин бэлиитигэ, 1995-1997 сылларга Дьокуускай куоратын мээрэ, 1998-2002 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ, Дьокуускай куоратын ытык киһитэ (1998).
  • 1943 — Тимофей Степанов — саха живописеһа, саха норуодунай худуоһунньуга, реставратор, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
  • Александр Габышев — Арассыыйа кыһалҕаларыгар болҕомто тардар соруктаах 2019 сыллаахха "Дьокуускай—Москуба" суолунан сатыы хаамыыны саҕалаабыт түмэччи.
  • 1990 — Таха Акгюль — туурак тустууга, Олимпиада чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа алта төгүллээх чөмпүйүөнэ (2012, 2013, 2014, 2017, 2018, 2019) уонна 2015 сыллааҕы Европа Оонньууларын чөмпүйүөнэ.

Өлбүттэр

  • 1998 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.