Алтынньы 31

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 304-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 305-c күнэ). Сыл бүтүө 61 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Хэллоуин түүнэ буолар (католичествоҕа сарсыныгар, ол эбэтэр сэтинньи 1 күнүгэр Бары сибэтиэйдэр күннэрэ - бу күн билиниллибэтэх уонна билиниллибит сибэтиэйдэри барыларын ахталлар)
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg АрассыыйаХамсаныы тылын тылбаасчытын күнэ
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа — Силиэстийэ хаайыытын уонна түрмэ үлэһиттэрин күнэ
  • АХШскауттар тэрилтэлэрин олохтооччу күнэ. Джульетта Гордон Лоу төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
  • БразилияFlag of Brazil.svg Бразилия — Сачи күнэ (Бразилия култууратын уонна фольклорун күнэ) "Америка Хеллоуинын" оннугар олохтообуттар
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Сомоҕолоһуу күнэ
  • ПеруFlag of Peru (state).svg Перу — Креоллар култуураларыгар ананар күн (Día de la Canción Criolla). 1944 сыллаахтан бэлиэтэнэр
  • МиэксикэFlag of Mexico.svg Миэксикэ — Өлбүттэр күннэрин бастакы күнэ
  • КамбодьаFlag of Cambodia.svg Камбодьа — Аҕа хоруол төрөөбүт күнэ
  • СловенияFlag of Slovenia.svg Словения, ГерманияFlag of Germany.svg Германия (сорҕото), ЧиилиFlag of Chile.svg ЧиилиРеформация күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1517Мартин Лютер бэйэтин 95 тезиһин Виттенбергэ сыаркап ааныгар ыйаабыт. Онон католиктар ыккардыларыгар мөккүөрү тардыбыт.
  • 1811Санкт-Петербург таһыгар Царскай селоҕа Император лиссиэйэ аһыллыбыт — дворяннар оҕолоругар аналлаах үөрэх кыһата. Лиссиэй Александр Пушкин үөрэммит сирэ буоларынан биллэр. 1843 сыллаахха үөрэх кыһата киин куоракка Петербурга көспүт уонна Александровскай диэн буолбут. 1918 сыллаахха Совнарком уурааҕынан сабыллыбыт.
  • 1857Лаамы байҕалын кытылыгар сытар Үт (Чумикан) сирэ Саха уобалаһыттан Приморье уобалаһыгар бэриллибит. Билигин бу Хабаровскай кыраай сирэ.
  • 1913АХШ сирин-уотун байҕалтан байҕалга диэри туоруур бастакы шоссе, Линкольн шоссета, аһыллыбыт.
  • 1940Иккис аан дойду сэриитэ: Британия иһин кыргыһыы түмүктэммит, ол түмүгүнэн ньиэмэстэр арыыга саба түһэллэрин тохтоппуттар.
  • 1960Бүлүү өрүһүгэр ГЭС тутуллан бүппүт.
  • 1961Иосиф Сталин өлүгэ Кыһыл болуоссакка баар мавзолейтан таһаарыллыбыт уонна Кириэмил эркинин анныгар көмүллүбүт. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта: Сталинград Волгоград буолбута, Сталинабад — Душанбе, дойду үрдүнэн Сталин мэҥэ таастарын көтүрбүттэрэ.
  • 1967Таас Тумус — Дьокуускай гаас ситимэ үлэҕэ киирбит, Дьокуускайга аан маҥнай гаас кэлбит.
  • Амматааҕы норуот тыйаатыра аһыллыбыт.
  • 1968Майа бөһүөлэгин тутуутун сүрүн былаана ылыныллыбыт.
  • 2011 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.
  • 2018Ииндийэҕэ аан дойду саамай үрдүк статуята — 240 миэтэрэлээх Сомоҕолоһуу Мэҥэтэ — аһыллыбыт. Бу Валлабхаи Патель диэн Ииндийэ босхолонуутун туһугар турууласпыт норуот биир басханын мэҥэ тааһа.

Төрөөбүттэр

  • 1711Степан Крашенинников — Камчаатканы чинчийээччи.
  • 1760Хокусай — аатырбыт Дьоппуон уруhуйдьута. Кини саамай биллиилээх үлэтинэн «Фуджи хайа отут алта көстүүтэ» (富嶽三十六景) диэн маска ойууламмыт гравюралар сиэрийэлэрэ буолар.
  • Дмитрий Муксунов — Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна.
  • 1950Заха Хадид, Ираак уонна Британия архитектора уонна акадьыамыга.

Өлбүттэр