Лаамы байҕал
Сирэтоко национал паарка Лаамы байҕал кытылыгар, Хоккайдо, Дьоппуон
Лаамы байҕал. Курил арыылар уонна Хоккайдо арыы араарар. Иэнэ 1603 мөл. кв. км. Дьириҥэ 3521 м тиийэр. Орто дириҥэ 1780 м. Байҕал арҕаа өттө шельфка сытар. Шантар арыылардаах. Бөдөҥ хомолоро — Шелихов, Сахалин, Анива, Терпения.
Байҕалга бөдөҥ өрүстэртэн Амур өрүс түһэр.
Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри байҕал хоту өттө тоҥ. Соҕуруулуу-илиҥҥи өттө тоҥмот. Балык (минтай, сельдь, лосось). Түлүөн бултааһына.
Пуортара — Магадаан, Корсаков, Айаан, Охотскай.
Байҕал нууччалыы аата Охотскай диэн эбээннии «Окат» (өрүс) диэн тылтан тахсар.
Хотугу байҕалын итинник ааттыыр буоланнар, Лаамыны кинилэр «Охоцуку-кай» (オホーツク海) диэн ааттыыр буолбуттара.
Өссө маны көр
Ылыллыбыт сирэ
- Иллюстрированный энциклопедический словарь, 1995 г.