Бэс ыйа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэс ыйа Très riches heures du duc de Berry

Бэс ыйа - 6 ый.

Бэс ыйа — ыыр. Толоон-толоон аайы, сыһыы-сыһыы ахсын сибэкки ситэр: намыһах налыы сиргэ кулун ньургуһуна, чуораан от, талах анныгар — герань, кырдалга — алтан от, сир симэҕэ буолан, сир ийэни киэргэтэллэр. тэтиҥ, үөт, талах сэбирдэхтэрэ тыллаллар. Ходуһаҕа араас от үүнэр, дьикти кэрэ үрүмэччилэр көтөн тэлимнэһэллэр[1].

Ый саҥатыгар саха ыала түптэ буруота унаарар, маныыһыт сайдыыра иһиллэр, ынах маҥырыыр, атыыр оҕус айаатыыр, ньирэйдэр мэҥирэһэллэр. Ити барыта самаан сайын саҥата буолан иһиллэр.

Бэс ыйыгар ыһыы үлэтэ бүтэн, хомуурга бэлэмнэнэллэр, сири оҥороллор. Бэс ыйа — Биэлэри тутан, оһуокай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр.

Бэс ыйыгар саамай уһун күннэр тураллар, саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардаантгы саһарҕалар оонньууллар.


Бэс ыйын күнүн-дьылын билгэтэ

Бэс ыйа — от-мас, сир симэҕэ тиллэр, чыычаах ыллыыр кэмэ, сайын саҕаланыыта, үрүҥ түүн түһүүтэ. Норуот билгэлээһининэн, бэс ыйыгар түүн сылаас буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэһиэххэ сөп. Сарсыарда туманнаах буоллаҕына тэллэй хойуутук үүнүө. Сарсыардааҥҥы сиик элбэҕэ — эмиэ үрдүк үүнүүгэ. Дьон-сэргэ бэс ыйа хайдаҕый да, от үүнүүтэ эмиэ оннук буолуо диир.

Күнү-дьылы билгэлииргэ маннык күннэри кэтээн көрүү ордук суолталаах:

3 — сөҥүү түстэҕинэ, күһүн эмиэ ардахтаах буолар.
10 — чуумпу буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэс.
16 — хотугулуу-арҕааттан тыал үрдэҕинэ, өҥ сайын буолуо. Этиҥнээх ардах — от үлэтэ уустуктук ааһарын бэлиэтэ. Күнү быһа самыырдаатаҕына — тэллэй элбэх.

Бэс ыйа атын омуктарга

Былыргы Риимҥэ бу ыйга дьахтар уонна төлкө таҥаратын Юнона (лат. Iuno) аатын иҥэрбиттэр.

Түөлбэ тылыгар

балык сырыытын ыйа; бырдах ыйа; иккинньи; көмүөл ыйа; күүлэй ыйа; сара ыйа; сыма ыйа; сымыыт ыйа; тунах ыйа; уу кэлэр ыйа; ыһыах ыйа; эбэ барар ыйа.

Сигэлэр

  • Sakhatyla.ru
  • [Диалектологический словарь якутского языка. 1976]


Быһаарыылар

Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы