Титиик

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Титиик — сайыҥҥы хотон[1]

сайылыкка туруору эркиннээх икки баhа аhаҕас, сүөhүгэ аналлаах тутуу.  

Сайыҥҥы кэмнэ эрэ аналлааҕын быhыытынан титиик эркинэ сыбаҕа, түннүгэ суох буолар. Титиик үрдэ тиит хатырыга даҥнааҕа. Ол үрдүгэр халыҥ гына туран буор, күл үрүттүүллэрэ (куталлара).

Сайылыкка өссө титииккэ сыhыаннаах маннык тутуулар бааллара:

  • Тарбыйах хаайар хааччах. Ол бүтэй ньирэйдэр холкутук мэччийэллэрин, уулуулларын туhугар өрүүтүн күөл кытыытыгар тиийэ тутуллара.
  • үүт уурар онкучахтаах хоспох. (Хоспоҕу хойутуу ампаар диир буолбуттара).

Маны таhынан түптэ буруота, бырдах,күлүмэн,күүгэс күүгүнэ; ынах хомуйуута диэн тыллара суох титиик өйдөбүлэ ситэтэ суох, итэҕэс буолуоҕа[2].


Быһаарыылар

  1. Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыт. И. К. Попов, 2004 ISBN 5-7696-2088-9
  2. С. Маисов "Ийэм кэпсиир" сэhэнэ туhанылынна.