Охотскай
Охотскай (Охуоскай, нууч. Охотск) бөһүөлэк, Хабаровскай кыраай Охотскай оройуонун киинэ. Урут Саха уйуоһун (кэлин уобалаһын) састаабыгар киирэр этэ.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 4,9 тыһ. киһи (2008 сыл).
Хабаровскайтан 1677 км хоту диэкки Лаамы байҕал кытылыгар Охота үрэх төрдүгэр турар.
Устуоруйаттан
- 1647 сыллаахха Семен Шелковников казактара кыстыгы туппуттара, ол оннугар 1649 сыллаахха Косой диэн острог тутуллубута.
- 1716 сыллаахха Кузьма Соколов хараабыл туппута уонна байҕалынан Камчаткаҕа тиийбитэ Куораты уонна порды 1731 сыллаахха Антон Мануилович Девиер төрүттээбитэ.
- 1731 сыллаахха Сенат уурааҕынан Саха уйуоһун састаабыттан Охуоскай сирдэрэ араарыллыбыттара, туспа Охуоскай салалта (Охотское правление) үөскээбитэ, киинэ Охотскай остуруокка буолбута. Бу салалтаҕа Лаамы кытылын барытын, Үт сирин, Камчаатканы уонна Курил арыыларын киллэрбиттэрэ.
- 1732 сыллаахха Витус Беринг «Охотская навигацкая школа» тэриллибитэ.
- 1796 сыллаахха Павел I ыраахтааҕы Охотскайга кииннээх Охотскай уобалаһы тэрийэр. Уобалас иһигэр киирэллэр Камчатка, Чукотка и Лаамы байҕал кытылыгар сытар сирдэр.
- 1849 сыллаахха Саха уобалаһын уокуругун киинэ буолар.
- 1920 сыллаахха гражданскай сэрии кэмигэр Охотскайга дьоппуоннар хараабыллара киирэр, олохтоохтор бары Дьокуускайга көспүттэрэ.
- 1922 сыллаахха генерал Ракитин этэрээтэ куораты ылар.
- 1923 сыллаахха Ыстапаан Вострецов этэрээтэ сэбиэскэй былааһы олохтуур.
- Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ 1930 сыл ахсынньы 10 күнүттэн 1934 сыл от ыйын 22 күнүгэр диэри Айаан-Маайа эбэҥки национальнай уокурук киинэ этэ.