Саха уобалаһа
Саха уобалаһа (нууч. Якутская область) — Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана Саха сиригэр үөскүү сылдьыбыт административнай биирдэм.
1783 сыллаахха «О составлении Иркутской губернии из четырех областей» ыраахтааҕы уурааҕа тахсыбыта.
Онно Нерчинскай, Охотскай уонна Саха (Дьокуускай) уобаластар киирбиттэрэ.
Саха уобалаһыгар биэс уокурук үөскээбитэ: Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Оленскай (Бүлүү),Эдьигээн уонна Зашиверскай.
Атын сибидиэнньэннэн Саха уобалаһа 1805 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр Иркутскай губерния састаабыттан таһаарыллан баар буолбута. Саха уобалаһын бырабылыанньата үөскээбитэ. Ол уобалас бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ Саха сиригэр гражданскай муҥур тойон буолбута, Сибиир генерал-күбүрүнээтэригэр бас бэринэрэ. 1822 сылтан Илин Сибиир генеал-күбүрүнээтэригэр бас бэринэр буолбута. Уобалас бырабылыанньата полицияны, үбү-харчыны уонна сууту бас билэрэ. Суут өттүнэн Сенаакка бас бэринэрэ. Бырабылыанньа штаатыгар сэкирэтээр тойонноох кэнсэлээрийэлээҕэ, 4 столоначальниктааҕа (биирдии көмөлөһөөччүлээх), икки тылбаасчыттааҕа, суруналыыстааҕа, архивариустааҕа уонна суруксуттааҕа, уобаластааҕы землемердааҕа, уобаластааҕы мэдиссиинэ иниспиэктэрдээҕэ уонна икки үөрэнээччилээх лиэкэрдээҕэ.
1920 сыллаахха былаас былдьаһыы саҕана Сибревком быһаарыытынан Иркутскай уобаласка оройуон быһыытынан бэриллэ сылдьыбыта. Онтон ол сыл балаҕан ыйыгар Саха губернията буолбута.
Уобалас салайааччылара
- Надворнай советник Кардашевскай Иван Григорьевич.
- Миницкэй Михаил Иванович.
- 1822 сыл кулун тутар 24 күнүгэр (атын дааннайынан 27 күнүгэр) Дьокуускайга статскай советник уонна кавалер Рудаков Дмитрий Яковлевич кэлбит. Дуоһунаска 1824 сыл алтынньытыгар диэри олорбут. Дьокуускайга өлбүт.
- 1826 сыл алтынньыгар уобалас начаалынньыгынан иккистээн статскай советник уонна кавалер Ачкасов Алексей Николаевич буолбут. 1826 сылл кулун тутарыгар астаапкаҕа тахсыытынан ууратыллыбыт.
- 1826 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр Дьокуускайга саҥа начаалынньык кэлбит — Мягков Николай Иванович. Дуоһунаска 1831 сыл ахсынньы 11 күнүгэр диэри олорбут. Петербуурга көспүт.
- 1831 сыл ахсынньы 11 күнүгэр Илин Сибиир Кылаабынай управлениетын советнига Веригин (Беригин) Иван Николаевич анаммыт. Дуоһунаска 1832 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр диэри олорбут.
- 1832 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр Щербачев Василий Иванович кэлбит. 1833 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр Дьокуускайга өлбүт.
- 1833 с. балаҕан ыйын 18 күнүттэн 1834 сыл балаҕан ый 11 күнүгэр диэри коллежскай асессор Голубев Иван Иванович.
- 1834—1845 сс. — статскай советник Рудаков Илья Дмитриевич. Дьокуускайга өлбүт.
- 1845 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн от ыйын 4 күнүгэр диэри уобалаһы надворнай советник Булатов Флорентин Петрович салайбыт. Иркутскайга барбыт.
- 1845 сыл от ыйын 4 күнүттэн коллежскай советник Каргопольцев Николай Яковлевич анаммыт. Дуоһунаска 1850 сыл кулун тутар 18 күнүгэр диэри олорбут. Дьокуускайга өлбүт.
- 1850 сыл кулун тутар 18 күнүгэр уобалас начаалынньыгынан надврнай советник, уруккута уобалас бырабылаыанньатын советнига Фролов Иван Васильевич анаммыт. 1852 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри дуоһунаска олорбут. Дьокуускайга өлбүт.
1851 сыл от ыйын 11 күнүгэр «Саха уобалаһын салайыы туһунан» балаһыанньа бигэргэммит. Бу балаһыанньа быһыытынан 1852 сыл тохсунньу 1 күнүттэн (саҥа истиилинэн тохсунньу 13 күнэ) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллыбыт, Илин Сибиир күбүрүнээтэристибэтигэр күбүөрүнэ бырааптах туспа уобалас (самостоятельная область на правах губернии) буолбут. Онон бастакы күбүрүнээтэр анаммыт.
- Григорьев Константин Никифорович — Саха уобалаһын бастакы күбүрүнээтэрэ. 1852 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дуоһунаска киирбит. Муус устар 19 күнүгэр Дьокуускайга кэлбит. 1856 сыл олунньу 9 күнүгэр диэри олорбут.
- 1856 сыл олунньу 9 күнүттэн 1857 сыл кулун тутар 26 күнүгэр диэри уобалаһы бырабылыанньа старшай советнига кавалер Скрябин Николай Федорович салайан олорбут.
- 1857 сыл кулун тутар 26 күнүгэр күбүрүнээтэр дуоһунаһыгар действительнай статскай советник Штубендорф Юлий Иванович (1811—1878) киирбит. Ыраахтааҕы дуоһунаска аныыр туһунан ыйааҕа 1856 сыл алтынньы 23 күнүгэр тахсыбыт эбит.
Дьаһалтанан (административнай) тыырыллыыта
XX үйэ саҕаланыытыгар уобаласка 5 уокурук киирэрэ:
№ | Уокурук | Уокурук куората | Иэнэ[1] | Нэһилиэнньэтэ[2] (1897), киһи. |
---|---|---|---|---|
1 | Үөһээ Дьааҥы уокуруга | Верхоянскай (354 киһи) | 947 085 | 14 259 |
2 | Бүлүү | Бүлүү (куорат) (611 киһи) | 883 402 | 67 942 |
3 | Халыма | Среднеколымскай (538 киһи) | 604 756 | 7885 |
4 | Өлүөхүмэ | Өлүөхүмэ (куорат) (1144 киһи) | 330 159 | 36 227 |
5 | Дьокуускай уокуруга | Дьокуускай (6535 киһи) | 719 287 | 143 567 |
Уокуруктар полиция учаастактарыгар хайдаллара, учаастактар — буоластарга уонна сельские общества, оттон туора урдустар (инородецтар) сирдэрэ — улуустарга, нэһилиэктэргэ уонна уустарга. Уобаласка барыта 12 полиция учаастага, 8 нуучча уонна 1 инородецтар буоластара баара, 169 олорор сир (ол иһигэр 99 инородецтар уонна 12 көскө кэлбит аттакылар олорор сирдэрэ), саха улуустара 15 (251 нэһилиэк), 36 уус атын инородецтар.
Куораттара Дьокуускай уонна 4 уокурук куораттара: Өлүөхүмэ, Бүлүү, Верхоянскай, Среднеколымскай.
Уобалас олохтоохторо
Саха уобалаһын олохтоохторун 91,5 % инородецтар этилэр; нууччалар 7,5 %, атын омуктар — 1 %.
1900 с. уобаласка 262703 (134134 эр киһи, 128569 дьахтар) олорор этэ. Мантан нууччата — 21045, сахата — 224110, атын инородецтара — 17539, тас дойду омуктара — 9.
100 эр киһиэхэ 96 дьахтар тиксэр эбит.
Православнайдар 256737, католиктар — 193, эрмээн-григорианнар — 2, протестааннар — 23, раскольниктар уонна сиэктэлэр — 1731 (ол иһигэр 1240 аттакы), иудейдар — 510, мусульмааннар — 1896, ойууну итэҕэйээччилэр — 1610.
Быһаарыылар
- Якутская область // Брокгауз уонна Ефрон энциклопедическай тылдьыта: 86 туомнаах (82 т. уо. 4 эб.). — СПб., 1890—1907.
биэрэстэ² - ↑ Первая всеобщая перепись населения Российской Империи 1897 г..