Бэс ыйын 7

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 158-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 159-c күнэ). Сыл бүтүө 207 күн баар.

Бэлиэ күннэр

ХНТFlag of the United Nations.svg ХНТ: Ас-үөл куттала суох буолуутун күнэ. ХНТ быһаарыытынан 2018 сылтан бэлиэтэнэр.

  • АрассыыйаКраудфандинг күнэ[1]
  • АргентинаFlag of Argentina.svg Аргентина — Суруналыыс күнэ
  • ДанияFlag of Denmark.svg Дания — Йоахим принц күнэ
  • ИспанияFlag of Spain.svg Испания — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
  • КыргыстаанFlag of Kyrgyzstan.svg Кыргыстаан — Үп-харчы уонна экэниэмикэ үлэһиттэрин күнэ
  • МальтаFlag of Malta.svg Мальта — Сетте Джуньо (ит. Sette Giugno, бэс ыйын сэттиһэ). Мальтаҕа 1919 сыллаахха олохтоохтор Британияны утары уулуссаҕа тахсыбыттарын аармыйа ытыалаабыт, 4 киһи өлбүт. Арыы XVIII үйэҕэ диэри Италия бас билиитэ этэ
  • НорвегияFlag of Norway.svg Норвегия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Швецияттан 1905 сыллаахха)
  • ПеруFlag of Peru (state).svg Перу — Дуоҕа күнэ
  • ГавайиFlag of Hawaii.svg Гавайи — Камелих таҥара күнэ[2]
  • СловакияFlag of Slovakia.svg Словакия — Словак норуотун меморандума ылыныллыбыт күнэ

Түбэлтэлэр

  • Бастакы кириэстээх бохуот кэмигэр Иерусалимы төгүрүктээбиттэр.
  • эҥэлэйи (полушариены) ылбыт, онтон Португалия — илиҥҥини.
  • Мартын Шпанберг диэн Алексей Чириков онооҥҥо-манааҥҥа дылы Дьокуускайга хаалбыттар.
  • 1775 — Холбоһуктаах Холуонньалар (United Colonies) ааттара Холбоһуктаах Штааттар (United States) диэҥҥэ уларыйбыт.
  • Михаил Миницкэй Саха уобалаһын салайааччыта буолбут. 1821 сыл алтынньы 21 күнүгэр диэри бу дуоһунаска олорбута.
  • Александр Бестужев-Марлинскай өлбүт. Бу киһи Дьокуускайга көскө кэлэн түөрт сыл олорбута, онтон ыраахтааҕыттан көрдөһөн Хапкаас сэриитигэр көннөрү саллаатынан барбыта. Эдэр сылдьан Пушкинныын суруйсара, кини айар үлэтэ (омуннаах романтикалаах сэһэннэр) оччотооҕу литэрэтиирэҕэ да, кэлин тахсыбыт айымньыларга да дьайбыта.
  • Пьер Кюри саҥа химия элэмиэнин — полонийы — арыйбытын туһунан кэпсээбит.
  • 1921 — Москубаҕа Наркомнац кэллиэгийэтэ иккистээн Саха сирин автономиятын боппуруоһун көрбүт (бастакы көрүү ыам ыйын 16 буолбута), уонна автономияҕа сөбүлэһэр урукку быһаарыытын бигэргэппит.
  • 1923Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүт. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.
  • Илья Канин, Павел Карамзин уонна Михаил Артемьев.
  • 1938Австрия нацистыы бырабыыталыстыбата кэргэннии буолааччылар арийдартан төрүттээхтэрин дакаастыахтаахтарын туһунан биллэрбит.
  • 1947 — Дьугдьуурлаг тэриллибит. Салалтата Дьокуускайга эбит. Бастаан САССР ИТЛ салалтатыгар бас бэринэр эбит, онтон ГУЛаг тиһилигэр киирбит.
  • 1950Георгий Башарин дуоктар диссэртээссийэтин көмүскээбитэ. Бу үлэтигэр тыа сахаларын XVIII үйэ 60-с сылларыттан XIX үйэ ортотугар диэри олохторун-дьаһахтарын ырытан, сүөһү иитээччилэргэ сир суолтатын арыйбыта. Географиялыы пессимизм уонна географиялыы оптимизм диэн тиэрминнэри туһаммыта, оптимизм баар буолан Саха тыйыс айылҕатыгар бурдук ыһыыта саҕаламмытын ыйбыта. Ол эрээри, бэлиитикэ дьайыытынан бу көмүскээһини аахсыбатахтара, онон 1956 сыллаахха диссэртээссийэтин хос көмүскээбитэ.
  • 1989 — ССРС норуотун дьокутааттарын I Сийиэһигэр Межрегиональнай дьокутааттар бөлөхтөрө үөскээбит — Сэбиэскэй Сойууска бастакы түмэн (парламент) оппозицията.
  • Украинскай ССР Үрдүкү сэбиэтэ Украинаҕа баар сойуус тэрилтэлэрэ бары өрөспүүбүлүкэҕэ бас бэриниэхтээхтэрин туһунан быһаарыы ылбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1848 — Поль Гоген (1903 өлб.) төрөөбүт, французскай живописец, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
  • 1855 — Иван Мичурин (1935 өлб.) төрөөбүт, биолог учуонай уонна селекционер.
  • 1938Степан Петров — саха муосчута, РСФСР И.Е. Репин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
  • 1946Бүлүү куоратыгар Анатолий Алексеев — археолог, СГУ ректора, Гуманитарнай чинчийэр институт дириэктэрэ, устуоруйа билимин дуоктара. Бастакы диссэртээссийэтин Алын Өлүөхүмэ таас үйэтигэр көмүскээбитэ.
  • 1952Орхан Памук, Туурсуйа суруйааччыта, Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмиэйтин лауреата(2006).

Өлбүттэр

  • 1954Алан Матисон Тьюринг (1912 төр.), Англия математига, бастакы ЭВМ-нары оҥорооччу.
  • 1985 — Агния Романова (15.07.1912 төр.) — Токко, Учур, Майда уонна Томмот эбэҥкилэрин түөлбэ тылларын чичнийбит, Саха сирин эбэҥкилэрин фольклорун хомуйбут учуонай, педагогика билимин хандьыдаата.
  • 2021Нелунов Анатолий Гаврильевич (1943 с.т.) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.