Артемьев Михаил Константинович
Ойуучааны оҥоруу сатаммата: Билэ көстүбэтэ
Артемьев Михаил Константинович (1888 —27.03.1928) — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха Сирин политическэй диэйэтэлэ. Аатырбыт конфедералистар бастаанньаларын салайааччыларыттан биирдэстэрэ.
Олоҕун олуктара
- 1888 сыл сэтинньи ? күнүгэр Боотур Уус улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- Дьокуускайга кылаастаах училищены бүтэрбитэ. Аммаҕа суруксуттаабыта.
- 1920 сылтан буолас комиссара, Амма ревкомун бэрэссэдээтэлэ. Волревком бэрэссэдээтэлэ буолан олордоҕуна баайдары көмүскээтэ диэн уураппыттара. Алтан нэһилиэгэр учууталлыы олорон (сорох сурахтарынан, улуус норуот үөрэҕириитин салаатын инспектора) Дьокуускайга киирбитэ. Губревкомҥа үлэлээбитэ.
- 1922 сыллаахха сайын Дьокуускайтан дойдутугар тахсыбыта онно үрүҥнэр (В. Коробейников) бэйэлэригэр үлэлэтэ сатаабыттара, ол иһин 1922 сыл сайын тыаҕа саһа сылдьыбыта. Онтон А. Пепеляев генерал киирбитигэр киниэхэ холбоһон бастыҥ хамандыыр буолбута. Кини этэрээтэ 80—100 байыастаах, трехлинейка бинтиэпкэлэринэн[1] сэбилэммит күүстээх этэрээт этэ. Саллааттара сахалар уонна тоҥустар эбит.
- 1924—1925 сыллардаахха тоҥустар өрө турууларыгар штаб сэкэрэтээрэ (сорох төрүт матырыйаалга, штаб начаалынньыга[2]). Бастаанньалааччылары Саха Сиригэр аҕалан Саха АССР салалтатын кытта тиксиһиннэрэн тупсуу буоларын ситиһиннэрбитэ.
Кылгас кэмҥэ Охотскай волревкомун салайбыта. Өрө туруу суох оҥоруллубутун кэннэ амнистияламмыта.
- 1925—1927 сыллардаахха Саха АССР исполкомун кыра наруоттарын кэмитиэтин чилиэнэ.
- 1927—1928 сылларга П. В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыбыта. 1928 сыл кулун тутар 27 Дьокуускайга ытан өлөрбүттэрэ.
- 1999 сыл алтынньы 11 күнүгэр Саха Сирин прокуратуратын быһаарыытынан үтүө аата төрөөбүт норуотугар тиллибитэ.
Быһаарыылар
- Мосин бинтиэпкэтэ
- ↑ Саха чаҕылхай уолаттара. Ылдьаа Колосов.
Ылыллыбыт сирэ
- Энциклопедия Якутии. Якутск, 2000.
Литература
- Шамбаров В. Е. Белогвардейщина. — М.: Эксмо-Пресс, 2002.
- Егор Алексеев Кто Вы, Артемьев? // «Илин». — 1991 — № 3. [1]
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |