Пепеляев Анатолий Николаевич
Пепеляев Анатолий Николаевич - XX үйэ саҕаланыытыгар Саха сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, үрүҥ генераала.
1891 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Томскайга төрөөбүт, 1938 сыл тохсунньу 14 күнүгэр өлбүт. Генерал-лейтенант (1919).
Эппиһиэр дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Павловскайдааҕы байыаннай училищены 1910 сыллаахха бүтэрбит. Бастакы Аан дойду сэриитигэр батальон хамандыыра, подполковник. 1918 с. ыам ыйыгар Томскайга революцияны утары турууну баһылаабыт, онно белочехтарынан өйөммүт.
1918 с. атырдьах ыйыттан корпус хамандыыра, 1919 - 1-кы Сибиир армиятын хамандыыра. Колчагы урусхаллааһын кэннэ Сэбиэскэй былааһы утары охсуһуутун Уһук Илиҥҥэ салҕаабыта. 1921 с. Кытайга, Харбиҥҥа эмиграциялаабыта. 1923 сыл саҕаланыытыгар Сибиир добровольческай дружинатын баһылаан (700 киһи) Саха сиригэр киирбитэ. Сыала-соруга - Дьокуускайы ылыы уонна Сибииргэ Сэбиэскэй былааһы суох оҥоруу. Амма Абаҕатын таһыгар (Саһыл-Сыһыы алааска) Строд этэрээтигэр кэтиллэ түһэр. 3 нэдиэлэ устата ытыалаһа сатаан баран, элбэх өлүү-сүтүү тахсыбытын кэннэ, Айааҥҥа төннөр. Айааҥҥа Владивостоктан турбут кыһыллар хараабыллара устан тиийэн туппут. Сууттанан баран амнистияҕа түбэһэн өр кэм Новосибирскайга бухгалтерынан үлэлээбит. 1937 с. хаттаан хаайыллыбыт уонна 1938 ытыллан өлөрүллүбүт.
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |