Атырдьах ыйын 15
Атырдьах ыйын 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 227-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 228-c күнэ). Сыл бүтүө 138 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Баҥладеш — Дойду үрдүнэн кутурҕан күнэ
- Ииндийэ — Тутулуга суох буолуу күнэ. Британияттан 1947 сыллаахха
- Аччык иччилэр бэстибээллэрэ
- Саҥа Шотландия — Акадия (ааҥл. National Acadian Day)
- Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Тутулуга суох буолуу күнэ. Францияттан 1960 сыллаахха
- Лихтенштайн — Дойду күнэ
- Панама-Вьехо күнэ
- Парагвай — Асунсьон олохтоммут күнэ
- Польша — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Босхолонуу күнэ
- Экватор Гвинеята — Конституция күнэ
- Эгиипэт — Нил өрүс халаанныыр күнэ (ааҥл. Flooding of the Nile, Вафаа эль-Нил)
- Археолог күнэ
Түбэлтэлэр
- 1281 — Дьоппуоҥҥа байҕалынан устан тиийбит монгол сэриитин иккис төгүлүн тайфун ыспыт. Бу тайфуну дьоппуоннар камикадзе диэн ааттаабыттар, ол аата — "айыы тыала".
- 1643 — Аллараа Халымаҕа Походскай сэлиэнньэ үөскээбит.
- 1717 — Арассыыйа, Франция уонна Пруссия Амстердамнааҕы сөбүлэҥи түһэрсибиттэр.
- 1723 — Петергоф аһыллыбыт, Арассыыйа импэрээтэрдэрин сайылыктара.
- 1835 — Эргийэр барабаннаах таҥас сууйар массыынаҕа патент ылыллыбыт.
- Александр II ыраахтааҕы Аан дойдутааҕы ориенталистар кэҥгириэстэригэр быыстапка оҥоро кэлэ сылдьар сахалары уонна бүрээттэри кытта көрсүбүт. Онно Арҕаа Хаҥаластан икки саха киһитэ (Дьэр нэһилиэгин кинээһэ Боппосов уонна тылбаасчыт Слепцов) бааллара.
- дьахтар прогимназията аһыллыбыт (1884 сылтан — 4 кылаастаах). Дьиэни саха атыыһыта Петр Захаров сиэртибэлээбит. 1900 с. гиманзия буолбута, 1902 с. саҥа икки этээстээх дьиэни туппуттара. 1920 с. дылы үлэлээбитэ.
- Третьяковскай галерея аһыллыбыт («Павел уонна Сергей Михайлович Третьяковтар Москуба куораттааҕы галереялара»).
- Пруссияҕа дьахталлар үрдүк үөрэххэ киирэллэрэ көҥүллэммит.
- 1914 — Бастакы аал Панаама ханаалынан ааспыт.
- Сэбиэскэй Арассыыйа дипломаттыы сыһыаннары тохтоппуттар. Ол күн уонна сарсыныгар АХШ сэриилэрэ Антанта дойдуларын интервенциялара саҕаламмыт.
- Варшаватааҕы кыргыһыыга кыайбыт (Сэбиэскэй Арассыыйа уонна Польша 1919—1921 сс. сэриитэ).
- Женеваҕа Фритьоф Нансен салалтатынан Арассыыйа хоргуйааччыларыгар көмөнү тэрийэр кэмпириэнсийэ саҕаламмыт.
- А. Жданов «Арҕаа дойдуларга сүгүрүйүүнү» утары охсуһууну саҕалаабыт.
- 1947 — Ииндийэ уонна Пакистан тутулуга суох буолбуттар. 190 сыл устата Улуу Британия баһылаабыт Ииндийэтин дьон итэҕэлинэн көрөн икки судаарыстыбаҕа араарбыттара. Арахсыы кэнниттэн саҥа судаарыстыбалар икки ардыларыгар улахан миграциялар саҕаламмыттара.
- 2012 — Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Алампа көмүс уҥуоҕа, Таатта улууһун олохтоохторун уонна бэйэтин аймахтарын көрдөһүүлэринэн, Ытык-Күөлгэ Хадаайы диэн сиргэ («Таатта» уус-уран литэрэтиирэ түмэлин аттыгар) иккистээн көмүллүбүтэ.
Төрөөбүттэр
- 1891 — Анатолий Пепеляев, XX үйэ саҕаланыытыгар Саха Сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, үрүҥ генераала, амнистияҕа түбэһэн Новосибирскайга үлэлээбитэ, 1937 сыллаахха хаайыллыбыта, 1938 сыллаахха ытыллыбыта.
- 1917 — Семен Пестерев (1983 өлб.), худуоһунньук, муосчут.
- Николай Степанов (1989 өлб.)
- 1929 — Владимир Павлов (12.08.1999 өлб.) — Дьокуускай горисполкомун салайааччыта буола сылдьыбыт, 1980-90 сылларга «Сахамебель» Холбоһук салайааччыта.
- 1931 — Микаэл Таривердиев (1996 өлб.) — композитор, РСФСР норуодунай артыыһа (1986).
- 1949 — Юрий Буслаев, тутааччы, 1998 - 2003 сыллардаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуу уонна архитектура миниистирэ.
- 1954 — Егор Борисов — биллэр саха бэлиитигэ, 2003—2010 СӨ бырабыыталыстыбатын салайааччыта, 2010 с. от ыйын 17 күнүттэн 2018 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ (дуоһунас 2012 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан (Глава) диэн ааттаммыта).
- Кэскил Баишев, саха эстрадатын артыыһа.
Өлбүттэр
- 1980 — Семен Никифоров (27.08.1923 төр.) — саха суруйааччыта, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- 1990 — Виктор Цой (1962 төр.), бэйиэт уонна ырыаһыт, «Кино» рок-бөлөх салайааччыта.
|