Кулун тутар 19

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 78-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 79-c күнэ). Сыл бүтүө 287 күн баар.


Бэлиэ күннэр

  • Тымныы оҕуһун көхсө "күр" гына сууллар, салгын сылыйан барар
  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Аартыка күнэ
  • АрассыыйаПодводник-моряк күнэ
  • ИталияFlag of Italy.svg Италия, МальтаFlag of Malta.svg Мальта, ЛихтенштайнFlag of Liechtenstein.svg Лихтенштайн — Сибэтиэй Уоһук күнэ
  • ПольшаFlag of Poland.svg Польша — Кашуб омук сомоҕолоһутун күнэ (кашуб тыла: Дзен Едноте Кашебув). Бу күн 1238 сыллаахха кашубтар аан бастаан докумуоҥҥа ахтыллыбыттар
  • Финляндияфин. Tasa-arvon päivä), суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, дьахталлар бырааптарын туруулаһааччы Минна Кант (1844—1897) төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр

Түбэлтэлэр

  • Сун импиэрийэ флотун кыргыбыт. Сун импиэрийэ суох буолбут, Кытай бүттүүнэ Монгуол импиэрийэтигэр киирбит.
  • Василий II бирикээһинэн хаайыллыбыт. Үс сыл буолан баран Исидор күрээбит, Римҥэ тиийэн кардинал солотун уонна Константинополь патриарха диэн ытык ааты ылбыт, ол эрээри онно хайыы-үйэ туурактар баһылаан олороллоро.
  • 1697Бүөтүр I Дьобуруопаҕа айанын саҕалаабыт.
  • 1819 — Арассыыйаҕа бастакы суһал көмө ыстаансыйата Бөтөрбүүргэ арыллыбыт.
  • 1921 — Сибревком уурааҕынан Приморскай кыраайын Охотскай уонна Камчатка уездтара Саха күбүөрүнэтин састаабыгар киллэриллибиттэр.
  • 1944Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс аармыйата Венгрияны оккупациялаабыт.
  • 1970 — Андрей Сахаров, Валентин Турчин уонна Рой Медведев ССРС-ка дэмэкэрээттии уларытыылары киллэрэр туһунан аһаҕас суругу дойду салайааччыларыгар Брежнев, Косыгин уонна Подгорнай ааттарыгар суруйбуттар.
  • 1990 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан Алексеевскай оройуон аата Таатта оройуона диэн буолбута.
  • Джордж Буш Саддам Хусейнҥа ултумаатым туруорбут, бу күнтэн ыла сэрии саҕаламмыт диэххэ сөп. Британия, Япония, Турция уонна Австралия салалталара өйөөбүттэр, Франция, Кытай уонна Канаада утарбыттар.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 2016Сэмэн Руфов — бэйиэт, тылбаасчыт, саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.