Монгуол импиэрийэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Монгуол импиэрийэтэ (?, ᠮᠣᠩᠭᠣᠯ ᠤᠨ
ᠡᠵᠡᠨᠲᠦ
ᠭᠦᠷᠦᠨ
Халыып:Lang-mn2; Yeke Mongɣol ulus — «Улуу Монгуол улууһа») — XIII-XIV үйэлэргэ Чингисхан уонна кини сыдьааннара сэриилээһиннэрин түмүгэр баар буола сылдьыбыт дойду, аан дойду устуоруйатыгар саамай киэҥ сирдэринэн тайаан сыппытаИлин Европаттан Дьоппуон байҕалыгар, уонна Новгородтан Соҕуруулуу-Илин Азияҕа диэри этэ (иэнин сабардама 24 млн км²[2][3] эбэтэр 33 млн км²[4]).

Муҥутаан сайдыбыт кэмигэр импиэрийэҕэ Илин Европа, Юань импиэрийэ, Джучи улууһа (Алтан Ордуу), Хулагуидтар судаарыстыбалара (Ильханат) уонна Чагатай улууһа буолбуттара. Улуу хаан Хубилай, Юань импиэрийэ ыраахтааҕытынан буолбута (1271), киин куоратын Хаанбалыкка (Аныгы Пекин) көһөрбүтэ, уонна улуустары барытын салайара. XIV үйэ саҕалыныытыгар тутулуга суох судаарыстыбалар конфедерацияларын быһыытынан импиэрийэ сөргүтүллүбүтэ.

1368 сыллаахха Юань импиэрийэ суох буолбута[6], онон Монгуол импиэрийэтэ эмиэ тохтообута.

Быһаарыылар

  1. Stephen Pow. The Mongol Empire’s Northern Border: Re-evaluating the Surface Area of the Mongol Empire (en) // Genius loci — Laszlovszky 60. — 2018. — ISBN 978-615-5766-19-0.
  2. Turchin P., Hall T. D., Adams J. M. East-West Orientation of Historical Empires and Modern States // Journal of World-Systems Research. — 2006. — Vol. 12 (№ 2). — P. 222.
  3. Taagepera R. Expansion and Contraction Patterns of Large Polities: Context for Russia // International Studies Quarterly. — 1997. — Vol. 41. — P. 499.
  4. Vandepeer M. The Mongol Empire. // Retrospect Empire. — P. 9.
  5. Почекаев Р. Ю. Правовое положение Улуса Джучи в Монгольской империи 1224—1269 гг.(нууч.)(суох сигэ — история). — Библиотека «Центральноазиатского исторического сервера».
  6. Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.