УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Атырдьах ыйын 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 233-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 234-c күнэ). Сыл бүтүө 132 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТТеррортан эмсэҕэлээбиттэри ахтан ааһар күн
- ПилипиинБенино "Ниной" Акино-балыс диэн бэлиитик эһиил буолуохтаах быыбарга кыттар былааннаах дойдуга төннөн кэлбитин оччотооҕу бэрэсидьиэн дьоно аэропорка ытан өлөрбүттэрэ. Бу кэнниттэн дойдуга күүстээх хамсааһын саҕаламмыта, 1986 сыллаахха буолбут өрөбөлүүссүйэ түмүгэр кини ойоҕо Корасон Акино бэрэсидьиэн буолбута. Бу күн дойдуга өрүүллэр
- Марокко Марокко — Ыччат күнэ
- ГавайиБилинии күнэ. 1959 сыллаахха Гавайи АХШ 50-с штаата буолбута.
Түбэлтэлэр
- 1192 — Дьоппуоҥҥа былааһы сёгун, ол аата главнокомандующай, ылбыт, оттон импэрээтэр аатыгар эрэ дойду баһылыгынан хаалбыт. Маннык бэрээдэк 7 үйэ тухары XIX үйэ ортотугар диэри салҕаммыта.
- 1770 — Айанньыт Джеймс Кук Австралия илин өттүн Улуу Британия сиринэн биллэрбит. Кэлин 1828 сыллаахха Улуу Британия бу континены барытын бэйэтин бас билиитигэр ылбыта.
- 1898 — Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга норуот бибилэтиэкэтэ аһыллыбыт. Бу бибилэтиэкэни Василий Никифоров - Күлүмнүүр тэрийбит.
- 1918 — Бүлүүгэ күрэммит кыһыллар сорохторо төннөн кэлэн Дьокуускай куоратын соһуччу кыргыһыыта суох ылбыттар. Үрүҥнэр Табаҕаҕа куоппуттар.
- Иркутскай губерния оройуона буолбута.
- 1932 — Венецияҕа бастакы аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлэ буолбут.
- 1943 — ССРС-ка оҕолорго аналлаах 9 байыаннай училищены арыйар туһунан уураах тахсыбыт. Бу "суворовскай" уонна "нахимовскай" диэн ааттаммыт үөрэх кыһаларыгар сэриигэ өлбүт аҕалаах тулаайах оҕолору хомуйбуттара.
- Лариса Попугаева уонна сирдьит Федор Беликов булбуттара.
- 1968 — Чехословакия демократия өттүгэр охтон эрэрин тохтотоору бу дойдуга Варшава Дуогабарын сэриилэрэ киллэриллибиттэр.
- 1991 — Атырдьах ыйынааҕы путч: ГКЧП былааһы күүс өттүнэн былдьыыр сорунуута таҥнастыбыт. Былаас союзнай өрөспүүбүлүкэлэргэ көспүт, ССРС букатыннаахтык ыһыллар суолга барбыт.
- 1992 — Дьокуускайга Латвияттан официальнай дэлэгээссийэ кэлбит.
- Оҕо уонна ийэ харыстабылын киинин Педиатрия клиниката бастакы кырачаан пациеннары көрбүт.
- Федор Андреев этэ. Бу Арассыыйаҕа алмааһы хостуур сир аннынааҕы иккис рудник, бастакы — "Интернациональнай", 1999 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ.
Төрөөбүттэр
- III Маалдьаҕар нэһилиэгэр Харыйалаах диэн арыыга Иван Федоров (1993 с. өлб.) — лүөччүк, авиация полковнига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа. Сэриигэ өстөөх 2 сөмүлүөтүн суулларбыта.
- 1962 — Людмила Винокурова — судаарыстыба диэйэтэлэ Максим Аммосов олоҕун уонна үлэтин чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1986 — Усейн Болт — Дьамайка чэпчэки атлетикаҕа спортсмена, кылгас кэрчиктээх сүүрүүгэ идэтийэр, Олимпиада алта, аан дойду 11 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ аан дойду 8 рекордун олохтообут.
Өлбүттэр
- 1940 — Лев Троцкай (дьиҥнээх араспаанньата Бронштейн) — аан дойду коммунистическай революционнай хамсааһынан диэйэтэлэ, марксист, марксизм биир салаатын саҕалааччыта (троцкизм).
- 1966 — Михаил Лукин (01.12.1929 төр.) — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1998 — Юрий Чертов — Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ. Арассыыйа суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.