УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыам ыйын 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 151-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 152-c күнэ). Сыл бүтүө 214 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ ХНТ — Табаҕа суох күн (World No Tobacco Day). 2020 сыллаахха бу күн сүрүн болҕомтото табаҕы оҥорон таһаарааччылар уонна атыылааччылар ыччаты сутуйар бэлиитикэлэригэр туһаайыллар
- Аан дойдуга Тэҥэ суох буолууну утары охсуһар күн. Дьадайыыны кыччатыыга уонна киһи-аймах барыта баайдык-тоттук олоруутугар туһуланар
- АрассыыйаАдвокатура күнэ[1]
- Бруней Бруней — Хоруол малаай полкатын күнэ
- Казахстаан Казахстаан — Бэлиитикэ репрессияларын уонна сут сиэртибэлэрин күнэ[2]
- Соҕуруу АфрикаӨрөспүүбүлүкэ күнэ (1960)
Түбэлтэлэр
- Калка өрүһүгэр кыргыһыы: Сүбэдэй уонна Дьэбэ нойон салалталаах Киевскэй Русь уонна кыпчак сэриилэрин үлтүрүппүт.
- Ява арыытын бас бэриннэрэр соруктаах улахан монгол (Юань импиэрийэтэ) сэриитэ олохтоох дьон соһуччу саба түһүүлэригэр түбэһэн кыайтарбыт. Бу Сурабайа куоратын олохтоммут күнүнэн ааҕыллар.
- 1859 — Лондоҥҥа Биг Бен чаһыыта хаамыытын саҕалаабыт.
- 1879 — Берлиҥҥэ бастакы электрическэй тимир суол аһыллыбыт уонна бастакы электрическэй пуойас көрдөрүллүбүт.
- 1891 — Владивостокка Транссибир магистралын тутуута үөрүүлээхтик саҕаламмыт.
- Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах Усть-Кутка, Киренскэйгэ, Апполинарий Рыдзинскай этэрээтин иннинэ Центросибирьтэн Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуу Былатыан Ойуунускай (Слепцов) баһылыктаах комиссия айаннаабыта.
- 1918 — Уһук Илиннээҕи байыаннай уокурук (ДВО) тэриллибит — Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин холбоһуга. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Приморскай, Камчатка уонна Хабаровскай кыраайдар, Амур, Магадан, Сахалин уобаластарыгар, Чукотка автономиялаах уокуругар уонна Дьэбириэй автономиялаах уобалаһыгар дислокацияланар. Уокурук штааба Хабаровскай куоракка баар.
- 1945 — батальонун сатабыллаахтык хамаандалааһынын, өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин Ньурбаттан төрүттээх гвардия капитана Николай Чусовскойга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
- 1978 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 8-с уочарата суох сиэссийэтигэр саҥа Конституция ылыныллыбыт.
- 1990 — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала диэн ытык аат Ороһутааҕы норуот педагогикатын түмэлин олохтооччутугар Константин Чиряевка иҥэриллибит.
- 1994 — Магадаан уобалаһын дьаһалтатын аҕыйах ахсааннаах омуктары өйүүр уурааҕар Магадаан сахалара Дьэһиэй сахалара диэн аатынан киирбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Дьэһиэй диэн сүүнэ күөл Красноярскай кыраайга баар, онно былыр былыргыттан сахалар түөлбэлээн олороллор.
- 2010 — СӨ иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров эмискэ дуоһунаһыттан барбыт, бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччунан Егор Борисов буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1918 — Витим бөһүөлэгэр Александра Серкина (2007 өлб.) — ангиохирург, мэдиссиинэ билимин дуоктара. Александра Васильевна өр сылларга Иркутскайга хирургия отделениетын салайбыта, Иркутскай ангиохирургиятын төрүттээбитэ. Арассыыйа уонна Бүрээтийэ үтүөлээх бырааһа. Эдэр сылдьан Халымаҕа "кыра маама" диэн ааттанар, ол саҕана киһи бөҕөнү өлөрөр корь ыарыы эпидемиятын кытта ситиһиилээхтик охсуспутун иһин "Саха АССР 15 сыла" диэн бэлиэннэн наҕараадаламмыта.
- 1927 — Егор Шестаков—Эрчимэн (07.03.1996 өлб.) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы. Эдэр сылдьан оскуола учуутала, холкуос бэрэстээтэлэ буола сылдьыбыта. Горькай аатынан Литэрэтиирэ үнүстүүтүн бүтэрбитэ, университекка преподавателлээбитэ, "Чолбон" сурунаалы салайбыта.
Өлбүттэр
- 1951 — Андрей Саввин — Өндөрүүскэ (21.11.1896 төр.) — саха аһын-үөлүн, көмөр сиэрин-туомун чинчийбит этнограф учуонай. Биир үлэтигэр өрөбөлүүссүйэ иннинэ Илин эҥээр сахалара Бүлүү сахаларыттан аҕыйаҕа суох сыманы сииллэрин көрдөрбүтэ.
- 1993 — Реас Кулаковскай (08.04.1914 төр.) — бэйиэт, суруйааччы. Аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүү училищетыгар үлэлии сырыттаҕына Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ. Өксөкүлээх бэһис оҕото. Бэйэтэ аҕыс оҕолоох.