Чиряев Константин Спиридонович
Чиряев Константин Спиридонович (19.05.1927—1997) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Ороһутааҕы норуодунай педагогика түмэлин олохтооччута.
Олоҕун олуктара
1927 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр Бүлүү оройуонун Кыадаҥда с. бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1946 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитэ.
- 1946 с. — Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтэ, иитээччи
- 1947—1950 сс. — Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу сэттэ кылаастаах оскуолата, история уонна география учуутала
- 1950—1951 сс. — ЫБСЛКС Үөһээ Бүлүү райкомун салаатын сэбиэдиссэйэ
- 1951—1952 сс. — Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтэ, завуч
- 1952—1953 сс. — Үөһээ Бүлүү орто оскуолата, история учуутала
- 1953—1954 сс. — Дьокуускай 3 №-дээх киэһээҥҥи оскуолата, преподаватель
- 1954 с. тохсунньу — балаҕан ыйа — Үөһээ Бүлүү орто оскуолата, учуутал
- 1954—1957 сс. — Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу сэттэ кылаастаах оскуолата, директор
- 1957—1959 сс. — Үөһээ Бүлүү оройуонун Далыр орто оскуолата, директор
- 1959—1960 сс. — Бүлүү оройуогар үөрэҕирии салаатын сэбиэдиссэйэ
- 1960—1961 сс. — Бүлүү орто оскуолата, директор
- 1961—1962 сс. — Бүлүү орто оскуолата, история учуутала
- 1962—1968 сс. — Бүлүүтээҕи педучилище, педагогика уонна психология преподавателэ
- 1968—1969 сс. — Кэбээйи оройуонун үөрэҕириитин салаата, методкабинет сэбиэдиссэйэ
- 1969—1970 сс. — Ленинскэй оройуон (билигин Ньурба улууһа) Марха орто оскуолата, директор
- 1970—1975 сс. — Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу орто оскуолата, директор
- 1975—1976 сс. — Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу орто оскуолата, иитээччи
- 1976—1981 сс. — РСФСР Педагогическай Обществотын Саха Сиринээҕи салаата, методист
- 1981—1997 сс. — Ороһутааҕы норуодунай педагогика түмэлин салайааччыта
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- ЫБСЛКС КК Ытык грамотата (1948)
- РСФСР үөрэҕириитин туйгуна (1965)
- В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһыгар мэтээл (1970)
- Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала[1] (1990)
- «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» мэтээл (1993)
- Российскай Федерация айар педагогикаҕа Академиятын академига
- Үөһээ Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо (1997)
- Ороһу нэһилиэгин Ытык олохтооҕо (1997)
Аатын үйэтитии
- К. С. Чиряев аата Норуодунай педагогика түмэлигэр иҥэриллибитэ[2] (1998)
- Бүлүү улууһун Кыадаҥдатааҕы оскуолата К. С. Чиряева аатын сүгэр
- Үөһээ Бүлүү Ороһутугар олорбут дьиэтин уулуссатыгар кини аата иҥэриллибит
Кинигэлэрэ
- Оҕону дьиэҕэ иитии. — Дь., 1969.
- Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии. — Дь., 1973.
- Оҕону иитии сорох түгэннэрэ. — Дь., 1977.
- Ыал ымыыта — ыччакка. — Дь., 1981.
- Аһаҕастык кэпсэттэххэ. — Дь., 1984.
- Эһээ дневнигэ. — Дь., 1986.
- Дьолуҥ — ыччаккар. — Дь., 1990.
- Дьиэ кэргэн — омук биһигэ. — Дь., 1994.
- Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар. — Дь., 1995, 1997, 2010.
- Аляскаҕа айан. — Дь., 1995.
- Олох педагогиката. — Дь., 1998.