1927

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1923 1924 1925 1926 — 1927 — 1928 1929 1930 1931
Уоннуу сыллар
1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1927 сыл.

Туох буолбута

Олунньу

  • Порту куоракка Португалия байыаннай диктатууратын утары өрө туруу күөдьүйбүт.
  • Олунньу 7 — Дьокуускайга I Бүтүн Саха сиринээҕи кыра омуктар сийиэстэрэ саҕаламмыт, олунньу 13 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ 27 эбэҥки, чукча уонна дьүкээгир омуктарын дэлэгээттэрэ 11 улуустан мустубуттар.
  • Олунньу 20 — ВКП(б) Саха сиринээҕи обкуомун бэһис ыҥыырытын бастакы пленума буолбут. Исидор Барахов обкуом бастакы сэкиритээринэн талыллыбыт.

Кулун тутар

  • Кулун тутар 16Саха АССР салайааччыта Максим Аммосов саха интеллигиэнсийэтигэр дьон олоҕун-дьаһаҕын, культууратын, этиин-хаанын чэбдигирдэргэ актыыбынай кыттыыны ылалларын туһугар аһаҕас сурук суруйбут. Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн саха дьоно эт-хаан өттүнэн эстээри гыммыттарын, киин уонна Бүлүү улуустарын сорох сирдэригэр дьон ахсаана аҕыйаан иһэрин эппит. Чуолаан оҕолор уонна дьахталлар өлүүлэрэ элбэҕин ыйбыт.
  • Кулун тутар 16 — Сир баайа көстүбүт сирдэрин сиһилии чинчийэр уонна туһанар туһугар Саха сиринээҕи горно-техниичэскэй хонтуора тэрийиллибит.

Муус устар

Бэс ыйа

  • ВКП(б) Киин кэмитиэтин "Хомуньуус өрөбөлүүссүйэтэ" (Коммунистическая революция) сурунаалын алтыс нүөмэригэр Аршаруни́ (дьиҥнээх араспаанньата Чинарьян) "Омугумсуйуу идеологиятын утары охсуһууга" (В борьбе с националистической идеологией) диэн ааттаах, Саха сирин салайааччыларын уонна суруйааччыларын утары ис хоһоонноох уодаһыннаах ыстатыйата тахсыбыт. Ааптар бу ыстатыйаҕа өрөспүүбүлүкэни ССРС-тан араара сатыыр күүстэр баалларын туһунан эппит. Чинчийээччилэр сыаналыылларынан бу ыстатыйаттан саҕалаан сахалары омугумсуйууга буруйдааһын репрессиялыыр механизма саҕаламмыта. Бу кэнниттэн биир сыл буолан баран атырдьах ыйын 11 күнүгэр "Правда" хаһыакка "О положении в Якутской организации" диэн ВКП(б) КК уурааҕа тахсыбыта. Бу уураах өрөспүүбүлүкэ хомуньуустарын омугумсуйар интэлигиэнсийэни былааска таһааралларыгар буруйдаабыта.
  • Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.

От ыйа

Балаҕан ыйа

Алтынньы

Сэтинньи

  • Сэтинньи 7 — "По заветам Ильича" ("Красная Якутия") хаһыкка Саха сирин ВКП(б) обкуомун бастакы сэкиритээрэ Исидор Барахов "К 10-летию Октябрьской революции" ыстатыйата бэчээттэммит. Манна Барахов үбүлүөй көннөрү сыллааҕы бырааһынньык курдук бэлиэтэниэҕэ, дьиҥнээх тэрээһиннэр эһиил сайын ыһыах кэмигэр ыытыллыахтара диэбит.
  • Сэтинньи 12Троцкай уонна Зиновьев ВКП(б) кэккэтиттэн уһуллубуттар.
  • Сэтинньи 17Москубаҕа ЦК ВКП(б) Политбюротун мунньаҕар Саха сиригэр конфедералистар хамсааһыннарын туһунан дакылаат истибиттэр уонна хамсааһыны түргэнник эһэргэ быһаарбыттар.
  • «Саха омук» култуура- сырдатар уопсастыба мунньаҕар конфедералистары утарар уонна хомуньуустары өйүүр туһунан уураах ылыммыттар. Сэбилэниилээх күүһү туһанан бэйэлэрин санааларын туруорсуу Саха АССР экэниэмикэтигэр уонна култууралыы олоҕор-дьаһаҕар харгыстары үөскэтэрин эппиттэр. Ол гынан баран, өрөсөлүүссүйэҕэ бастаанньаны күүс өттүнэн хам баттыыр туһунан этиилэр киирбэтэхтэр.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 4 — Конфедералистар холбоһуктаах мунньахтарыгар «Саҥа сахалар национальнай сэбиэскэй социалистыы орто уонна дьадаҥы бааһынайдар баартыйалара» («Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства») тэриллибит.
  • Ахсынньы 19 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • Михаил Арцыбашев (1878 төр.), нуучча суруйааччыта, драматург уонна публицист.

Литература

  • Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.