Потапов Серафим Георгиевич
Потапов Серафим Георгиевич — Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ.
Кини 1904 сыллаахха реальнай училищены бүтэрбитэ.
1920—22 сылларга БСК(б) баартыйаҕа хандьыдаат. 1922 сыллаахха үрүҥнэр үрүҥнэри утары сэриигэ көхтөөхтүк кыттыбыта. Итинтэн кэлин, 1922-26 сыллардаахха I Москубатааҕы Государственнай университет сэбиэскэй правоҕа факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1926—29 сыллардаахха Саха АССР Главсудугар бастаан прокурор көмөлөһөөччүтүнэн, онтон прокурорунан итиэннэ облглавлит сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.
1929 сыл муус устарга БСК(б)П Намнааҕы ячейкатын секретарынан үлэлээбитэ. Ити сыл бүтэһигэр БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун информационнай отделын сэбиэдиссэйэ буолбута. 1929—31 сылларга Саха КСК сэкиритээрэ, Саха АССР Совнаркомун консультаана. 1931 сылтан «Автономная Якутия» хаһыат рабселькоровскай отделын сэбиэдиссэйэ. 1931 сыл бүтэһигиттэн Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатын, онтон кыһа Москубатааҕы отделениетын дириэктэрэ (1938 сыл ыам ыйыгар диэри).
1930-32 сыллардаахха Саха кыраайын үөрэтэр уопсастыбаны салайбыта.
1938 сыллаахха репрессияҕа түбэспитэ. Бэс ыйын 23 күнүгэр Москубаҕа «саха буржуазнай омугумсуйар өрөбөлүүссүйэни утарар подпольетын кыттыылааҕын быһыытынан» тутуллубута (П. А. Ойуунускайдыын, Г. В. Ксенофонтовтуун). 1938 сылллаахха тохсунньу 19 күнүгэр 10 сылга лааҕырга ууруллубута, 5 сылга бырааба быһыллыбыта, мала-сала конфискацияламмыта. 1939 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр Халыма лааҕырыгар аҕалыллыбыта. Мас кэрдээччинэн, сир хаһааччынан үлэлээбитэ. 1941 с. ахсынньыга Халымаҕа хаайыыга сутаан өлбүтэ[1]. Өлбүт күнэ-дьыла, ханна көмүллүбүтэ биллибэт[2].
1957 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр, буруйа суоҕа быһаарыллан реабилитацияламмыта. ССКП Москуба куораттааҕы комитета кинини партияҕа чөлүгэр түһэрбитэ.
С. Г. Потапов 20-тэн тахса кинигэни уонна брошюраны 500-тэн тахса ыстатыйаны суруйан бэчээттэппитэ[3].
Айымньылара
- Охотские тунгусы // Якутские зарницы. 1926. № 3. С. 27-29;
- Иностранный ученый мир о литературе национальных меньшинств СССР: (Обзор печати) // Автономная Якутия. 1927. 6 марта;
- Обзор литературы о Китае // Автономная Якутия. 1927. 27, 30, 31 марта;
- В Якутской комиссии Академии наук СССР // Автономная Якутия. 1930. 25 февр.;
- Герои гражданской войны в Якутии. Якутск, 1931;
- Бойцы социалистической стройки Якутии: Очерк. Якутск, 1931;
- Об итогах VII Всеякутского съезда Советов. Якутск, 1931;
- Народности севера Якутской АССР на путях к социализму. Якутск, 1932 (Н. Алексеевтыын);
- Национальное искусство Якутии. Якутск, 1932; Якутская картинная галерея. Б. м., 1932;
- Якутская АССР: Учебное пособие по краеведению для 3-4 класса начальной школы. Якутск, 1935 (сахалыы).
Кини туһунан
- Сафронов Ф., Алексеев Н. Краевед, журналист, историк // Социалистическая Якутия. 1967. 28 июля;
- Синеглазова В. Ты помнишь, товарищ…: (Восп.). Якутск, 1967. С. 91, 94, 102;
- Алексеев Н. Талантливый журналист и краевед // Полярная звезда. 1969. № 1. С. 112—116;
- Советские историки-якутоведы, 1973. С. 58-60;
- Алексеев Н. М. С. Г. Потапов — журналист и краевед. Якутск, 1976;
- Иванова, 1998. С. 93-94, 96, 101, 207—208, 260—261.
Быһаарыылар
- ↑ Люди и судьбы. Биобиблиографический словарь востоковедов — жертв политического террора в советский период (1917—1991) — БЕЛЕНЬКИЙ А — ПИТАДЕ Г. А и др.
- ↑ Krakowiecki A. Książka o Kolymie. Londyn, 1950, str. 98-103. (бу Кучиньский А., Сибирь: 400 лет польской диаспоры. Антология. М. МИК. 2015 ISBN 978-5-87902-339-8 диэн кинигэттэн ылылынна)
- ↑ Үөһээ Бүлүү 1917—1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |