1941 сыл
Сыллар |
---|
1937 1938 1939 1940 — 1941 — 1942 1943 1944 1945 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1941 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Франция-Таиланд сэриитэ: Франция Виши бырабыыталыстыбатын сэриилэрэ Таиланд Хоруолун флотун урусхаллаабыттар.
- Британия Наассыйаларын Холбоһугун сэриилэрэ Ливия Тобрук куоратын Италия сэриилэриттэн былдьаабыттар.
Олунньу
- пенициллин көмөтүнэн эмтээн үтүөрдүбүттэр.
- Олунньу 25 — Нидерлааҥҥа бобуллубут хомуньуус баартыйа ньиэмэстэр оккупациялаан олорор Амстердамнарыгар бүттүүн забастовканы тэрийбит. Забастовка нацистар Голландия дьэбириэйдэрин сойуолаһыыларын утары тэриллибитэ.
Кулун тутар
- Кулун тутар 1 — Аан дойду иккис сэриитэ: Болгария Тройственнай пакт диэн докумуоҥа илии баттаан Германия, Италия уонна Япония өттүлэригэр буоларын биллэрбит.
- Кулун тутар 2 — Аан дойду иккис сэриитэ: Германия сэбилэниилээх күүстэрэ Болгарияҕа киирбиттэр.
- ленд-лиз туһунан сокуону ылыммыт. Бу сокуонунан сэрии сэбин уонна байыаннай матырыйааллары Британия хоруонатыгар киирэр дойдуларга уонна Кытайга иэс биэрэри көҥүллээбиттэрэ. Бу сыл алтынньыгар сокуоҥҥа Сэбиэскэй Сойууһу киллэрбиттэрэ.
От ыйа
- От ыйын 10 — Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Смоленскайдааҕы кыргыһыы саҕаламмыт.
Алтынньы
- Алтынньы 16 — Москубаҕа ньиэмэс аармыйата чугаһаабытыгар, үрдүкү салалта Куйбышев куоратыгар кистэлэҥ эвакуациятын кэнниттэн паника саҕаламмыт. Куоракка улахан аймалҕан, анархия буолбут, сүүһүнэн тыһыынча салайар үлэһит дьиэ кэргэттэрин кытары Москубаттан күрээбиттэр. Үс-түөрт хонугунан кытаанах миэрэлэр ылылланнар бэрээдэк олохтоммут, уулуссаҕа байыаннай уонна милиция патруллара тахсыбыттар.
- Алтынньы 19 — Москубаҕа осада балаһыанньата биллэриллибит. Паниканы, анархияны, халабыры уонна маассабай дезетирдааһыны тохтотууга кытаанах миэрэлэр ылыныллыбыттар.
- Алтынньы 30 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт ленд-лиз быһыытынан кыттыгастыы дойдуларга 1 миллиард дуоллардаах көмө оҥорорго дьаһайбыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 7 — Иккис аан дойду сэриитэ: «Армения» диэн госпиталь хараабылы ньиэмэс сөмүөлүөттэрэ тимирдибиттэр. Кырыымтан эвакуацияланан испит 5000 кэриҥэ киһи өлбүт.
- Сэтинньи 7 — Москуба кыргыһыытын кэмигэр Кыһыл болуоссакка Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24-с сылын бэлиэтиир байыаннай бараат буолбут. Бу бараат сэрии саамай ыарахан түгэнигэр Кыһыл Аармыйа уонна норуот сүргэлэрин көтөҕүүгэ улахан суолталаах буолбута.
- Сэтинньи 10 — Кыһыл аармыйа Тихвин аннынааҕы утары кимэн киириини саҕалаабыт.
- Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: Москуба аттыгар ол сыл аан бастаан тымныйыы буолбут (−12° C), сылаас таҥаһа суох ньиэмэстэри утары Кыһыл аармыйа хайыһардаах чаастарын бырахпыттар.
- Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй «Червона Украина» кириэйсэр Севастополь иһин кыргыһыы кэмигэр тимирбит.
- Коминтерн утары пакт диэн сөбүлэҥҥэ холбоспуттар. Маны таһынан сөбүлэҥҥэ Япония оккупациялаабыт Кытай сорҕото киирбитэ. Бу сөбүлэҥи бастаан Германия уонна Япония 1936 с. түһэрсэллэригэр Сэбиэскэй Сойууһу утары хайысхалаах этэ, ол иһин "хомуньуус идеологията аан дойдуга тарҕаныытын хааччахтыырга" диэн соруктааҕа, кэлин 1939 с. Германия уонна ССРС ыккардыларыгар атын сөбүлэҥ (Риббентроп-Молотов пакта) түһэрсиллибитин кэннэ, Британияны уонна атын арҕаа дойдулары утары хайысхалана сылдьыбыта.
- Пёрл-Харборга айанын саҕалаабыт.
Ахсынньы
- Ахсынньы 5 — Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Москуба иһин кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа ньиэмэстэри утары кимэн киириини саҕалаабыт.
- Ахсынньы 7 — Дьоппуон Императорскай флота АХШ Гавайитааҕы Перл-Харбор байыаннай баазатыгар соһуччу саба түспүт. Түмүгэр АХШ Чуумпу далайдааҕы флотуттан 4 линкор тимирдиллибит, өссө 4 линкор алдьаммыт, элбэх атын хараабыл кэккэттэн тахсыбыт. Ол эрэн сүрүн күүс — авианосецтар — бу кэмҥэ атын сиргэ баар буолан биэрбиттэр. Бу күн АХШ Дьоппуоҥҥа сэрии биллэрэн Аан дойду иккис сэриитигэр кыттыспыт.
- Ахсынньы 8 — Перл-Харборга АХШ флотун урусхаллааһын сарсыныгар Дьоппуон сэриилэрэ Европа импиэрийэлэрин Азиятааҕы холуонньаларыгар биир бириэмэҕэ саба түспүттэр. Ол иһигэр Шанхайдааҕы дойдулар ардыларынааҕы олохсуйууга, Малайзияҕа, Сингапурга, Гонкоҥҥа, Таилаҥҥа уонна Филиппиныга. Өссө биир нэдиэлэнэн Голландия Ост-Ииндийэтигэр (Индонезияҕа ) сэриинэн барбыттара. Түөрт сылынан Аан дойду иккис сэриитигэр Дьоппуон кыайтарбытын кэннэ колонизатордар ити дойдуларга төннө сатаабыттара да кыаллыбатаҕа.
- Ахсынньы 9 — Елец уонна Венев куораттар ньиэмэстэртэн босхоломмуттар.
- Ахсынньы 11 — Германия уонна Италия Америка Холбоһуктаах Штааттарыгар сэриини биллэрбиттэр. АХШ эмиэ сэриини биллэриинэн хоруйдаабыт.
- Польша Дьоппуон импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит.
- Ахсынньы 12 — Солнечногорскай уонна Сталиногорскай ньиэмэстэртэн босхоломмуттар.
- Ахсынньы 25 — Керчь-Феодосия десаан эппэрээссийэтэ саҕаламмыт.
- Гонконг иһин кыргыһыы түмүктэммит, куораты дьоппуоннар оккупациялаабыттар.
- Ахсынньы 27 — билиэнтэн босхоломмут Кыһыл Аармыйа сулууспалаахтарыгар анаан сүүмэрдиир лааҕырдары оҥорор, кинилэр истэриттэн үспүйүөннэри уонна дезертиирдэри булар туһунан № 1069сс нүөмэрдээх ГКО уурааҕа тахсыбыт.
- Феодосия куоракка сэбиэскэй десант түһэриллибит.
Төрөөбүттэр
- Прокопьев Прокопий Яковлевич (Чуукаар) — саха суруйааччыта, тылбаасчыт.
- Тохсунньу 5 — Хаяо Миядзаки — дьоппуон аниме режиссёра, продюсер, сценарист, суруйааччы уонна мангака.
- Тохсунньу 12 — Кейметинов Василий Спиридонович — Баргачан, эбээн поэта, суруйааччыта, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата.
- Олунньу 7 — Кондрашова-Доброскок Галина Андреевна, А. С. Пушкин аатынан Государственнай Нуучча драматическай театрын артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа.
- Олунньу 17 — Томилова Раиса Ивановна, Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ким Чен Ир — 1994—2011 сылларга Хотугу Кэриэйэ басхана.
- Олунньу 27 — Оконешникова Анастасия Петровна, уйулҕа үөрэҕин билимнэрин доктора, Хотугу Илин Федеральнай Университет профессора.
- Кулун тутар 3 — Айсен Дойду — бэйиэт, прозаик, драматург, киносценарист, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ киинэ уһулааччыларын сойууһун чилиэнэ.
- Кулун тутар 4 — Элгээйигэ Прокопий Иванов — зоотехник учуонай, СӨ хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- Кулун тутар 6 күнүгэр Бүлүү улууһун Кыргыдайыгар Алексеев Иван Егорович — Хомус Уйбаан, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, РФ уонна CӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СГУ профессора.
- Кулун тутар 21 — Григорьева Люлия Николаевна, Саха Сирин ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ.
- Муус устар 7 — Федоров Афанасий Семенович, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- Бэс ыйа — Поликарпов Егор Михайлович — саха биллиилээх мелодиһа.
- Бэс ыйын 22 — Харитонов Павел Николаевич — Ойуку, поэт, прозаик, литератураны ырытааччы.
- Балаҕан ыйын 30 — Мыреева Анастасия Никитична, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора.
- Алтынньы 28 — Светлана Николаева — 1986-1991 сылларга Саха АССР култууратын миниистирэ, СӨ народнай хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, Амма улууһун Ытык олохтооҕо.
- Сэтинньи 15 — Гоголев Анатолий Игнатьевич, этнограф, история билимнэрин доктора.
- Ахсынньы 29 — Абый нэһилиэгин Муҥурдааҕар Николай Соломов — 1998 с. Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрин палаататын бэрэстээтэлэ, Арассыыйа Федеральнай Мунньаҕын Сүбэтигэр Саха Сириттэн чилиэнэ, 2003—2005 сс. — Ил Түмэн үһүс ыҥырыытын бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр
- Ионова-Андросова Мария Николаевна (1864—1941), олоҥхоһут, ырыаһыт.
- Абрамов Николай Алексеевич — Кынат (1868—1941), биллиилээх олоҥхоһут.
- Эмануил Ласкер (1868 төр.), ньиэмэс саахыматчыта уонна математига, саахымакка аан дойду иккис чөмпүйүөнэ (1894 сылтан 1921 сылга диэри).
- Атырдьах ыйын 31 — нуучча поэтессата Марина Цветаева
- Алтынньы 9 — Романов Никон Семенович, саха маҥнайгы учуонайдарыттан биирдэстэрэ.