Кулун тутар 4

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 63-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 64-c күнэ). Сыл бүтүө 302 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха ӨрөспүүбүлүкэтэТабаһыт күнэ (2021, кулун тутар бастакы субуотатыгар бэлиэтэнэр)
  • БеларусьFlag of Belarus.svg Беларусь — Милиисийэ күнэ
  • ЛитваКазюк эбэтэр Казюкас дьаарбаҥката
  • ПольшаFlag of Poland.svg Польша — Сибэтиэй Казимир күнэ
  • Earth flag PD.jpg Уойууну утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1238Бату Хаан биир аттаах түмэнэ Владимир-Суздаль кинээһин Юрий Всеволодович сэриитин Сить өрүскэ (билиҥҥи Ярославскай уобалас хоту өттө) буолбут кыргыһыыга үлтүрүппүт. Бу нууччалар утарылаһыыларын тиһэх кыргыһыыта этэ, ол кэнниттэн Русь икки үйэ тухары Монгуол импиэрийэтин сорҕотунан буолбута.
  • 1386 — Владислав II Ягелло (Йагаалла, Ягайло) Польша хоруола буолбут.
  • 1493 — айанньыт Христофор Колумб «Нинья» хараабылынан Лиссабоҥҥа (Португалия) Кариб байҕалын арыыларыттан төннүбүт.
  • 1519Эрнан Кортес ацтектар уонна кинилэр баайдарын-дуолларын көрдөөр соруктаах Миэксикэ кытылыгар тиксибит.
  • 1665Англия хоруола Карл II Нидерландыга сэрии биллэрбит, Англия уонна Голландия ыккардыларыгар иккис сэрии саҕаламмыт.
  • 1789Нью-Йорка АХШ бастакы Кэнгириэһэ мустубут.
  • 1877Петр Чайковскай «Кубалаах күөл» (нууч. Лебединое озеро) балета аан бастаан көрдөрүллүбүт.
  • 1882Лондон илин өттүгэр Британияҕа бастакы электрическэй трамвай сырыыта саҕаламмыт.
  • 1921Абхазияҕа сэбиэскэй былаас олохтоммут. Абхазскай ССР үөскээбит.
  • 1923Ефим Курашов этэрээтэ Амма сэлиэнньэтиттэн 18 биэрэстэлээх сиргэ Саһыл Сыһыыга төгүрүктээһиҥҥэ 18 хонук олорбут Иван Строд этэрээтин быыһаабыт.
  • Семен Канин баһылыктаах үрүҥ этэрээтэ Орто Халыманы ылбыт. Ревкомовецтары уонна атын кыһыллары өлөрбөтөхтөр, үүрэн эрэ кэбиспиттэр.
  • 1929 — Сэбиэттэр VI сийиэстэрэ буолбут. Сийиэс 1929 сылга ходуһаны, бааһынаны уонна уһаайба сирдэрин хаттаан үллэрэргэ диэн быһаарыы ылбыт.
  • Тбилиси дьалхаана: кулун тутар 10 күнүгэр тохтотуллубута.
  • 1990 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
    • Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытыгар быыбар буолбут. Манна дьокутаатынан кимнээх талыллалларыттан сүрүн мөккүөр түмүгэ тутулуктааҕа: Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлэ ким буолуохтааҕа быһаарыллыбыта — обкуом бастакы сэкиритээрэ Уйбаан Уһуунускай, Аммаҕа суруйааччы Баһылай Харысхал, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Андрей Борисов (хос быыбарга) уо.д.а. эдэр дьон. Онон бу саҥа дьокутаат куорпуһа муус устар 25 күнүгэр Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн улахан утарылаһыыта суох талбыта[1].
  • 2012 — Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин быыбара. Владимир Путин үһүс болдьоххо талыллыбыт.
  • 2012Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыгынан талыллыбыт.
  • 2018 — МИ-6 урукку үспүйүөнүн Сергей Скрипалы уонна кини кыыһын Солсбери куоракка сүһүрдэн өлөрө сатаабыттар, бу түбэлтэ улахан айдааны таһаарбыта, таарыллыбыт дойдулар бэйэ-бэйэлэрин дипломааттарын сорохторун үүртэлээбиттэрэ.

Төрөөбүттэр

  • 1918 — Георгий Борисов — саха суруйааччыта, тылбаасчыт (2000 с. өлб.).
  • 1923 — Надежда Шепелева — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа (2013)
  • Поль Мориа (Paul Mauriat, 3.11.2006 өлб.) — француз композитора, аранжировщик уонна дирижёр.
  • 1937 — Владимир Иванов-Унаров, саха искусствоведа, билим хандьыдаата, Арассыыйа художниктарын сойууhун чилиэнэ
  • 1941 — Элгээйигэ Прокопий Иванов - зоотехник учуонай, СӨ хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Өлбүттэр

  • 1852 — урукку ааҕыынан олунньу 21 күнүгэр Москубаҕа Николай Гоголь (1.04.1809 төр.) — нуучча классик суруйааччыта, драматуур, бэйиэт.
  • 1990 — Елизавета Убрятова (27.10.1907 төр.) — филология билимин дуоктара, профессор.
  • 2000 — Николай Емельянов (08.01.1921 төр.) — филология билимин дуоктара
  • 2004 — Владимир Ларионов — СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН академига, СӨ Академияларын чилиэнэ, техническэй наука дуоктара, профессор.
  • 2007Гавриил Попов (19.09.1930 төр.) — саха тылын-өһүн төрдүн чинчийбит учуонай, бастакы саха тылын этимологиятын тылдьытын ааптара, филология билимин хандьыдаата, кыраайы үөрэтээччи.


  1. Николаев Иван Игнатьевич Новый депутатский корпус // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 73-76. — 624 с. — 3000 экз.