Муус устар 5

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 95-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 96-c күнэ). Сыл бүтүө 270 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Аан дойдуга Миин күнэ бэлиэтэнэр[1].

Түбэлтэлэр

  • 1242 — Мууска кыдыйсыы (Чудь күөлүгэр кыргыһыы). Александр Невскэй баһылыктаах Новгород уонна Владимир куораттар сэриилэрэ Ливон уордьанын рыцардарын кыайбыттар.
  • Константинопольга сэриинэн тиийбит, ыам ыйын бүтүүтүгэр куораты ылбыт.
  • 1812 — Арассыыйа уонна Швеция Францияны утары сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • 1814 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I союзниктар (Арассыыйа, Пруссия, Австрия уонна Британия) баһылаан олорор Парижтарын сэриилии бараары гыммытыгар генераллара сөбүлэспэтэхтэр. Онтон сылтаан ыраахтааҕы бөрүстүөлүттэн батыммыт.
  • 1918 — Дьоппуон аармыйата хараабылларынан устан кэлэн Владивостокка түспүт.
  • 1930 — ЯЦИК №23-дээх уурааҕынан Дьокуускайга орто анал техническэй үөрэх политехникума аһыллыбыт. Салаалара — индустриальнай, тыа хаһаайыстыбата, педагогика, медиссиинэ уонна кооперативнай. Сайын бу политехникум оннугар техникумнар ситимнэрин үоскэппиттэрэ, саҥа техникумнар ведомстволарга сыһыарыллыбыттара.
  • 1933 — "Амма олоҕо" Амма улууһун хаһыатын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
  • 1941Германия уонна Италия сэриилэрэ Югославияҕа уонна Грецияҕа саба түспүттэр.
  • 1945Сэбиэскэй Сойуус Японияны кытта 1941 сыллаахха кулун тутар 13 күнүгэр түһэрсибит саба түспэт туһунан сөбүлэҥин суох гыммыт (денонсация).
  • Тимптон оройуонун салаатын оперуполномоченнайынан үлэлээбитэ.
  • 1946 — киирбиттэрэ биир сыл буолан баран сэбиэскэй аармыйа чаастара Дания Борнхольм арыытыттан тахсан биэрбиттэр.
  • 1951Тымныы сэрии: Этель уонна Юлиус Розенбергтэри Сэбиэскэй Сойуус туһатыгар үспүйүөннээбиттэрин иһин АХШ суута өлөрөргө уураахтаабыт.
  • 1961 — АХШ бэрэсидьиэнэ Кеннеди Куубаны утары байыаннай эпэрээһийэни көҥүллээбит.
  • 1971Михаил Сергеев (06.10.1926 төр.), «Якуттяжстрой» тутуу управлениетын 1 №-дээх СУ слесардарын биригэдьиирэ Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
  • 1976 — Чжоу Эньлай диэн тохсунньуга өлбүт Кытай бэлиитигин кэриэстээн Тяньанмынь диэн Пекин киин болуоссатыгар 2 мөлүйүөн кэриҥэ киһи тахсыбыт. Митинг кэмигэр Кытай салалтатын, Мао Цзедуну утары лозуннар этиллибиттэр.
  • ВАЗ-2121 «Нива» массыына тахсыбыт.
  • 1980ССРС уонна Афганистан сэбиэскэй сэбилэниилээх күүстэр Афганистааҥҥа киирэллэрин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • РСФСР Үрдүкү сэбиэтэ Борис Ельциҥҥэ чрезвычайнай боломуочуйа биэрбит.
  • 2017 — Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр, Көчүктэй алааска биллиилээх тюрколог, РСФСР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара Евдокия Коркинаҕа мэҥэ таас ууруллубут.

Төрөөбүттэр

  • 1955 — мангака Акира Торияма, Японияҕа Айти префектураҕа.
  • 1955 — Пермь куоракка Вячеслав Горе́лов – нуучча түмэт урбаанньыта, “Фермердэр оскуолалара” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттээччитэ.
  • Кирсан Илюмжинов, ФИДЕ бэрэсидьиэнэ (1995—2018).

Өлбүттэр

  • Чан Кайши (1887 төр.), Кытай байыаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
  • Сол Беллоу (төрүүрүгэр Соломон Белоус; 1915 төр.), АХШ суруйааччыта, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1976).