1946 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1942 1943 1944 1945 — 1946 — 1947 1948 1949 1950
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1946 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

  • Олунньу — Гражданскай авиация Саха Сиринээҕи дьаһалтата тэриллибит.
  • Олунньу 1
    • Трюгве Ли ХНТ бастакы генеральнай сэкиритээрэ буолбут.
    • Венгрия өрөспүүбүлүкэ буолбут.
  • Олунньу 2 — Соҕуруу Сахалин уонна Курил арыылара ССРС састаабыгар киирэллэрин туһунан ыйаахха илии баттаммыт.
  • Олунньу 14Америкаҕа Пенсильвания университетыгар бастакы электроннай көмпүүтэр ENIAC (Electronic Numerical Integrator and Computer) көрдөрүллүбүт.
  • Олунньу 18Бомбей хомотугар Хоруол Ииндийэтээҕи флотун моряктара өрө турбуттар. Сотору кэминэн өрө туруу Британия Ииндийэтин атын сирдэринэн тарҕаммыта.

Кулун тутар

Муус устар

Алтынньы

  • Алтынньы 2АХШ-га «Ыраах томтор» диэн бастакы «мыыла операта» жанрдаах сериал премьерата буолбут.
  • Алтынньы 22Германияҕа Сэбиэскэй Сойуус оккупациялыыр зонатыгар «Осоавиахим» диэн операция ыытыллыбыт. Хас эмэ тыһыынча техничэскэй специалист ССРС-ка үлэҕэ ыытыллыбыттар. Ити саҕана АХШ уонна Улуу Британия эмиэ ньиэмэс специалистарын бэйэлэригэр көһөрөн ылаллар этэ.
  • Алтынньы 24АХШ-ка Фау-2 ракета 105 км үрдүккэ күөрэйэн тахсыытыгар ракетаҕа олордуллубут фотокамера бастакынан Сири космостан хаартыскаҕа түһэрбит.

Сэтинньи

Ахсынньы

  • Ахсынньы 11ХНТ Оҕо пуондата эбэтэр ЮНИСЕФ — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ баар буолбут.
  • Ахсынньы 19 — Франция урукку колониятын Индокитайы бэйэтин былааһыгар төннөрөр сыаллаах сэрии саҕалаабыт. Аҕыс сыллаах босхолонуу сэриитин Хо Ши Мин баһылыктаах Вьетнам хомуньуустара уонна националистара ("Вьетминь" хамсааһын) кыайбыттара.
  • Ахсынньы 25 — ССРС-ка И. В. Курчатов салалтатынан Европаҕа бастакы ядернай реактор үлэтин саҕалаабыт.

Төрөөбүттэр

  • Тохсунньу 2Готовцев Михаил Николаевич (төр. 1946) — Российскай Федерация Үлэтин Геройа (2014), Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
  • Тохсунньу 5 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссертацията олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
  • Олунньу 7Баһылай Босяк — бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.
  • Гавриил Адамов (Сайдам), учуутал, суруйааччы, түмэт дьайыксыт, СӨ үөрэҕин туйгуна[1].

Өлбүттэр

  • Николай Бурденко (1876 төр.), хирург, сэбиэскэй нейрохирургияны төрүттээччи, ССРС Мэдиссиинэ билимнэрин акадьыамыйатын бастакы бэрэсидьиэнэ (1944—1946).
  1. Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам // Чурапчы – уран тыл биһигэ : антология / хомуйан оҥордо М. Н. Кузьмина. – Чурапчы, 2019 (Дьокуускай). – С. 35-38.