Босиков Василий Иванович

Босиков Василий Иванович — Босяк (1946 сыл олунньу 7 күнэ, Дүпсүн нэһилиэгэ, Саха АССР2008 сыл муус устар 29 күнэ) — бэйиэт, 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх учуутала[1].

Олоҕун олуктара

1946 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр Уус-Алдан улууһунДүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Василий Босиков айар үлэнэн 1964 сылтан дьарыктанар. Ити сыл «Эдэр коммунист» хаһыакка кини хоһоонноро тахсыбыттара.

1973 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Бу сылга Мүрү орто оскуолатыгар учууталлаабыта.

1974 сылтан 1978 сылга диэри Уус Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгин ситэтэ суох орто оскуолатын нуучча тылын, литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ. 1978 сылтан Дьокуускай 14-с оскуолатыгар саха тылын учуутала[2].

1988 сыллаахха «Угуйар саҕах» диэн бастакы хомуруунньуга тахсыбыта.

II-с «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларын өрөгөйүн ырыатын ааптара.

2008 сыллаахха муус устар ый 29 күнүгэр өлбүтэ.

Библиографията

  • Угуйар саҕах. — Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1988. — 64 с.
  • Барыта эйиэхэ ананар: хоһооннор. — Боровой, 1992. — 64 с.
  • Эн мичээрин = Твоя улыбка = Ton sourire: лирич. стихи. — Якутск: Изд-во «Якут, писатель», 1995. — 190 с. — Сахалыы, нууччалыы, фр.
  • Уолукпар оргуйар санаалар: хоһооннор. — Дьокуускай: Бичик, 1996. — 96 с.
  • Суруллубут суоруллубат: (ыстатыйалар, этиилэр, ахтыылар). — Дьокуускай: Бичик, 2002. — 143 с.
  • Ыра санаам кыната: хоһооннор / [хомуйан оҥордо У. В. Заболоцкая ; Е. П. Неймохов киирии тыла]. — Дьокуускай: Бичик, 2008. — 79 с[3].

Дьиэ кэргэнэ

Наҕараадалара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала (1993 сыл).

Быһаарыылар

  1. Василий Босиков — Босяк // Писатели Якутии, pnbglaz.narod.ru(нууч.)
  2. Заболоцкая Ульяна Васильевна Поэт уонна учуутал: (Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, поэт В. И. Босиков оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга опытыттан). — Дьокуускай, 2001. — ISBN 5-87267-100-8
  3. Электронная библиотека "Усть-Алданской МЦБС" - Айар тыл уустара(биллибэт). e.uacbs.ru. Сигэнии күнэ: 30 Атырдьах ыйын 2026.

Литература

  • Писатели земли Олонхо. Якутск, 2000